Быйыл Горнайбыт улууһугар Экология сыла биллэриллибитэ. Тулалыыр айылҕабыт айгырааһына барыбытын долгутар тыын боппуруос буоларын билэбит. Айылҕаны харыстыыр, үтүө эйгэни кэрэхсиир буоларга хас биирдии киһи кыһаллыахтаах, сэмэй да буоллар кылаатын киллэрсиэхтээх. Онтон олорор сирдэрин, төрөөбүт дойдуларын кэрэтин туойар, көтөрүн-сүүрэрин, хамсыыр-харамайын үйэтитэр туһугар бэйэлэрэ туспа дьарык дуу, биитэр идэ дуу оҥостубут дьоннор баар буолаллар.
Ол курдук, биһиги оскуолабыт алын кылааһын учуутала Пахомова Айта Васильевна нэһилиэкпит чыычаахтарын хаартыскаҕа түһэрэн, ураты дьарык оҥостубута номнуо 5 сылыгар барбыт. Бүгүн олохтоох бибилэтиэкэ көҕүлээһининэн, кини “Тулалыыр эйгэбит маанылаах көтөрдөрө* диэн ааттаах хаартыска быыстапката тэриллэн, олохтоохтор көрүүлэригэр ыйанна.
Дэриэбинэҕэ олохсуйбут кырачаан чыычаахтары, ыалдьыттаан ааһар сэдэх көтөрдөрү түгэни таба тутан түһэрбит хаартыскалара киһи хараҕын үөрдэннэр, сонун көстүүнү үөскэттилэр. Айта Васильевна кэпсииринэн, кини соҕотоҕун, булчут курдук өр кэрийэн, эккирэтэ сылдьан түһэрэрин сөбүлүүр эбит. Хас биирдии чыычааҕы, көтөрү көрдөҕүнэ өр кэтэһэн, манаан, тулуйан олордоҕуна, түмүгэр кэрэхсэбиллээх каадырдар тахсаллар диэн үөрэ-көтө сэһэргиир. Дьиэтин таһыттан саҕалаан чугас эргин тыаны уһаты-туора хааман, кэлин морсуруутун өссө хаҥатан, ыраата барыан баҕарарын туһунан санаатын үллэһиннэ.
Хас биирдии каадыр фотограф киһиэхэ олус күндү буолар, ону үйэтитээри, сиэннэригэр, үөрэтэр оҕолоругар көрдөрөөрү, чинчийэр үлэлэригэр туһаналларыгар анаан, олус үчүгэй дьэрэкээн ойуулаах “В объективе –пернатые. Птицы окрестности села Магарас” диэн кинигэ бэчээттэтэн таһааттарбытын көрдөрдө. Кинигэҕэ табыллыбыт, талыллыбыт хаартыскаларын таҥан киллэртээбитэ чахчы ааҕааччыны умсугутар.
Ити курдук, ураты дьарыктаах учууталбыт иллэҥ кэмин сөбүлүүр дьарыгар анаан үйэлээх уонна кэрэхсэбиллээх үлэни оҥоро сылдьарынан киэн тутуннубут. Кынаттаах хаартыскалар үрдүккэ, кэрэҕэ сирдии турдуннар диэн этэн туран, аттыгытыгар баар чугас дьоҥҥут сэмэй хоббиларын, дьарыктарын мэлдьи сэҥээрэ сылдьыҥ диэн баҕа санаабытын этэбит.
Маҕарас орто оскуолатын “Өркөн” пресс-киин уһуйуллааччылара