Киир

Киир

Сарсыҥҥы Туймаада ыһыаҕар хайдах айаннаан тиийэбит, балааккаланар сирбитин хайдах булабыт диэн дьон долгуйуута үгүс. Балаакка түөлбэтигэр миэстэ ыларга сайаапкалары хомуйбут мээрийэ тустаах салаата, быһыыта, наһаа элбэх сайаапка киирэн, улахан үлэҕэ баттаппыт. Маҥнай сайаапка хаалларбыт дьоҥҥо эрийэн анаммыт сирдэрин нүөмэрин этиэх буолан эрэннэрбит буоллахтарына, ол санааттан аккаастанан, төлөпүөннэрин араарбыттар. Онтон сылтаан, дьон мунаарара, айманара элбээтэ.

Бүгүн биллибитинэн, балаакка түөлбэтигэр сайаапка хаалларбыт дьон пааспардарын илдьэ тиийиэх тустаахтар. Кинилэр, массыыналарын Үс Хатыҥ парковкатыгар хаалларан бараннар, салгыы «Палаточный городок» диэн суруктаах шаттл-көлөнөн айанныахтара. Онтон докумуоннарын көрдөрөннөр, анаммыт сирдэригэр киириэхтэрэ. Онуоха ыһыахчыттарга волонтердар көмөлөһүөхтэрэ үһү.

Оттон Үс Хатыҥҥа айаннаан тиийэртэн долгуйуу туспа. Управтодор диэн тэрилтэ ыһыах айанын маннык быһаарар.

Массыыналаах дьон үс туһаайыынан: Можайскай уонна Строд (Марха бөһ.), Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уонна Паромная (Даркылах), Олег Кошевой (Марха бөһ) уулуссаларынан айанныахтара. Бу уулуссалар бары оҥоһулла турар Нам суолугар тиийэн быһа охсуһаллар.

Оптуобуһунан ыһыахтыы барааччылары, биллэн турар, оптуобус маршрута уонна бириэмэтэ долгутар. Онуоха кинилэр манныгы билиэх тустаахтар.

Бэс ыйын 25-26 күннэригэр ыһыахчыттары  ЯПАК уонна «СоюзАвто» оптуобустара тиэйиэхтэрэ. ЯПАК оптуобустара автовокзалтан айанныахтара, «СоюзАвто» оптуобустара – мэдисиинэ кииниттэн. Айан сыаната барыларыгар 50 солк. буолуоҕа. «ЯПАК» тэрилтэ тойоно  Валерий Домотов кондиционердаах 20 саҥа оптуобус сылдьыаҕа диэбит. «СоюзАвто» ханнык оптуобустарынан тиэйиэҕин сэрэйиэххэ эрэ сөп быһыылаах.

ЯПАК бастакы риэйсэтин бэс ыйын 25 күнүгэр  автовокзалтан сарсыарда  06.00 чааска ыытыаҕа. Онтон салгыы оптуобустар киэһэ 21.00 чааска диэри хас сэттэ-уон мүнүүтэ ахсын сылдьыахтара. Ол кэннэ сырыы икки арда 20-30  мүнүүтэ уһаан биэриэҕэ. Бэс ыйын 26 күнүгэр бүтэһик оптуобус киэһэ 21.00 чааска хоҥнуоҕа.

Айанныыр маршрута: Автовокзал — Цирк — Сельхозтехникум — Акварель-центр — ДК Кулаковского — Банковская — Архив — ЯКСМК — Якутская — Столичный рынок — Кольцевая — Гаражи — Севастопольская — Новопортовская — Сквер Гагарина — Рынок «Белое озеро» — Отдел полиции №3 — Пост ГАИ — Грузовой терминал — Пекарня — Большая Марха — Озерная — 1-ая Дачная — 2-ая Дачная — Коммунальщик — СОТ Сатал — Жатайская развилка — Ус Хатын.

«СоюзАвто» бастакы оптуобуһа бэс ыйын 25 күнүгэр Мэдисиинэ кииниттэн сарсыарда 06.00 чааска хоҥнуоҕа уонна салгыы биэс мүнүүтэ арыттаах сылдьыаҕа. Киэһэ 21.00 чаастан саҕалаан оптуобустар, түүҥҥү режимҥэ көһөннөр, 15-20 мүнүүтэ арыттаах сылдьыахтара. Бүтэһик риэйсэтэ эмиэ киэһэ 21.00 чааска барыаҕа.

Айанныыр маршрута: Медцентр — Гимеин — Сельхоз академия — КФЕН — Университет — Сквер Аммосова — Туймаада — Художественный музей — Городской суд — Школа №2 — Магазин «Прогресс» — Алмазэргиэнбанк — Чиряева — Спортивная школа — ДК Кулаковского — Банковская — Архив — ЯКСМК — Якутская — Столичный рынок — Кольцевая — Гаражи — Севастопольская — Новопортовская — Сквер Гагарина — Рынок «Белое озеро» — Отдел полиции №3 — Пост ГАИ — Грузовой терминал — Пекарня — Большая Марха — Озерная — 1-ая Дачная — 2-ая Дачная — Коммунальщик — СОТ Сатал — Жатайская развилка — Ус Хатын.

Толору уонна чопчу информация тиийбэтиттэн, дьон ортотугар араас саҥа-иҥэ элбэх. Ордук, трассаттан сатыы хаамар үһүбүт, балааккаланар сирбитигэр сатыы хаамар үһүбүт, балааккаланар сиргэ ким эрдэ тиийбит ол тиксэр үһү эҥин диэн айманаллар. Оттон биһиги ыһыахчыттарга хайа да түгэҥҥэ бэйэ-бэйэҕитигэр харыстабыллаахтык, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыҥ, өйдөспөт түгэн үөскээтэҕинэ даҕаны эйэ дэмнээхтик быһаарса сатааҥ диэн сүбэлиибит. Үрүҥ Тунах Ыһыахха кими да хомотор, мөкү быһыыны оҥорор табыллыбат.

Сонун төрдө: Дьокуускай куорат олохтоох дьаһалтата, Управтодор тэрилтэ

 

 

 

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар