Киир

Киир

Олоҕу таптыыбын – диэн ааттаах аһымал санаа пуондатын волонтердара Виктор Сергеев уонна Борис Кузнецов хаайыыга сылдьан сууттаммыттарs кытта көрсөн, үтүө санаа кэпсэтиилэрин ыыттылар.

Кинилэр, чуолаан уопсастыба инбэлииттэргэ сыһыанын ырыттылар. Бэйэлэрэ хайдах инбэлиит буолбуттарын, онтон ыла олоххо көрүүлэрэ хайдах курдук тосту уларыйбытын, олоҕу таптыыр, сыаналыыр буоларга үөрэммиттэрин туһунан кэпсээтилэр. Ыалдьыттар көҥүллэрэ хааччахтанан санаалара самна сылдьар дьоҥҥо, олох күндүтүн тиэрдэ сатаатылар, кинилэр бэйэлэрэ доруобуйаларынан төһө да хааччахтаах буоллаллар, олоҕу олус сөбүлүүллэрин сэһэргээтилэр, киһи ханнык да түгэҥҥэ олоххо тардыһыылаах, дьулуурдаах буолуохтааҕын туһунан истиҥник кэпсээтилэр.

Маннык көрсүһүүлэр ыалдьыттарга да, көҥүллэрэ хааччахтанан буруйдарын боруостуу сылдьар да дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө санаа сүмэтин дириҥник иҥэрэллэрэ туох да саарбаҕа суох.

Саха сиринээҕи УФСИН пресс-сулууспата

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар