Киир

Киир

Саха сиригэр алтынньы 30-сэтинньи 7 күннэригэр, дойдуга курдук хамсыгынан сибээстээн уһун өрөбүллэр биллэриллэллэр. Өрөбүллэргэ хамнас толору төлөнүөхтээх. 

Өрөбүллэр хамсык тарҕаныытын тутар сыаллаах биллэриллэллэр, онон хааччахтар күүһүрэн биэрэллэр. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ хамсых хобдох рекордара олохтоноллор, ыараханнык ыалдьааччы, суорума суолланааччы ахсаана түспэт. Онон өрөбүллэргэ дьиэҕэ олоруохпутун наада.

Ил Дархан Айсен Николаев таһаарбыт уурааҕар этиллибит тэрилтэлэртэн ураты бары сабыллыахтара. Эргиэн кииннэригэр аптекалар, бородуукта маҕаһыыннара, саамай наадалаах табаарынан эргинэр туочукалар, эрэстэрээннэр уонна кафелар эрэ үлэлиэхтэрэ, кинилэр куар-кодунан эрэ киллэриэхтэрэ. Онуоха социальнай дистанцияны туһаныы, саала аҥаарыгар эрэ дьону түмүү тутуһуллуохтаахтар. Оттон атын эргиэн кииннэрэ, аһы-үөлү атыылаабат супермаркеттар уонна да атын маҕаһыыннар сабыллаллар. Табаары тиэрдэр сулууспалар, маны таһынан өҥөнү дистанционнайдык оҥорор тэрилтэлэр бу хааччахха хаарыллыбаттар. 

Кимнээх үлэлииллэрий?

— олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар тэрилтэлэр;

— тохтоло суох үлэлиир тэрилтэлэр;

— мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ;

— балыыһалары кислородунан хааччыйар бырамыысалыннас тэрилтэлэрэ;

— аптекалар (ол иһигэр эргиэн кииннэригэр баар аптекалар);

— бородуукта маҕаһыыннара;

— саамай наадалаах табаардарынан эргинэр маҕаһыыннар, маныаха ассортименнарыттан оннук табаар 20 бырыһыантан кырата суоҕу ылар буолуохтаах;

— уопсастыбаннай аһатыыны тэрийэр тэрилтэлэр (кафелар, эрэстэрээннэр, остолобуойдар) сарсыарда 6 ч. киэһэ 22 ч. дылы куар-кодунан киллэрэллэр, эбэтэр 72 ч. иһигэр ПЦР анаалыһы туттарбыт дьоону. Оттон чайнойдар хааччаҕа суох үлэлииллэр;

— фудкортар бэлэм аһы таһыгар таһааран атыылыахтарын сөп;

— култуура тэрилтэлэрэ куар-кодтаах, ПЦРдаах үлэлииллэр.

—хостеллар, көстүүнэйдэр;

—онлайн үлэлиир маҕаһыыннар.

18 саастарыгар дылы оҕолор бибилэтиэкэлэртэн ураты хайаан даҕаны улахан дьон батыһыннарыытынан эрэ үөһэ ыйыллыбыт тэрилтэлэргэ сылдьыахтарын сөп.

Оскуолалар. уһуйааннар, эбии үөрэхтээһин кииннэрэ, успуорт куруһуоктара алтынньы 30 күнүттэн сэтинньи 7 күнүгэр дылы бары каникулга сабыллаллар. Арай уһуйааннарга үлэлиир төрөппүттэр оҕолоругар дьуһуурунай бөлөхтөр үлэлиэхтэрэ.

Кимнээх сабыллаллар?

— саамай наадалаах табаардары атыылыыр уонна бородуукта маҕаһыыннарыттан ураты бары маҕаһыыннар;

— эргиэн кииннэрэ, эргиэн-саататар кииннэрэ, эргиэн комплекстара;

— ырыынактар уонна дьаарбаҥкалар;

— парикмахерскайдар, кэрэ сэбэрэ салоннара, косметическэй, спа-кииннэр, массаж кэбиниэттэрэ;

— турбазалар уонна комплекстар, сынньалаҥ базалара;

— зоопаркалар;

— фитнес-клубтар уонна тренажернай саалалар, спортивнай саалалар, сабыылаах манежтар, хайыһар базалара, сабыылаах катоктар, спортивнай-сынньалаҥы тэрийэр тэрилтэлэр;

— аһаҕас хаҥкылыыр сирдэр, хайыһар прокаттара, муус, хайыһардыыр пааркалар;

— бассейннар;

— баанньыктар, сауналар, солярийдар;

— көмпүүтэр кулууптара, саалалара;

— букмекерскай хонтуоралар уонна тотализатордар, латырыайаны, сүүйүүлээх оонньууну тэрийэр тэрилтэлэр. 

— Өрөбүл күннэр ыйаахтарыгар киирбэтэх атын тэрилтэлэр. 

Өссө ханнык хааччахтар баалларый?

Бэрэсидьиэн ыйааҕынан аны 65 саастарыттан буолбакка. 60 саастарыттан быһыыны ылбатахтар, үлэлээбэт кырдьаҕастар, дьарҕа ыарыылаахтар дьиэҕэ олоруохтаахтар. Кинилэри 4 нэдиэлэҕэ тэйиччиттэн үлэлииргэ ыытыахтара (быһыыта суох буоллахтарына). Суотабай сибээһи, интэриниэти холбуур тэрилтэлэр 60 саастарыттан үөһэ дьон минуска бардахтарына өҥөнү оҥоруохтарын сөп.