Киир

Киир

Саха сирин Тас сибээскэ министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, тохсунньу 9 күнүгэр, Казахстантан Москубаҕа байыаннай сөмөлүөтүнэн 21 Саха сирин олохтооҕо кэллэ. Олор быыстарыгар устудьуоннар уонна туристар бааллар. Санатар буоллахха, Казахстаҥҥа билигин уустук быһыы-майгы буола турар.

Саха сирин олохтоохторо Москубаҕа Арассыыйа Оборуонаҕа министиэристибэтин анал илдьэр-аҕалар эриэйсинэн, Арассыыйа атын гражданнарын кытта кэлистилэр. Москубаҕа баар Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтэ, дойду киин куоратыгар кэлбит дьоҥҥо, анал трансферы булууга уонна олохсутууга өҥөнү оҥордо. Салгыы, Москубаҕа кэлбит Саха сирин олохтоохторо Дьокуускайга чугастааҕы эриэйсинэн көтөн кэлиэхтэрэ.

Казахстан 2

Бэлиэтэнэринэн, сотору кэминэн, Казахстаҥҥа хаалбыт сорох Саха сирин олохтоохторун суһал эриэйистэринэн аҕалтыахтара.

«Кэлбит устудьуоннар төрөппүттэрэ СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларын министиэристибэтигэр, Саха сиригэр киһи быраабын көмүскэһэр үлэһиккэ, Москубаҕа баар Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтигэр уонна Казахстаҥҥа олорор биир дойдулаахтарыгар махталларын тиэртилэр», - диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларын министиэристибэтин көрдөрүүлэринэн, Казахстаҥҥа өссө 21 Саха сирин олохтооҕо, устудьуоннар уонна туристар хаалбыттар. Кинилэр биир үксүн Алматы уонна Кентау куоракка бааллар эбит. Барыларын кытта сибээс олохтоммут. Эрдэ этиллибитинэн, СӨ Тас сибээскэ министиэристибэтигэр Казахстантан уонтан тахса устудьуон көмөҕө наадыйарын туһунан биллэрбитэ.

Казахстан 3

Казахстаҥҥа маассабай быратыастар бу сыл маҥнайгы күннэригэр саҕаламмыттара. Жанаозен уонна Актау куорат олохтоохторо массыына гааһын сыаната үрдээбитин утары барбыттара. Сотору кэминэн, дойду атын куораттарыгар дьон-сэргэ уулуссаҕа тахсыбыта, былаас күүстэрин кытта атааннааһыы, ытыалаһыы үөдүйбүтүн түмүгэр, икки өттүттэн сиэртибэлэр баар буолбуттара.

Казахстаҥҥа тохсунньу 19 күнүгэр диэри ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ олохтоммута.

Бүтэһик сонуннар