ПАО «ЛОРП» пресс-сулууспата иһитиннэринэн, Жатай-Төхтүр-Жатай суолунан Өлүөнэ өрүс уҥуор массыыналары туоратыы сэтинньи 30 күнүгэр диэри уһаата. Манна «Капитан Бородкин» ледокол, «Механик Курчатов» буксир уонна «Жатай-1» баржа үлэлииллэр. Тиэйии сарсыарда 10 чаастан саҕаланар, оттон 12 чаастан Төхтүргэ турунар. Суукка иһигэр биир эргимтэни оҥороллор.
Билсэр нүөмэргит: 89141042971.
Л.Туктарова хаартыскаҕа түһэриитэ