Ходуһаҕа атаҕын тумсун укпатах, илиитигэр хотууру, кыраабылы туппатах, от минньигэс сытын билбэтэх саха ахсааннаах буолуохтаах. Оттооһун – саха төрүт үгэһэ, дьылын быһаарар үлүскэннээх кэмэ. Аҕам сааһын тухары оҕо сайыҥҥы лааҕырын салайан, алаастарынан, үрэҕинэн от бөҕөтүн оттообут чөмпүйүөн отчут буоллаҕына, мин кыраабылы обургу сааспар туппутум. “Итиннэ сытар оту субуулаан кэбиһээриҥ” диэн, кирпииччэ үктүү сылдьар кыргыттарга сорудахтаабытыгар, бэйэбиттэн кыра оҕолору кытта охсуллубут оту бөх курдук төгүрүччү хомуйан, аҕабын соһутан, хомотон турардаахпын. Итинник курдук, хас биирдиибит сыыһан-табан, от үлэтин биллэхпит. Кыраабыл, атырдьах угуттан илии чэрдийэрин билбит, сыралҕан куйааска күҥҥэ, үөҥҥэ көхсүн хатырыар диэри сиэппит, кэбиһиилээх оту кэккэлэтэр үөрүүгэ кыттыспыт, отуу чэйин амсайбыт чулуу отчут дьоҥҥо уруй-айхал буолуохтун!
От үлэтин үгэнигэр оттооһун тула кэпсэтиэҕиҥ.
Артур СЕМЕНОВ, Дьокуускай:
– Алта-сэттэ сааспыттан оттуубун. Чурапчы улууһугар Кындал диэн олус кэрэ айылҕалаах учаастакка олорор эһэм ааҕы кытта аан бастаан үрэх кытыытыгар оттообуппун өйдүүбүн. Оччолорго илии хотуурунан охсон, аты уонна оҕуһу көлүйэн оттууллара. Ардыгар тиэхиньикэлээх дьонунан оҕустараллара. Халыҥ аймах сиэнэ буоларбынан, үөрэтээччи, такайааччы хара баһаам. Эһэм, күтүөтүм, таайдарым, убайдарым, бырааттарым – бука бары отчуттар, тыа хаһаайыстыбатын дьоно. Бастаан субууну оҥорорум, онтон бугул түгэҕин харбыыр буолбутум. Сыыйа бугулдьукка көспүтүм, кэбиһээччи, түстээччи, кыдамаһыт быһыытынан сылдьыбытым. Биир тылынан, от үлэтин бары түһүмэҕин билэн, уопуттаах отчут буоллаҕым.
Билигин олоччу тиэхиньикэнэн оттуубут. Биэс сылтан бэттэх тыраахтарынан оҕустарабыт, мунньабыт, пресс-подборщигынан рулоннуубут. Сылга ортотунан 60 оту ылааччыбыт. Биир алаастан 40-тан, иккистэн 10-тан тахса оту ылан баран, эбэ атаҕын, үрэх кытыытын охсон эбинэбит. Окко киириигэ, бастакы хотуурга сиэри-туому хайаан даҕаны толоробут. Ити – суруллубат сокуон буоллаҕа. Урут оҕолор солбуһа сылдьан үлэлиирбит. Ким эрэ оттоһо барар, ким эрэ ынах ыаһар, ньирэй көрсөр, ким эрэ үүт туттарар. Билигин улаатан, араас үлэһит буоллубут. Сорохторбут, үлэлэриттэн быыс булбакка, окко сатаан кыттыспаттар. Ол иһин харчынан кылааппытын киллэрэбит. Билигин үлэбинэн араас тэрээһиҥҥэ сылдьабын. Атырдьах ыйын саҥата тапталлаах Кындалбар тиийэн, от үлэтигэр кыттыһыам. Киһи оттоотоҕуна, бустаҕына-хаттаҕына, үөҥҥэ сиэттэҕинэ эрэ, сайыны билэр. От үлэтэ бэйэтэ туһунан арамаантыка буоллаҕа. Онон, үөрэ-көтө барабын.
Анна ХАРИТОНОВА, Мэҥэ Хаҥалас:
– Соҕотох ийэҕэ иитиллибит оҕобун. Биир ынахпытыгар иккиэн оттуурбут. Ийэм бэйэтэ охсоро. Табаҕаҕа сүрдээх мындыр, сатабыллаах отчут оҕонньоттор бааллара. Ийэм кинилэр суолларын көрдөрө-көрдөрө үөрэтэрэ. Хотуур суолун кэтитин, көнөтүн, кирдээҕин-ырааһын оччоттон көрө үөрэммитим. Кырдьаҕастар сири кырсыттан ып-ыраастык ылбыт буолаллара. Оннук охсуу кэнниттэн эһиилигэр от үчүгэйдик үүнэр. Ити кэмтэн илиинэн охсорго интэриэстэммитим. Кэлин хаста да араас күүлэйгэ кыттыбытым. Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ иккис миэстэ буолуталаабытым. Василий Окороковка бэйэбэр сөп түбэһэр икки хотууру оҥорторбутум. Маастар охсор киһи туттарын-хаптарын, быһыытын-таһаатын көрөн оҥорор. Бэйэҕэр анаан оҥоһуллубут хотуур үлэлииргэ да астык. Кэлин тыраахтарга көһүү буолан, сүрүннээн, тиэргэним иһин охсобун. Хотуурум тэпилииссэм кэннигэр мэлдьи бэлэм турар. Уотунан охсор хотууру сирэбин. Суола-ииһэ дьаабы, оту илдьиритэн, ыһан кэбиһэр.
Төҥүлүтээҕи лиссиэй бэтэрээн үлэһиттэрэ, 15 хаһаайыстыба буолан, биир алааска оттуубут. Онно асчытынан киирэбин. Охсуллубут оту бугуллаан, үллэстэбит. Быйыл 105-тии бугулу үллэһиннибит. Охсуллубут от сыта, хотуур тыаһа, айылҕа салгына саха киһитигэр тугунан да солбуллубат үтүө буоллаҕа! Дьахтар билигин ходуһаҕа киирбэтэр да, от үлэтигэр оруола улахан. Отчуттары тэрийии, астарын-үөллэрин бэлэмнээһин, үлэни-хамнаһы сураһыы, өйөбүл олус суолталаах.
Иван ГУЛЯЕВ, Кэбээйи:
– Аан бастаан сэттис кылааһы бүтэрэн баран, мас бэлэмнээччи, чэй өрөөччү быһыытынан ходуһаҕа барсыбытым. Тохсус кылаас кэнниттэн охсооччу, бугул сүгээччи буолбутум. Билигин аҕыйах биэбитигэр аҕабын, кэргэммин, оҕолорбун кытта оттуубут. Бэлиэлээх диэн күөл тулатын охсобут. Биһиги эргин сир инчэҕэй буолан, илиинэн оттуубут. Арай мото-хотууру туһанабыт. Дойдубут барахсан бырдаҕа, кыымаайыта кэмэ суох элбэх. Ити – кини биир сүрүн уратыта. Ыраата бардахпытына, үүтээннэргэ хонобут. Кырдьаҕас суолун, сааҕын, ырааҕынан сылдьарын көрөн ааһааччыбыт. Тайах, бүүчээн, кус, балык дэлэй. Сир аһа биһиэхэ үчүгэйдик үүнэр. Билигин хаптаҕас, сугун кэмэ.
Быйыл үүнүү үчүгэй эрээри, уһуннук ардахтаан, үгүс ходуһа ууга турар. Үрэхтэр түспэттэр. Онон, дьон окко саҥа киирэн эрэр. Суол-иис мөлтөх. Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ балаһыанньаны күн аайы кэтии олороллор, мониторинг ыыталлар. Ол түмүгүнэн туох эмэ көмө көрүллэригэр эрэнэбит. Урукку дьылларга окко наадыйбат этибит. Төттөрүтүн, быстарбыт, от тиийбэт хаһаайыстыбаларыгар көмөлөһөрбүт. Быйыл балаһыанньа ыарыыр чинчилээх.
Түөрт оҕобуттан саамай улаханым 11 саастаах, соҕотох уол. Мунньан, субуулаан көмөлөһөр. Онтон атыттары, кыра да буоллаллар, илии-атах оҥостон, үлэҕэ үөрэтэн, бэйэбитин кытта илдьэ сылдьабыт.
Анна ДОБРЕЦОВА, Уус Алдан:
– Дьоммун кытта чааһынай сүөһүбүтүгэр Уус Алдан улууһун Тиит Арыы нэһилиэгэр арыыга киирэн оттуурбут. Сарсыарда барабыт, киэһэ төннөбүт. Ардыгар кыра бырааппын көрө отууга хааларым. Оччолорго үлэ барыта – илиинэн. Аҕам ходуһатын олоччу бэйэтэ охсоро. Бу санаатахха, күүстээх да үлэни толоро сылдьыбыт эбит! Охсуллубут оту икки күн куурдан баран, ийэбиниин мунньа, бугуллуу киирэрбит. Ол кэмҥэ аҕам салгыы охсоро. Онтон бырааппыныын бугуллууллара. Оннук пааралаһан, кыайарбыт-хоторбут. Үүнүү да үчүгэй буолара. Быһа холоон, 30 туоннаны ылааччыбыт. Охсуллубут от сытын олус сөбүлүүбүн. Ходуһаҕа талаһар төрүөтүм – ол. Оттооһун араас түһүмэхтэрдээх буолан, үлэ араас хайысхатыгар үөрэтэр-такайар, дьону ситимниир, ыраас үлэ буолан туттарга-хаптарга да астык. Биир сыл эбэ уута сайыннары үрдээн, оттообут оппутун барытын үөһээ кырдалга таһан турардаахпыт. 12 эрэ саастаах кыыс оҕо сүрдээҕин тулуктаспыт эбиппин. Элбэх оту таспыппыт. Ыксаллаах быһыы-майгы этэ. Ол дьыл дьон бөҕө отун ууга былдьаппыта. Бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэн, саба түһэн быыһаабыппыт.
Аҕыйах сылтан бэттэх тиэхиньикэнэн оттуур буоланнар, биһиги ходуһаҕа киирбэт буоллубут. Быйыл эмиэ эбэ уута элбээн, окко хойутаан киирдилэр. От үүнүүтэ үчүгэй. Халаан уутуттан олус тутулуктанабыт. Билигин даҕаны оттуу барыахпын баҕарабын да, эппитим курдук, тиэхиньикэ баһылаан, биһиги туһата суохпут. Ол эрээри, санаам буолбакка, сороҕор илиинэн харбаан, көмө буолааччыбын.
Борис НИКУЛИН, Марха:
– Абый улууһун Майыар нэһилиэгин Кэбэргэнэ бөһүөлэгиттэн төрүттээхпин. Алтыс-сэттис кылаастан оҕо сайыҥҥы лааҕырыгар от үлэтигэр уһуйуллубутум. Сопхуос 100-тэн тахса сүөһүтүгэр анаан хас да биригээдэ окко киирэрэ. Чугаска атынан барарбыт. Ыраах сиргэ бөртөлүөтүнэн илдьэллэрэ. Улахан күөл тулатынан, сүрүннээн, уу отун оттуурбут. Уулаах-хаардаах сир буолан, куруму саппыкынан сайылыырбыт. Бугуллары уһун маска туруоран, куурдарбыт.
Соторутааҕыта бассаапка тарҕаммыт кэпсээҥҥэ доҕордуулар көрсөллөр. “Биһиэхэ киһи аастаҕына, моһуона оннунан хаалар элбэх бырдахтаах” диир биирэ. Онуоха иккиһэ “Ол диэн – ньучубуо. Биһиги бырдахпытыгар өйөнөн турааччыбыт” диэбитин курдук, Абыйга үөнэ-көйүүрэ сүрдээх. Бириһиэн ыстаан, куурка, сиэккэлээх сэлээппэ эрэ абырыыллар. Билиҥҥи курдук, эмп-томп суох буоллаҕа. Онно холоотоххо, киин улуустарга, Илин Эҥээргэ ырай олоҕо эбит.
Үлэ барыта – илиинэн. Куһаҕана суох охсооччу этим. Бэйэ икки ардыгар күрэхтэһэрбит. Иккис-үһүс миэстэ буолуталыырым. 80-с сылларга тыраахтарынан оттуур буолбуппут. Отчуттар биирдии-иккилии буолан, кыра балааккаларга утуйарбыт. Инчэҕэйэ бэрт буолан, талаҕынан тэллэх оҥостон сытаҕын. Улахан балааккаларга киирэн аһыырбыт. Сайын устата бөһүөлэк диэни көрбөккө, күһүөрү баттахпыт уһаан, күн уотугар килэриччи сиэтэн кэлэрбит. Үөрэх дьылын саҕаланыыта быраактыка диэн баар буолан, ол кэми ходуһаҕа атаарарбыт.
Кэлин Илин Эҥээргэ күтүөт буолан баран, аҕыйах төбөҕө сынньалаҥнык оттообутум. Билигин, сааһырыы бэрээдэгинэн, сүөһүнү туппаппыт. Төһө да чэпчэкитэ суох оттооһун буоллар, сайын аайы ходуһабын ахтабын. Чахчы, саха сайыны оттоотоҕуна билэр.
Мария САВВИНА, Дьокуускай:
– Куоракка улаатан, от үлэтэ диэни билбэтэҕим. Хоту улуустан төрүттээхпин, дьонум өлөн-сүтэн, дойдубар кэлин адьас барбатаҕым. Тыа сиригэр ахсааннаахтык сылдьарым. Арай биир сайын Илин Эҥээргэ олорор дьүөгэм “сынньана таарыйа оттоһо кэл” диэн ыҥырда. Оччолорго дьон билиҥҥи курдук айылҕаҕа улаханнык тахсыбаттара, туризм сайда илигэ. Ол да иһин куораппыттан ырааппат этим. Үлэҕэ-хамнаска эриллибэтэх куорат дьахтара от үлэтин сынньалаҥ, сөтүө курдук саныырым. Дьүөгэм “Таҥын, билигин барыахпыт” диэн баран, арай көрбүтэ – дьарапалаан курдук ачыкылаах, күтүр улахан сэлээппэлээх, кып-кылгас суортуктаах, киһи хараҕа иирэр эриэн куопталаах, биир тарбаҕыттан иҥиннэриллибит быалаах таапачыкалаах, тарбаҕын аайы биһилэхтээх дьахтар кыпсыйан аҕай турар үһүбүн! “Тыый, бу да кыыс!” диэн өмүрэн, көрүөх бэтэрээ өттүгэр былааттаах, халҕайбыт ыстааннаах, киэҥ ырбаахылаах, эргэ бачыыҥкалаах отчуту таҥыннаран таһаарбыта. Ходуһаҕа биир сиртэн сыҕарыйбакка, хас биирдии салааны бытааннык, кыһамньылаахтык тараан, күттүөннээх үлэни үлэлээбэтэҕим. Ол иһин “асчыттаа” диэн отууга таһаарбыттара. Онно бэлэмнээн уурбут кыраабылларын тииһин уокка оттон кэбиһэн (чыыппаан дии санаабытым), абыраабыта аатыран бэнсииннээх бөтүөннэригэр толору уу баһан, буруй бөҕөтүн оҥорон үүрүллүбүтүм. Убайа кыыһыран кып-кыһыл буолбут сирэйэ билигин даҕаны харахпар көстөр. Оччолорго баламат быһыы курдугун иһин, кэлин быарбыт ыалдьыар диэри күлсэбит. Отчут быһыытынан сырыым итинэн түмүктэммитэ. Арай охсуллубут от сытын оччоттон олус ахтабын!
Оксана ЖИРКОВА бэлэмнээтэ