Үөһээ Дьааҥы улууһун Сартаҥ нэһилиэгин хочуолунайын чоҕо тоҥмут. Онон, суһаллык саҥа чоҕу аҕалыы туһунан боппуруос быһаарылла сылдьар.
Бу нэһилиэккэ чоҕу көбүтэн, булкуйан биэрэр тыраахтыр алдьанан хаалбыт эбит.
«Бу эҥээр суол-иис суох буолан, чоҕу тиэрдии кыһыҥҥы суох арылыннаҕына оҥоһуллуо. Оттон билиҥҥи туругунан, нэһилиэккэ 10 хонукка тиийэр чох баар», — диэн ОдьКХ министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Үөһээ Дьааҥытааҕы ОДьКХ салаатын дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу Сартаҥ нэһилиэгэр тыраахтыр чаастарын аҕалбыт эбит. Онон, билигин спецтехниканы өрөмүөннүү сылдьаллар.