Киир

Киир

Голливуд киинэлэрэ Арассыыйаттан тахсан барыахтарыттан ылата, дойдуга киинэ ырыынагар улахан кураанахсыйыы буолла, үгүс киинэ тыйаатырдара сабыллар кутталлаахтар диэн этэллэр. Биллэн турар, бырабыыталыстыбабыт уонна Култуура министиэристибэтэ бу салааны күүскэ өйүөх буолан эрэннэрэллэр.

Онон, көрөөччүлэр бэйэ киинэтин тахсарын кэтиибит. Эһиил тохсунньу 1 күнүтэн М.Булгаков “Мастер и Маргарита” арамаанынан “Воланд” диэн Михаил Локшин устубут киинэтин, эмиэ ити күнтэн Дмитрий Дьяченко “Чебурашка”, Дмитрий Киселев “Мира” диэн фантастика киинэтин көрдөрүөхтэрэ. Оттон мантан сайын тугу көрдөрүөхтэрэй?

Ыам ыйын 26 күнүттэн “Мой папа – вождь” диэн Егор Кончаловскай кэмиэдьийэтэ тахсыаҕа. Киинэҕэ уонча сыл хараабылынан уста сылдьыбыт, сураҕа суох сүппүтүнэн биллэриллибит хапытаан дьиэтигэр төннүүтэ кэпсэнэр. Кини уонча сыл Африкаҕа биис ууһун салайан олорбут. Оруолларга Дмитрий Нагиев, Мария Миронова, Фёдор Добронравов, Максим Лагашкин, Роман Мадянов уһуллубуттар.

Эмиэ ыам ыйын 26 күнүттэн киинэ тыйаатырдарыгар “Аманат” историческай мелодрама премьерата буолуоҕа. Киинэни Антон Сиверс уонна Рауф Кубаев устубуттар. Шамиль Имам уола Джамалутдин туһунан кэпсэнэр. Кини Николай I ыраахтааҕы саҕана аманаатынан олорбут уонна Лиза Оленинаны таптаан кэбиспит. Оруолларга: Амин Хуратов, Варвара Комарова, Арслан Мурзабеков, Андрей Соколов, Екатерина Гусева, Фёдор Лавров.

Бэс ыйын 9 күнүттэн “Кощей. Похититель невест” мультфильм тахсыаҕа. Эмиэ бу күн “Молодой человек” диэн кэмиэдьийэни көрдөрүөхтэрэ. Сүрүн дьоруой орулуур отут сааһыгар диэри тугу да ситиспэтэҕин өйдөөн, мөлүйүөннээх бирииһи сүүйээри, үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ буолан кубулунан оскуолаҕа төннөрүн туһунан кэпсэнэр. Киинэни Александр Фомин (“Восьмидесятые” сэрийээли устубута) устубута, оруолларга Павел Табаков, Данила Козловскай, Данила Поперечнай, Ингрид Олеринская уһуллубуттар.

Бэс ыйын 30 күнүттэн киинэ прокатыгар “Черная гора” хоррор киинэтэ тахсыаҕа. Киинэ сюжетыгар устудьуоннар Карелия сонотуоруйугар Саҥа дьыллааҕы испэктээккэ бэлэмнэнээри кэлэллэр. Ол сылдьан мөккүһэн тураллар, онуоха олохтоох хачыгаар, ойуун сыыһа кыыраары өлүү суолугар тиэрдэр.

От ыйын 7 күнүттэн “Бумер” криминальнай драма тахсыаҕа. Киинэҕэ 90-с сыллардааҕы бандьыыттаах дойду олоҕо көстөр.

От ыйын 28 күнүгэр “Нахимовцы” оҕолорго аналлаах киинэ тахсыаҕа. Киинэҕэ байыннай моряк дьиэ кэргэнин утумун салҕааччы игирэ ини-биилэр сыыһа суолга үктэммиттэригэр бииргэ үөрэнэр уолаттара көмө буолалларын туһунан кэпсэнэр. Оруолларга: Андрей Мерзликин, Сергей Гармаш, Анна Алексахина, Анна Дюкова.

Маны таһынан мантан сайын бэйэбит сахабыт киинэтэ дьон дьүүлүгэр тахсыахтара. Ол курдук, бэс ыйын 2 күнүттэн режиссёр, артыыс Валентин Макаров устубут “Дьулуур” спортивнай драмата тахсыаҕа. Киинэҕэ аармыйаттан саҥа кэлбит Дьулуур ыһыахха соһуччу мас тардыһыытыгар талааннааҕын билэн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кыттарын туһунан кэпсэнэр. Кини кырдьаҕас эбэтэ өлөн, балта Күннэй оҕо дьиэтигэр барбытын бэйэтигэр ылаары тиниктэһэр устуоруйата ойууланар. Оруолларга: Гаврил Менкяров, Владимир Михалев, Иннокентий Луковцев, Роман Дорофеев, Айталина Лавернова, Ньургуйаана Маркова, Алдан Готовцев, Александр Кабунов, Софья Баранова, Герасим Васильев.

Дмитрий Дой суруйда

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар