Киир

Киир


Бүгүн Дойду Президенэ Владимир Путин пресс-конференциятыгар биир сүрүн хайысха инфраструктура сайдыыта, дьон үлэлээх буолуута, экология о.д.а. боппуруостарыгар тохтоото. Улууска инфрастуктура туһунан Горнай улууһун баһылыгын солбуйааччыта Алгыс Стручков санаатын үллэстэр:

"Биһиги улууска кэлиҥҥи кэмҥэ улахан болҕомто дьон олоҕун хаачыстыбата тупсарыгар инфраструктурнай бырайыактар олоххо киирэллэр. Бу сылга Бэрдьигэстээххэ гаас киирдэ, федеральнай үп көрүллэн, убаҕас тобохтору ыраастыыр станция тутуута түмүктэннэ. Салгыы, Маатта уутун ыраастыыр станция тутуута ыытыллар. Суолбут тупсан иһэр, дьон сынньанар сквердара тутуллалларыгар сөптөөх үлэ ыытыллара көстөр.

РФ Президенэ Владимир Путин национальнай бырайыагынан киэҥ хабааннаах үлэлэр ыытыллаллар. Спорт сайдыытыгар стадион, элбэх хайысхалаах спортивнай саала үлэҕэ киирэн, нэһилиэнньэ дьарыктанан, эт- хаан өттүнэн доруобуйаларын тупсарынар. “Хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү” федеральнай бырагырааманан икки элбэх кыбартыыралаах уопсай дьиэ киирдэ. Улууска барыта 10 758,2 кв.м иэннээх 52 чааһынай дьиэ киирдэ. Бу өттүгэр былаан 114,45 % туолла. Кэлэр сылларга сүрүн болҕомтону салгыы маннык хайысханан үлэни ыытан, нэһилиэнньэ олоҕо чэпчииригэр анал бырайыактар оҥоһуллаллар.

Ол курдук Бэрдьигэстээх, Өркө, Атамай оскуолаларын тутуулара, Бэс Күөлгэ элбэх хайысхалаах киин, Бэрдьигэстээххэ Дьиикимдэҕэ уһуйаан тутуута, Күөрэлээххэ, Кэптиҥҥэ ууну ыраастыыр станция, Маҕараска, Кэптиҥҥэ хочуолунай тутуута, Орто-Сурт - Кэптин суолун ситэри тутуу, муосталары саҥардыы үлэлэрэ былааннаналлар. Бэрдьигэстээххэ элбэх оҕолоох ыаллара кварталлара бырайыактанар. Бэрдьигэстээх толору гаастааһын о.д.а инфраструктурнай бырайыактар үптэрэ быһаарыллан, олоххо киириэхтэрэ диэн эрэнэбит.

Василий Тимофеев

Сигэтэ: https://xn----7sbbprs1bdnl.xn--p1ai/article/35908

Сэҥээриилэр

Shirley
0 Shirley 26.12.2021 07:33
We are a group of volunteers and starting a new
scheme in our community. Yoour web site offered us with valuable info to work on. You've done a formidable activity and
our whole community will likely be thankful tto you.

Check out my web-site Datsun 280Z Ac Compressor: http://kasrpsychiatry.com/index.php/component/k2/itemlist/user/1810812
Ответить

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар