Киир

Киир

Салалта хас биирдии үлэһиккэ болҕомтолоох, ытыктабыллаах сыһыаны тутуһарын, хорсун соруктары туруорунан олоххо эрэллээхтик киллэрэрин түмүгэр, “Саханефтегазсбыт” АУо генеральнай дириэктэрэ Виктор Лебедев салайар кэлэктиибигэр улахан аптарытыатынан туһанар. Бу кэнники 3 сыл устата тэрилтэ ситиспит үрдүкү кирбиилэрэ – салалта хампаанньа сайдыытыгар сөптөөх хайысханы тутуспутун ырылхай туоһута.
Ыспыраапка:
“Саханефтегазсбыт” АУо – уматык-оҕунуох матырыйаалынан Саха өрөспүүбүлүкэтин нэһилиэнньэтин, бүддьүөтүн эйгэтин, эрэгийиэн атыылаһааччыларын тиһигин быспакка уонна утумнаахтык хааччыйар, Сахабыт сиригэр ньиэп бородууктатын ырыынагын сүрүн кыттыылааҕа.
Хампаанньа устаабын хапытаала 100 % өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр киирэр, бэйэтэ туһунан хаһаайыстыбаннай үлэни ыытар бырааптаах тэрилтэ. “Саханефтегазсбыт” АУо урукку “Якутнефтепродукт” судаарыстыбаннай тэрилтэ базатыгар саҥардыллан тэриллибитэ. Ньиэп бородууктатынан хааччыйыы тиһигэр хампаанньа 20-ттэн тахса сыл үлэлиир, эрэгийиэн олоҕор улахан суолталаах стратегическай бородууксуйанан өрөспүүбүлүкэ кыһалҕатын 20-ттэн тахса бырыһыанын хааччыйар. “Саханефтегазсбыт” – өрөспүүбүлүкэбит былаһын тухары ньиэп бородууктатын биирдиилээн уонна кууһунан атыылыыр 19 нефтебазалаах, 97 АЗС-таах.
“Саханефтегазсбыт” АУо – социальнай хайысхалаах тэрилтэ. Кини биир сүрүн соруга – тэрилтэ профсойууһун кытта ыкса сыһыаны, биир сүбэни тутан, үлэ кэлэктиибин социальнай өттүнэн бигэ туруктаах оҥоруу.

 

Бастыҥтан бастыҥнар

2019 с. өрөспүүбүлүкэбит бырамыысыланнай тэрилтэлэрин ортотугар ыытыллыбыт “СӨ Профсойуустарын Федерациятын бастыҥ социальнай партнера” диэн куонкуруска “Саханефтегазсбыт” АУо кэлэктиибинэй дуогабара саамай бастыҥынан ааҕыллан, бочуоттаах бастакы миэстэни ылбыта. Уопсастыба үлэһиттэрэ эппиттэринэн, хампаанньа профсойууһун үлэтин саҥалыы тэрийэн үлэлэтии тэрилтэ генеральнай дириэктэринэн В.Лебедев анаммытын эрэ кэннэ саҕаламмыт.
Каадыр уонна социальнай боппуруостар отделларын салайааччыта Людмила Олеговна Якушкова маннык кэпсиир:
– Мин бу отдел салайааччытынан 2017 сылтан ыла үлэлиибин. Уопсастыбабыт каадырга уонна социальнай сыһыаҥҥа үлэтигэр кэнники 3 сыл иһигэр элбэх уларыйыы киирдэ. 2019 сылтан “Саханефтегазсбыт” АУо Профсойууһун бэрэссэдээтэлинэн Аяна Анатольевна Другина талыллыбыта. Кини бастакы талыллыбыт күнүттэн ыла үчүгэй тэрийээччи, көхтөөх уонна бигэ идиэйэлээх лиидэр буолара тута көстүбүтэ. Другина сылга хастыыта да биһиги филиалларбытыттан барыларыттан кэлэктиибинэй дуогабары тупсарарга, саҥардарга этиилэри, сайаапкалары хомуйар. Онно бырамыысыланнай куттал суох буолуутугар, дьиэ кэргэн, оҕо аймах уонна бэтэрээннэр өйөбүллэригэр туһуламмыт көдьүүстээх этиилэр тута болҕомтоҕо ылыллаллар. Бу маннык утумнаах үлэ түмүгэр, 3 сыл иһигэр дуогабарга үлэһиттэр социальнай балаһыанньаларын тупсарар 160 эбиини киллэрдибит. Ити Уопсастыба үлэһиттэрин көҕүлүүргэ улахан тирэх, стимул буолар.
 
 

Барыта дьон туһугар

WhatsApp Image 2021 11 29 at 13.07.18

Аяна Другина профсойуус бэрэссэдээтэлинэн та­лыл­лыаҕыттан кэлэктиипкэ хамаандалыы бигэ тыын үөс­күүрүгэр күүскэ үлэ­лэ­һэр. Бүгүн А.Другина маннык кэпсиир:
– Мин бастаан үлэлии кэлэн баран управление үлэһиттэрэ бары биир дьиэҕэ хастыы эмэ сыл бииргэ олорор эрээри, бэйэ-бэйэлэрин да кытта билсибэттэриттэн улаханнык соһуйбутум. Виктор Николаевич Лебедев миигин кэлэктииби түмэргэ күүстээх сорук туруорбута. Бу туһаайыыга элбэх үлэни ыытан баран билигин мин эрэллээхтик этиэхпин сөп, урукку ыһыллан олорбут кэлэктиип билигин биир дьиэ кэргэн курдук түмүстэ. Биһиги кэлэктииппит – олус талааннаах, түргэн-тарҕан, ыллам-дьэллэм, спортивнай тыыннаах. Ханнык баҕарар тэрээһини үлэһиттэрбит уоттаах харахтаах, төлөннөөх сүрэхтээх үөрэ-көтө ылсан толороллор. Ый аайы 3-4 тэрээһини хайаан да ыытабыт, онтубут сылга 120-ттэн тахса буолар. Ол иһигэр, бары судаарыстыбаннай бырааһынньыктар, флешмобтар, аахсыйалар, күөн-күрэстэр, өйү-санааны сайыннарар оонньуулар, күрэхтэһиилэр... Профсойуус көхтөөх үлэтэ нефтебазаларга эмиэ ыытыллар. Сыахтар профсойуустарын тэрилтэлэрин айар дьоҕурдаах, идиэйэлээх уонна ытыктанар дьон салайаллар. 20-ччэ сыл буолан баран, “Саханефтегазсбыт” АУо кэлэктиибэ аан бастаан Үс Хатыҥҥа бэйэтэ туспа түһүлгэлэннэ, онно биһиги Сахабыт сирин национальнай бырааһынньыгын – Ыһыаҕы – үөрэ-көтө бэлиэтиибит. Биһиги кэлэктиибинэн дуогабарбытыгар “бэс ыйын 21 күнэ, Ыһыах күнэ – кэлэктиипкэ өрөбүл күнэ” диэн саҥа пууну киллэрбиппит. Тэрилтэбит кэрэ аҥаардара бары сахалыы таҥас-сап тиктэн, симэх-киэргэл кэтэн сахалыы үҥкүүлэри үөрэтэбит. Урут онно ким да долгуйбат этэ. Кэлэктииппит өрөспүүбүлүкэ уонна профсойуус успуорка күрэхтэһиилэригэр барытыгар актыыбынайдык кыттар. Урукку сылларга онно дьону ааттаан-көрдөһөн туран кытыннарар эбит буоллахпытына, билигин онно кыттыан баҕалаах аһара элбээн, онтон матаран кими да хомоппот кыһалҕа турар.
Биһиги хампаанньабыт үлэтэ ньиэби-гааһы кытта ситимнээх буолан, дьон үксэ биһигини “аһара элбэх хамнастаахтара буолуо” дии саныыллар. Дьиҥинэн оннук буолбатах. Уопсастыба орто хамнаһа 65 тыһ. солк. курдук. Ол да буоллар, салалта уонна профсойуус хас биирдии үлэһиккэ болҕомтолоох сыһыанын, кыһамньытын, социальнай балаһыанньатыгар дууһатын уурарын түмүгэр, биһигиттэн үлэһиттэр барыылара, хамсааһыннара диэн суоҕун тэҥэ.
Салалта уонна профсойуус “биһиги үөрүүгэ да, хомолтоҕо да барытыгар бииргэ буолуохтаахпыт” диэн бигэ бириинсиби тутуһар. Кэлэктиибинэй дуогабарга үлэһит баһаарга түбэһэр, ыал буолар, оҕолонор, чугас киһитэ өлөр, эмтэнэр түгэнигэр, атын сиргэ көһөрүгэр харчынан көмө оҥоһуллара быһаччы суруллан сылдьар. Даҕатан эттэххэ, биһиги, профсойуустар, үлэһиттэрбит социальнай балаһыанньаларын тупсарар туһунан этиилэрбитин салалтабыт барытын өйүүр, ылынар.
Уопсастыбабыт генеральнай дириэктэрин быһаччы дьаһалынан, кэнники кэмҥэ бэтэрээннэрбитигэр улахан болҕомто ууруллар. Аҕа дойду улуу сэриитин, тыыл, “Саханефтегазсбыт” АУо бэтэрээннэрин чиэстиибит. Тэрилтэҕэ 30-тан ордук сыл үлэлээбит дьоҥҥо салалтабыт “Ветеран нефтепродуктообеспечения” диэн түөскэ кэтиллэр бэлиэлээх ааты иҥэрэр.
IMG 2729
 
Каадыр отделын начаалынньыга Л.Якушкова бэлиэтиир:

“Биһиги урукку үлэһиттэри чуолкайдыыр улахан үлэни ыыттыбыт. Биэнсийэҕэ тахсан олорор уонна билигин да үлэлии сылдьар 300-чэкэ бэтэрээннээхпит. Балаҕан ыйыгар – Ньиэп, гаас уонна уматык бырамыысыланнаһын үлэһиттэрин күнүгэр – биһиги бэтэрээннэрбитигэр, кэлэктиибинэй дуогабар быһыытынан, харчынан бириэмийэни уонна эбии социальнай көмөнү оҥоробут, тэрилтэбит быраа­һын­ньыктарыгар ыҥыран ыалдьыттатабыт, санаторийынан-куруордунан хааччыллыыларыгар чэпчэтиини көрөбүт, бэлэх биэрэбит. Үс сылга биирдэ үлэлиир уонна олорор бэтэрээннэрбитигэр профсойуус санаторийга путевкаларын төлүүр.

Элбэх оҕолоох үлэһиттэр­битигэр профсойуус бэрт истиҥ сыһыаннаах. Кинилэр оҕолорун эмтэтэ өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр барар буоллахтарына, путевкалара төлөнөр. Устудьуоннар өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр баар киин ВУЗтарга киирдэхтэринэ, кинилэр үөрэхтэригэр диэри бырайыастара биирдэ төлөнөр. Өскөтүн үлэһиккэ улахан ыарыы диагноһа турбут буоллаҕына, биир сылга 200 тыһ. солк. диэри көмө оҥоһуллар. Өскөтүн урукку дьылларга оннук көмө үлэһиккэ бэйэтигэр эрэ оҥоһуллан кэлбит эбит буоллаҕына, салалтаҕа Виктор Лебедев кэлбитин кэннэ, оҕо эмтэниитин төлөбүрэ эмиэ эбии көрүллэр буолла.

Уопсастыба үлэһиттэрэ дьиэлэрин-уоттарын тупсаралларыгар бырыһыана суох харчынан заем бэриллэр. Дьон үксэ бу харчыга тутуу матырыйаалын атыылаһар эбэтэр ипотека бастакы төлөбүрүн төлүүр. Хоту уонна Арктика улуустарыгар баар филиалларбыт болҕомто саамай үөһүгэр сылдьаллар. Кинилэр ханна да барбакка-кэлбэккэ тыа сиригэр олороллоругар, тупсаҕай дьиэнэн-уотунан хааччыллалларыгар тэрилтэбит улахан интэриэстээх.
 
 
 

Судаарыстыбаннай ыстандаардынан

WhatsApp Image 2021 11 29 at 13.07.41

“Генеральнай дириэктэр Виктор Лебедев “Саханефтегазсбыт” АУо-ҕа “проф­стандарт” ирдэбилэ хайаан да наадатын бэлиэтээбитэ уонна ону киллэрэри соруйбута. Онон биһиги үлэһит­тэрбит үөрэхтэрин таһымын, дуо­һунастарыгар төһө эппиэт­тэһэллэрин тургутар улахан үлэни түмүктээн эрэбит, каадыр эрэсиэрбэтин бэлэмниибит. Кэнники 3 сылга Уопсастыба дьоммут идэтийэн үөрэ­ниилэригэр, каадыр таһымын үрдэтиигэ элбэх үбүлээһини көрдө.
“Саханефтегазсбыт” АУо Уфатааҕы ньиэп судаарыстыбаннай тэхиниичэскэй Университетын кытта түһэрсибит дуогабарынан, биһиги филиалларбыт дириэктэрдэрин баһыйар үгүс өттө онно эбии үөрэхтээһини, хос бэлэмнэниини аастылар. 2021 сылтан тэрилтэбит орто сүһүөх үлэһиттэрин (мэхээнньиктэри, табаар оператордарын, слесардары, АХЗ оператордарын) таһымнарын үрдэтии, үөрэттэрии саҕаламмыта.
Хотугу улуустарга каадыр тиийбэт. Ол төрүөтэ, онно туһааннаах исписэлиистэр суохтар. Онон биһиги бакаансыйа дьаарбаҥкаларыгар мэлдьи кыттабыт. Ыраах чиэски сытар улууска ыччаты ыҥыран үлэлэтэр уустук. Ыччат барыта киин куоракка хаалыан баҕарар, тыа олоҕун ыарырҕатар. Дьиҥинэн, ыччат тыа сиригэр үлэлиирэ кини кэлин карьераны оҥороругар, идэтигэр туһааннаах уопуту ыларыгар туохха да тэҥнэммэт элбэҕи биэрэр” – диэн Людмила Якушкова кэпсиир.
Виктор Николаевич дьаһа­лынан, филиаллар салайааччылара хас сыл аайы дириэктэрдэр сийиэстэригэр управлениеҕа кэлэн, оҥоһуллубут үлэни отчуоттууллар, Уопсастыба кэлэр сыллааҕы былаанын, сыалын-садаачатын торумнаһаллар. Сийиэс түмүгүнэн боротокуол толоруллар, ону салгыы управление эппиэттээх структуралара, дириэктэрдэрэ чочуйан биэрэллэр. Ситэ быһаарыллыбатах боппуруос, кини хаһан бүтэһиктээхтик чочуллан-быһаарыллан бү­түөр диэри, боротокуолтан уһул­лубат.

 

Тымныы-тыйыс усулуобуйаҕа үлэлиир туһугар

Аяна Анатольевна филиаллар анал таҥаһынан (спецодежда) хааччыллыыларыгар ураты айымньылаахтык сыһыаннаһар.
“Спец-таҥаһы тупсарыыга күүскэ ылсыбыппыт. Урут үлэһиттэрбит атахтарын таҥаһа халтырхай, тас таҥастара табыгаһа суох соҕус буолара. Салалта гендириэктэринэн Виктор Лебедев анаммытын кэннэ, таҥаһы хос-хос ыаратан атыылаһар “перекупщиктар” өҥөлөрүттэн батынан, быһаччы оҥорон таһаарар тэрилтэлэри кытта сибээс олохтообуппут. Исписэлииспит Арассыыйаҕа баар спец-таҥаһы оҥорор фабрикалары барыларын кытта ыкса сибээһи тутар. Биһиги баҕабытынан уонна туруорсуубутунан, кинилэр биһигини Сахабыт сирин тыйыс усулуобуйатыгар барсар бородууксуйа саҥа көрүҥнэринэн хааччыйаллар. Ол таҥастара тас көстүүтэ тупсаҕай, ис киирбэх буоларын эмиэ ирдиибит. Саҥа тигиллибит таҥас эспэримиэн быһыытынан төһө эрэ кэм устата бэрэбиэркэни ааһар үөрүйэҕин киллэрдибит”, – диэн профсойуус үлэһиттэрэ кэпсииллэр.
Арассыыйаҕа үлэ харыстабылын туһунан федеральнай сокуон ирдэбилинэн, чопчу ханнык эрэ дуоһунастаах үлэ­һит­тэр эрэ спец-таҥаһынан хааччыллар бырааптаахтар. Биһиги ол дуоһунастар испииһэктэрин кэҥэтэн биэрбиппит түмүгэр, ол сокуоҥҥа да хапсыбат үлэһиттэрбит спец-таҥастанар кыахтаннылар.
Даҕатан эттэххэ, спец-таҥаһынан хааччыйыыга би­һиги эр дьон уонна дьахталлар уратыларын эмиэ учуоттууру ситистибит. Барыларыгар табыгастаах буоларын курдук. Үгүс тэрилтэҕэ оннук араарыы суох буолар.
“Үлэһиттэрбит төгүрүк сылы быһа, хайдах баҕарар күҥҥэ-дьылга, итиигэ-тымныыга, ньиэп бородууктатын кытта үлэлииллэр. Онон үлэһиттэр­бит сайыҥҥы да, кыһыҥҥы да көстүүмнэрэ бары өттүнэн табыгастаах буоларын туһугар бэрт элбэх, ол иһигэр бытархай түгэннэригэр тиийэ, үлэни толоробут” – диир бэрэссэдээтэл.
усть куйга очитска берега
 

 

Владилен Кузьмин: “Барытын билэн-көрөн, бигээн олоробут...”

“Саханефтегазсбыт” АУо филиалларыгар бу күннэргэ үлэ тигинэччи бара турар.
Чокуурдаах автобазата – Чокуурдаах бөһүөлэгин, улуус нэһилиэктэрин хочуолунайдарын, ДЭСтэри, т/х-тын тэрилтэлэрин, балыксыттар общиналарын ньиэп бородууксуйатынан хааччыйар Аллайыаха улууһун биир тыын суолталаах тэрилтэтэ. Сир баайын хостуур тэрилтэлэр ыытар геолого-разведка үлэлэригэр уматыгы туттуу эмиэ улаата турар. Ону тэҥэ, Арктикаҕа өрүс суола аһыллыар диэри ньиэп бородууктатын тэрээһиннээхтик харайан хаһааныы ыаллаһа сытар Абый улууһугар ыытыллар.
«Якутнефтепродукт» ГП Чокуурдаахтааҕы нефтебазата 1990 с. үлэҕэ киирбитэ. Онон 2020 с. биһиги филиалбыт тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтээтибит” – диэн нефтебаза дириэктэринэн 2019 с. саҥа анаммыт Владилен Калистратович Кузьмин кэпсээнин саҕалыыр.
“Саханефтегазсбыт” АУо 2-3 тыһ. кубометрдаах икки улахан резервуары, баһаары утары 2 улахан баһаарынай носуостаах резервуары уо.д.а. оҥорон маннааҕы филиалы саҥардан, күүһүрдэн биэрэр быһаарыыны ылыммыта. Ол тутуу үлэтэ быйыл түмүктэннэ. Инньэ гынан, “ДьУоХХ” ГУП нэһилиэнньэлээх пууннары итиинэн хааччыйар ньиэбин бородууктата толору харалларыгар кыах үөскээтэ.
Уопсастыба генеральнай дириэктэрэ В.Н. Лебедев соруда­ҕы­нан, автопааркабыт тиһигин быспакка са­ҥардылла турар. 2020 с. кө­лөһөлөөх саҥа погрузчигы туппуппут. Са­йыҥҥы өттүгэр тутар-өрө­мүөннүүр үлэҕэ бу тиэхиньикэбит улаханнык абыраата. Уруку тыраахтарбыт 1998 сыл­лааҕы этэ. Өссө саҥа баһаарынай тиэхиньикэ кэлэрин күүтэбит. Быйыл бырысыабынан, носуоспут ыстаансыйатыгар көлөһөлөөх баһаарынай помпанан эбии хааччыйбыттара”, – диэн дириэктэр В.Кузьмин астыммытын биллэрэр.
“Мин син биир атын филиаллар дириэктэрдэрин курдук, Уфатааҕы ньиэп-гаас университетыгар үөрэммитим. Виктор Лебедев нефтебаза хаһаайыстыбатын сайдыытын таба стратегиятын тутуспутун, тэрилтэ уопсай уопута, билиитэ-көрүүтэ, таһыма үрдүгүн суотугар, нефтебазабыт балаһыанньата кэлин лаппа тубуста”, – диэн дириэктэр ситэрэн биэрэр.
Кини эппитинэн, олохтоох нэһилиэнньэттэн анал үөрэҕи ааспыт ыччат үлэлии кэлиитин суотугар, филиал кэлэктиибэ эдэримсийэн иһэр. Филиалга барыта 34 штатнай үлэһит баар. Ол, сүрүннээн, Чокуурдаах бэйэтин ыччата. Орто саастара – 35. Исписэлиистэр үрдүк эбэтэр орто анал үөрэхтээхтэр. Ону сэргэ, табаар уонна АЗС оператордара Дьокуускайдааҕы нефтебазаҕа, үөрэх анал кииннэригэр баран үөрэммиттэр, ону туоһулуур дастабырыанньалаахтар. Табаар эпэрээссийэтин маастара, табаар пааркатын сэбиэдиссэйэ Дьокуускайтан ыҥырыллан кэлэн үлэлииллэр. Бу үлэһиттэр олорор дьиэлэрин куортамын хампаанньа бэйэтэ төлүүр.
Биһиги сүрүн сыалбыт-сорукпут – ньиэп бородууктатын үрдүк хаачыстыбалаах харайыы, нэһилиэнньэни хааччыйыы таһымын тупсарыы уонна үлэһиттэрбитигэр үлэ табыгастаах усулуобуйатын тэрийии. Билигин биһиги хампаанньабыт профсойууһун, үлэ харыстабылын отделын кытта элбэхтик алтыһабыт. Кэлэктиибинэй дуогабар быһыытынан, биһиги этиилэрбит, сайаапкаларбыт барыта эҥкилэ суох толоруллан иһэллэр. Кэнники 2 сылга “Саханефтегазсбыт” АУо харахха көстөр гына сайынна. Ис-тас таҥаспыт барыта биһиги үлэлиир улууспут тыйыс усулуобуйатыгар дьүөрэлэһэр гына тубуста. Биллэрин курдук, биһиги үлэбит буортулаах эйгэни кытта сибээстээх. Быһаччы уматыгы, буортулаах бэссэс­тибэни кытта аалсан үлэлиир үлэһиттэр эбии төлөбүрү, ол иһигэр битэмииннээх аһылыгы уо.д.а. ылаллар.
Профсойууспут уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр­бит хайысхаларынан, үлэһиттэргэ элбэх моральнай да, матырыйаалынай да өйөбүл оҥо­һуллар. Туох кыалларынан үлэ­һиттэрбитигэр, эдэр ыалларга, бэтэрээннэргэ көмөлөһөбүт, болҕомтону уурабыт. Санаторий-куруорт, туризм путевкатыттан саҕалаан оҕолор Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэригэр, бырааһынньыктааҕы бириэмийэлэргэ тиийэ... Бөһүөлэккэ баар үлэтэ суохтары, доруобуйалара хааччахтаах дьону быстах үлэнэн хааччыйабыт”, – Владилен Кузьмин кэпсиир.
Аллайыаха улууһун дьаһал­татын кытта (баһылык Яков Елисеев 2019 с. быыбардам­мыта) Уопсастыба уонна нефтебаза салалтата сүрүн боппуруостарга барытыгар биир уопсай сүрүнү булан үлэлииллэр.
“Чокуурдаахха саҥа оскуола тутулла турар. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата үлэлээн эрэр. Эргэ дьиэлэри күртэрэн, ол оннугар саҥа тутуу былаһаакката бэлэмнэннэ. Тутуу улахан хампаанньалара кэлэллэрин күүтэбит. Биһиги кинилэри ньиэп бородууксуйатынан хааччыйыахпыт. Улууспут баһылыга урут өр кэм устата ДьУоХХ управлениетыгар үлэлээбит буолан, улуус да, бөһүөлэк да кыһалҕаларын иһиттэн эҥкилэ суох билэр. Быһата, улуус тэтимнээхтик сайда турар.
Мин биһиги үлэлиир хампаанньабыт өссө чэчирии сайдарыгар кыратык да саарбахтаабаппын. Өрөспүүбүлүкэбит салалтата биһигини өйүүр, Виктор Николаевич Лебедев дириэктэрдээх хампаанньабыт салалтата олус күүстээх. Уопсастыба биһиги үлэлиир тэхиниичэскэй пааркабыт, туттар тэрилбит, тиэхиньикэбит саҥардыытыгар, кэлэктиип үлэтэ уонна социальнай балаһыанньата туруктаах буолуутугар элбэҕи оҥорор!” – диэн Владилен Кузьмин кэпсээнин түмүктүүр.
IMG 7517

 

Үлэ династиялара – ханнык баҕарар тэрилтэ бигэ тирэҕэ

Николаевтар династиялара “Саханефтегазсбыкка” үлэлээбит уопсай ыстаастара 62 сылга тэҥнэһэр. Ити – орто көрдөрүү, хампаанньаҕа онноо­ҕор элбэх сыл үлэлээбит дьон бааллар.
Быйыл балаҕан ыйыгар ыарахан ыарыы кэнниттэн биһиги кэллиэгэбит, филиалбыт улаханнык ытыктанар салайааччыта Лазарь Ильич Николаев өллө. Билиги Ньурбатааҕы нефтебазаҕа кини кыыһа уонна сиэнэ үлэлии сылдьаллар. Бүгүн 41-с ¹-дээх АЗС оператора Наталья Борисова эһэтин туһунан улахан тапталынан ахтар. Даҕатан эттэххэ, эмиэ бу филиалга Лазарь Ильич бииргэ төрөөбүт быраата Владимир Николаев үлэлии сылдьыбыта.
Лазарь Ильич «Якутнефтепродукт» ГП (билигин “Саханефтегазсбыт” АУо) нефтебазатын дириэктэринэн 1988 с. анаммыта. Кини ол иннинэ 26 сыл устата Амакинкатааҕы геолого-разведка эспэдииссийэтин кэлэктиибигэр эҥкилэ суох үлэлээбитин, биэдэмистибэ уонна судаарыстыба элбэх наҕараадатын ылбытын кэннэ, ССКП райкомун “эппиэтинэстээх уонна эппиэттээх салайар каадыр” диэн рекомендациятынан, бу үлэҕэ анаабыттар.
Наталья: “Мин эһэбинэн олус киэн туттабын. Кини үлэҕэ дьулуурун, эппиэтинэһин, чиэһинэйин, сиэрдээҕин мэлдьи холобур оҥостобут”, – диир.
Лазарь Ильич лиидэрдии хаачыстыбата кини урут ылсан көрбөтөх сонун дьыалатыгар эмиэ үрдүк кирбиилэри дабайарыгар кыах биэрбитэ. Кэлин киниэхэ дьиэ кэргэнин курдук буолбут «Якутнефтепродукт» кэлэктиибигэр Лазарь Ильич 16 сыл үлэлээбитэ.
Ньурбатааҕы нефтебаза үлэһиттэрэ урукку дириэктэрдэрин хоһуун үлэтин туһунан маннык ахталлар: “Кини салайар кэмигэр уруккута ночооттоох үлэлии олорбут тэрилтэ барыһы биэрэн барбыта, араас омуктан састааптаах бигэ интернациональнай кэлэктиип үөскээбитэ. Тэрилтэ матырыйаалынай-тэхиниичэскэй базата бөҕөргөөбүтэ, резервуар паарката кэҥээбитэ, үлэһиттэргэ анаан дьиэ тутуллубута, оҕо саада саҥардыллан оҥоһуллубута, Ньурба куоратыгар, Убайааҥҥа уонна Маалыкайга саҥа АЗС ыстаансыйалара үлэҕэ киирбиттэрэ, успуорт комплекса тутуллубута...” Ити курдук, Л.И. Николаев ньиэп-гаас бырамыысыланнаһын эйгэтигэр киирэн улахан чиэһи-бочуоту ситиспитэ.
Кини кыыһа Ульяна Лазаревна Лебедеваны дьылҕата эмиэ бу тэрилтэҕэ сирдээн аҕалбыта. Ол иннинэ кини Нерюнгри куоракка учууталлыы сылдьан, ийэлэрэ ыалдьар буолан, дойдутугар төннөн кэлэргэ күһэллибитэ. Ол саҕана Ньурбаҕа киһи сирэр-талар үлэтэ суоҕа. Онон Ульяна АЗСка операторынан үлэлии киирбитэ. Ити – 2003 с. Онтон ыла 17 сыл ааста. Кини билигин АЗС ыстаарсай оператора, кыыһын кытта 14 сыл устата биир тэрилтэҕэ үлэлиир кэллиэгэлэр.
Эбэн эттэххэ, Лазарь Ильич геологоразведканы 2 сыаналаах каадырынан хааччыйбыт – кинини утумнаан уола Григорий Лазаревич уонна сиэн быраата Илья Григорьевич АЛРОСАҕа үлэҕэ киирбиттэр. Ону таһынан, кини “Саханефтегазсбыт” АУо-ҕа эмиэ икки сыаналаах каадыры аҕалбыт: кыыһын уонна сиэнин. Таарыйа, кини сиэнэ Наталья – үс оҕо истиҥ-иһирэх ийэтэ. Туох билиэ баарай, кэлин баҕар кинилэр эмиэ бу тэрилтэҕэ үлэҕэ киирэн Николаевтар үлэһит династияларын салгыахтара.
Биһиги кэпсэтэр Наталья Григорьевнабыт, “Саханефтегазсбыкка” үлэтин көмөтүнэн, бастакы үрдүк үөрэҕин ылбыт эбит. “Үөрэхпин бүтэрэн баран атын сиргэ үлэлии барар туһунан санаа да киирэн ааспатаҕа. Манна эдэр дьон үлэлииллэригэр усулуобуйа барыта баар. Өйүүллэр. Үлэһит үксэ стажировканы ааһар, таһымын үрдэтинэр. Бары олус хаачыстыбалаах спец-таҥаһынан хааччыллабыт. “Саханефтегазсбыт” оҕолоох-уруулаах үлэһиттэригэр мэлдьи көмөлөһөр. Улуустааҕы филиалларга ураты болҕомто ууруллар. Быйыл биһиги АЗСпытыгар федеральнай аартыктан аспаалынан бүрүллүбүт киирэр суол оҥоһулунна. Урут манна быыл бөҕө буолар этэ. Кэлэр сылга биһиги АЗСпыт дьиэтэ саҥардылларын күүтэбит. Генеральнай дириэктэр дуоһунаһыгар Виктор Николаевич Лебедев анаммытын кэннэ, тутуу, өрөмүөн бөҕө ыытыллар буолла, саҥа оборудование, тиэхиньикэ элбээтэ, биһиги араас уопсастыбаннай аахсыйа, тэрээһин, куонкурус, субуотунньук, үлэ-хамнас бөҕө буолан, олохпут күөстүү оргуйа түстэ. Ыччат бөҕө үлэҕэ киирдэ!” – диэн кыыс киэн тутта кэпсиир.
велопробег
 
 
“Саханефтегазсбыт” АУо пресс-сулууспата.