Киир

Киир

Бэҕэһээ түүн 23 чаас саҕана киин куорат олохтоохторо Ленин болуоссатыгар сибэкки олордо сылдьар дьону сөҕө көрдүлэр.

«Кыым.ру» ситим суруналыыһыгар үлэһиттэр «Салайааччыбыт ол сылдьар» диэн биир туспа сууйа-сото сылдьар дьахтары ыйан биэрдилэр.

Бу чааһынай тэрилтэ үлэлии сылдьар эбит. Куйааһа бэрт буолан, күн арыый аллара түспүтүн кэннэ, 3 чаастан саҕалаабыттар.

7ab475af 8353 4e15 9cb6 9bf0b68f8af9

Тэрилтэ “Үрүҥ дьиэ” иннигэр уонна болуоссакка 32 тыһыынча сибэкки үнүгэһин олордуохтаах, сайын устатыгар көрүөхтээх, харайыахтаах. Олордуу, үнүгэс сааһыттан, кээмэйиттэн саҕалаан  кытаанах ирдэбили тутуһан, ландшафт дизайнын исхиэмэтинэн ыытыллар.  

Cалайааччы этэринэн, сибэкки олоруохтаах буорун саҥа үчүгэй буорга уларыппыттар, онон үчүгэйдик үүнэригэр эрэнэр. Ол эрээри бу оҥорбут улахан үлэбитин, үгүс сырабытын-сылбабытын бэйдиэ сылдьар аттар кэлэн биирдэ “салаан ааспаталлар” ханнык диэн долгуйар. Болуоссат аттынааҕы улахан тэрилтэлэргэ харабыл баар даҕаны, дьиэни эрэ көрөр эбээһинэстээх. Онон куорат олохтоохторун сибэккилэргэ хараххытын быраҕа сылдьыҥ, аттар киирэр түгэннэригэр кыйдаан ыытыҥ, тустаах уорганнарга биллэриҥ диэн көрдөһөбүт.

Былырыын болуоссаттарга сибэкки олордуута, үүнүүтэ наһаа бэрдэ суоҕун өйдүүбүт. Онон бары даҕаны үбүлүөйдээх куораппыт сотору кэминэн дьэрэкээн сибэккинэн толору симэнэрин-кууһанарын кэтэһэбит.

Санааҕын суруй