Бу нэдиэлэҕэ социальнай ситимнэргэ, чааһынай оптуобустары бас билэр «Союзавто» кэммиэрчэскэйэ суох партнерство уопсастыбаҕа ыҥырыыта таҕыста. Манна кинилэр 2022 сыл тохсунньу ыйыттан куорат уопсастыбыннай тырааныспарыгар төлөбүр сыанатын үрдэтэргэ тыл көтөхтүлэр. Урбаанньыттар, төлөбүр намыһаҕыттан сылтаан тиэхинньикэ үчүгэй өрөмүөнү ааспатын, кыра хамнаска ким даҕаны үлэлиэн баҕарбатын туһунан эттилэр.
«Союзавто» сыаналыырынан, оптуобуска төлөбүр Саха сиригэр уматык сыаната сотору-сотору үрдүү турарынан сибээстээн 70 солк. буолуохтаах.
Дьокуускай куорат дьаһалтатын дааннайынан, бүгүҥҥү күн туругунан, куоракка оптуобус билиэтин сыаната бары тырааныспар каарталарын уонна чэпчэтиилэрин учуоттаан туран 23,4 солк. Бу Уһук Илиҥҥэ саамай чэпчэки тариф.
Куорат аҕа баһылыга Евгений Григорьев оптуобус суоппардарын этиилэрэ сыныйан үөрэтиллиэҕэ диэн эттэ. «Тариф уларыйыыта инфляцияҕа дьүөрэлии буолуохтаах. Биллэн турар тыйыс усулуобуйаны ыллахха, биһиги куораппытыгар оптуобус ороскуота үгүс буолан тахсар. Тариф сыыйа үрдүөхтээх. Эмискэ холустук буолбатах. Бу сытыы кыһалҕа – барыбытыгар. Биһиги көмүс ортону булуохтаахпыт. Тиэхиньикэни саҥардарга, дьоҥҥо үчүгэй хамнас төлүүргэ уонна биллэн турар куорат олохтоохторун бүддьүөттэригэр бу уларыйыы күүскэ охсуо суохтаах. Мин биири этэбин. Тариф хайдах да 70 солк. диэри үрдүө суоҕа!», - диэн тоһоҕолоон туран куорат аҕа баһылыга эттэ.
Дьокуускай куорат дьаһалтатын пресс-киинэ