Муус устар бүтэһик күннэригэр, суол-иис улаханнык ирэ илигинэ, Усуйаана улууһун Киин балыыһатын 8 мэдиссиинэ үлэһиттээх биригээдэтэ уон күн иһигэр Хаһааччыйаҕа, Тумакка, Усуйаанаҕа уонна Нижнеянскай бөһүөлэккэ сырыттылар.
Терапевт быраастар Холмогорова Надежда Апполоновна, харах бырааһа Варакута Елена Михайловна, оҕо бырааһа Чолдак-Оол Марианна Васильевна, невролог Сыроватская Нюргустана Васильевна, хирург Маланов Анатолий Кимович, психиатр Посельская Евдокия Дмитриевна,
дерматовенеролог Иргит Чочогай Бамбук-Ооловна уонна лабараан биэлсэр Ефимова Анастасия Петровна барыта холбоон 500 киһи доруобуйатын туругун бэрэбиэркэлээтилэр.
Уопуттаах быраастар болҕомтолоохтук уонна үтүө суобастаахтык бэйэлэрин соруктарын толордулар, дьон-сэргэ доруобуйатын туругун көрдүлэр-иһиттилэр, сорохторго сүбэ-ама биэрдилэр, оттон эмтэниигэ кыһалҕаламмыттары салгыы улуус киинин балыыһатыгар киирэн көрдөрүнэллэригэр ыҥырыылары туттардылар.
Бу командировка бириэмэтигэр 2 ыарыһахха суһал көмө өҥөтө оҥоһулунна. Тумат сэлиэнньэтигэр биир дьахтар иһэ күүскэ ыалдьан көрдөрүнэ кэлбит. Быраастар кинини Хаһааччыйаҕа аҕалан баран, салгыы саньытаарынай эриэйсинэн Уус Куйгаҕа, ол кэнниттэн салгыы Дьокуускайга ыыттылар. Оттон Хаһааччыйаҕа биир обургу оҕо быраастарга кэлэн, түөһүн диэкинэн ыалдьарын туһунан кэпсээбит. Онуоха, мэдиссиинэ үлэһиттэрэ тута суһал көмө оҥорбуттар.
«Биһиги сылдьыбыт бөһүөлэктэрбит дьоно-сэргэтэ, испэсэлиис быраастар кэлбиттэрин туһанан, диспансеризацияны ааспыттара. Уопсайа, диспанцеризацияны 339 киһи ааста. Биһиги Сарыал Егоров салайааччылаах МУ ДЕЗ тэрилтэҕэ быраастары Хаһааччыйа-Тумат-Усуйаана-Нижнеянск суолунан айаҥҥа туруналларыгар күүс-көмө буолбутун иһин махтанабыт. Салгыы, инбэлиидинэскэ уонна эрдэ өлүүгэ тиэрдиэн сөптөөх, олохсуйан хаалбыт инфекционнайа суох ыарыылары быһаарар туһуттан, Усуйаана олохтоохторуттан диспансеризацияны көхтөөхтүк ааһаргытын ыҥырабыт», - диэн мэдиссиинэ биригээдэтин салайааччыта Евдокия Посельская этэр.
Сырдатыы Усуйаана улууһун сонуннарын саайтыттан ылылынна