2022 сылга “КЫЫМ” хаһыат маҥнайгы, №1 нүөмэрэ күн сирин көрдө.
Бу сыл бастакы нэдиэлэтээҕи «КЫЫМ» хаһыатыттан Аан дойду, Арассыыйа, Сахабыт сирин сытыы сонуннарын, «Тирэх санаа», «Өһүө», «Сугулаан», «Кыым 100», «Дьоро» балаһалар хас биирдии киһиэхэ сыһыаннаах тиэмэлэрин ааҕыҥ:
- Владимир Степанов “Казахстан долгуйуулара”, «Саха сүөһүтүн сайдыыта бигэ олуктаах» матырыйааллара;
- “Олохтоох бэйэни салайыныы: реформа тула мөккүөр”уопсастыбаннас мунньаҕын туһунан Нина Герасимова сырдатыыта;
- Иван Гаврильев «Бэчээт күнүн көрсө...» ыстатыйата;
- Туйаара Сиккиэр «Туох сонуннааххыт, улуус хаһыаттара?»диэн улуус хаһыаттарыттан бүгүҥҥү күҥҥэ хайдах үлэлии олороллорун, туох кыһалҕалаахтарын, ситиһиилээхтэрин туһунан ыйыталаһыыта.
Салгыы, «Байдам», «Сыра», «Билгэ», «Аймалҕан», «Саркаах», «Айар кут», «Хоһуун» балаһалар кэрэхсэбиллээх ыстатыйаларын кэрэхсии көрүөххүт:
- Оксана Жиркова “Илья Оконешников: «Соһуччу булуммут суолум»” диэн «Байдам» сурунаал эрэдээктэриниин Илья Оконешниковтыын кэпсэтиитэ;
- Борис Потапов “Африканович билигин да – инники күөҥҥэ” ыстатыйата;
- Туйаара Сиккиэр«Күүстээх Көрбүөччү» диэн айылҕалаах киһилиин Наталья Ивановалыын сэһэргэһиитэ;
- Нина Герасимова«Казахстан: саха хараҕынан» матырыйаала;
- Евгений Васильев-Чаҕыл «Ыт дуу, киһи дуу?»сытыы боппуруоһу таарыйыыта.
- Диана Клепандина «Сотору экраҥҥа – «Бүгүн-былыр» саҥа киинэ» саҥа киинэ ааптардарын кытта Сандал Баишевтыын уонна Ярослав Лебедевтыын сэһэргэһиитэ;
- «Л.А. Афанасьев-Тэрис – Айыы үөрэҕин сөргүтээччи» диэн Тэрис туһунан В.В. Илларионов, А.Павлов-Дьабыл, Г.С. Попова-Санаайа суруйуулара.
Хаһыаты арыйталаан истэххэ, «Сыра» балаһаҕа «Орто Дойду ырайа – “Орто Дойду”» диэн «Орто Дойду» эко-паарка уонна “Үтүө үтүөнэн эргиллэр” “Азбука” тэрилтэ туһунан сырдатыылары, «Күөх экран», “Кэриэстэбил” таһаарыыларын, «Саарын» балаһаҕа «Василий Романович үтүө аата умнуллубатын!» ыстатыйаны, «Туһа» балаһаҕа «Саҥа сыл уларыйыылара: хамнас, биэнсийэ, босуобуйа, пааспар, эмп-томп» матырыйаалы, «Таҥха» балаһаҕа Федор Рахлеев “Сүллүүкүн” диэн интириэһинэй таһаарыытын ааҕыаххыт.
Салгыы, «Дуораан», «Айан», «Сурук», “Сүбэ” интириэһинэй балаһаларыттан туһалаах, кэрэхсэбиллээх матырыйааллары булуоххут.
«Номох» балаһаҕа Николай Николаев «Саха интеллигенциятыгар» сурук ааптара кимий», Г. Портнягин «Гражданскай сэрии Уус Алдаҥҥа сабыдыала» номохторун; «Манчаары» балаһаҕа успуорт сонуннарын, “Күлүк”, «Сонор», «Имэҥ», «Дьылҕа» балаһалар олус интириэһинэй таһаарыыларын, тэбэнэттээх «Тэбэнэт» балаһаҕа Иванна Багынанова «Карачай-Черкес Өрөспүүбүлүкэтигэр сырыыттан» ыстатыйата, “Хаппар” туһалаах бэлиэтээһиннэрн; «Сынньалаҥҥа» таайбараҥы, гороскуобу булан ааҕыаххытын сөп.
«Кыым» норуот хаһыатын өрөспүүбүлүкэбит үгүс почталарыттан, сорох кинигэ маркеттарыттан, «Тэтим», «Прометей» атыы-эргиэн кииннэриттэн, «Горпечать» киоскаларыттан, бибилиэтиэкэлэртэн булан ааҕыаххытын сөп.