Колымскаяправда.ру суруйарынан, бэс ыйын 14 күнүгэр киэһэ, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников салайааччылаах, тыаны баһаартан харыстыыр суһал ыстаап уочараттаах мунньаҕа ыытылынна. ВКС форматынан ыытыллыбыт мунньахха Гидрометеорология сулууспатын Саха сиринээҕи салалтатын, СӨ Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин уонна хас даҕаны оройуон баһылыктарын сырдатыыларын иһиттилэр.
Мунньахха Аллараа Халыма оройуонун дьаһалтатын, айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтин бэрэстэбиитэллэрэ уонна лесничэй мунньахха кытыннылар.
Оройуоҥҥа Өньүүй өрүс төрдүгэр тахсыбыт тыа баһаара киһи кыайан тиийбэт сиригэр баарын уонна нэһилиэнньэҕэ куттала суоҕун туһунан иһитиннэрдилэр. Онон, кэтээн көрүүнү салҕыахтаахтар.
Эбэн этэр буоллахха, ыаллыы сытар Орто Халыма оройуонугар 2 ойуур баһаара тахсыбыта биллэр. Олортон биирдэстэрэ Аллараа Халыма кыраныыссатыттан 40 км ыраах туундара сиригэр-уотугар баар. Чукотка Билибинскэй оройуонугар үс ойуур баһаара бэлиэтэммит, олортон иккитэ Омолооннооҕу тыа хаһаайыстыбатыгар киирсэр эбит.
Санатар буоллахха, бүтүн Саха сирин үрдүнэн баһаары утары ураты эрэсиим олохтоммута.
Алексей КУРИЛОАаптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ