Киир

Киир

Олунньу 1 күнүттэн “Сбербаан” бэлэм уонна тутулла турар дьиэҕэ бэриллэр ипотека бырыһыанын 10,3 % гынна. Сыана үрдээтэ. Ол туһунан баан саайтыгар суруйаллар.

Итини сэргэ, олунньуттан саҕалаан дьиэни солуок ууран туран бэриллэр ипотека бырыһыана эмиэ ыараабыт. 10,9 % буолбут. Оттон чааһынай дьиэни туттарга бэриллэр кирэдьиит 10,6 %-ҥа тиийбит (бу иннинэ 9,9 % этэ).

Ол да буоллар, оҕолоох дьоҥҥо бэриллэр уонна “судаарыстыба өйөбүллээх” дэнэр кирэдьиит оннунан хаалбыт – 4,7 % уонна 5,8 %.

Санаттахха, тохсунньу 11 күнүттэн “ВТБ” баан ипотекатын бырыһыана эмиэ ыараан, 10,3 % буолбута. Ити бэлэм (эргэ) даҕаны, саҥа даҕаны дьиэҕэ.