Киир

Киир

Ол бу хаартыскаларга дьэҥкэтик көстөр. Ыам ыйын былаһын тухары Мииринэйгэ субуотунньуктар маассабай хабааннаахтык бараллара бигэ үгэскэ кубулуйан турар.

Саамай көстүүлээх сирдэргэ - Ленинград бэрэспиэгэр, Ленин, Тиихэнэп, Солдатов, Комсомольскай, Советскай, Ойуунускай уулуссаларыгар, Ботаническай саадка, «Бүлүүлүүр биhилэх» сынньанар сиргэ, «Кимберлит» успуорт дыбарыаhын иннигэр ордук көхтөөх үлэ барааччы.

Сотору, «Кимберлит» успуорт дыбарыаһын тулатын КСК үлэhиттэрэ сибэккинэн симиэхтэрэ.

«Бүлүүлүүр биһилэххэ» (Вилюйское кольцо) саас ыччаттар ыспыт-тохпут бөхтөрүн хас да тэрилтэ үлэһиттэрэ хомуйаллар.

Мииринэйгэ тупсарыы үлэлэрэ, хас биирдии тэрилтэлэринэн сыhыарыллыбыт буолан, ылыммыт дьыалаларыгар сүрдээх эппиэтинэстээхтик сыhыаннаһалларын бу хаартыскаларга көрөҕүт.

Мииринэй ыраас буолуутугар кыһамньы улаханМииринэй ыраас буолуутугар кыһамньы улаханСубуотунньук кэнниттэнСубуотунньук кэнниттэнТиихэнэп уулуссатыгарТиихэнэп уулуссатыгарУТКЦ Якутск аттыгарУТКЦ Якутск аттыгарӨктөөп 50 сылын шоссетыгарӨктөөп 50 сылын шоссетыгар

Станислав Алексеев. Мииринэй куората. Ааптар хаартыскалара.  

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар