Аммосов уулуссатын субу мас дьиэлэрэ күрдьүллүү испииһэгэр киирбиттэрэ ыраатта.
Холобур, Аммосов 26 №-дээх дьиэтэ. Бу уонна аттыгар турар икки этээстээх мас дьиэ ааспыт үйэ 60-с сылларыгар тутуллубуттара. Мас дьиэлэр самнархайдар. Этэргэ дылы, “оттон-мастан” иҥнэн турбуттара. Аммосов уулуссатын 26-с дьиэтэ 2000-с сылларга ньиэп-гаас хампаанньаларын көстүүнэйэ буола сылдьыбыта.
Онтон нефтяниктар бу дьиэттэн аккаастаммыттарын кэнниттэн, мантан уопсай оҥоро сылдьыбыттара. Манна быстах кэмҥэ олорбут дьону дьиэнэн хааччыйдылар, сорохтор атын сирдэргэ көстүлэр. Аны, бу дьиэ күрдьүллэр кэмэ кэллэ.
Мииринэй куорат сааххаланар туруктаах, хаарбах дьиэлэрин күрдьүүгэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыытылыстыбата хайдах дьаһалы биэрэриттэн барыта тутулуктаах.
Кэнники сылларга куорат былаастара олохтоохтортон таас дьиэлэргэ кыбартыыралары атыылаһыталыыр буоллулар.
Балары хаарбах дьиэлээхтэргэ биэрэллэр. Абыраллаах дьыала.
Онно ирдэбиллэрэ кытаанах – кыбартыыра үчүгэй туруктаах, булгуччу өрөмүөннэммит, итии-тымныы ууга усчуотчуктаах буолуохтаах.
Оттон олохтоохтор үйэлэрин самнархай дьиэлэргэ моҥуохтарын баҕарбаттар.
Дьэ ити курдук куораппыт хаарбах туруктаах мас дьиэлэртэн босхолонор.
Станислав Алексеев. Мииринэй куоратаАаптар хаартыскалара
Сэҥээриилэр
Conclusions: These results show that L. caprifolium has
potential.
Here is my blog: footjob büyük horoz: https://album.elektrohoufek.cz/tu/88svxux
to put this informative article together. I once again find myself spending a lot of time both reading and leaving comments.
But so what, it was still worthwhile!
My site; DIY hair
masks: https://consuelovita.it/diy-hair-masks-for-healthier-stronger-hair
Is it difficult to set up your own blog? I'm not very techincal but I
can figure things out pretty fast. I'm thinking about setting up my own but I'm not sure where to begin. Do you have any
points or suggestions? Cheers
My web-site; NOLAVA 7 Piece Yoga Mat Set: https://weujx.com/blog/index.php?entryid=222