Дьокуускай куорат баһылыгын Евгений Григорьевы кытта көрсүһүүгэ олохтоохтор үгүстүк арыгы маҕаһыыннарын, арыгыны атыылыыр «сымыйа» кафелар үлэлэрин аччатар туһунан ыйытыгы биэрэллэр. Бу туһунан бүгүн, атырдьах ыйын 3 күнүгэр, Евгений Григорьев Дьокуускай куорат Губинскай уокурук олохтоохторун кытта көрсүһүүгэ эттэ. Тэрээһиҥҥэ СӨ Урбааҥҥа, атыыга уонна туризмҥа миниистирин солбуйааччы Максим Карбушев, Дьокуускай куорат Дууматын бэрэссэдээтэлэ Евдокия Евсикова уонна Дьокуускай куорат уопсастыбаннай палаататын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар.
Көрсүһүүгэ Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев арыгы атыытын хааччахтааһын уонна бу эйгэҕэ сокуон сыһыана кытаатарыгар туох оҥоһуллубутун туһунан быһаарда уонна көрдөрдө.
Евгений Григорьев арыгыны кытта дьайыы усулуобуйатын быһаарар №171 федеральнай сокуон туһунан сиһилии кэпсээтэ.
«Дьокуускай куорат Дууматын кытта ыкса үлэ түмүгэр, биһиги арыгыны атыылыыр сир социальнай эбийиэктэртэн уонна элбэх кыбартыыралардаах дьиэлэртэн ыраах туруохтааҕын ситистибит. Бу муниципалитет эппиэтинэһигэр сытар», - диэн Евгений Григорьев тоһоҕолоон эттэ.
Ол курдук, сокуоҥҥа тахсыбыт уларыйыыларга олоҕуран, Губинскай уокурукка баар пиибэни лицензията суох атыылыыр 5 бородуукта маҕаһыыннара пиибэни атыылаабат буолуохтара. Тоҕо диэтэр, бу маҕаһыыннар Дьокуускай куорат Дуумата олохтообут хааччаҕар эппиэттэспэттэр.
Евгений Григорьев эппитинэн, аны туран, арыгыны атыылыыр маҕаһыын тэйиччи буоллаҕына, атыылыыр эбийиэгин иэнэ улаатыан биэриэн сөп. Оттон иэни уларытыы боломуоччуйата Ил Түмэҥҥэ эрэ баар.
Губинскай уокурук олохтоохторо арыгыны атыылыыр маҕаһыыннар уонна псевдокафелар элбээннэр, буруйу оҥоруу эмиэ үксээбитин иһин долгуйаллар.
Билиҥҥи туругунан, Губинскай уокурукка дьону аһатар 18 пуун баар эбит – эрэстэрээннэр, кафелар уонна «сымыйа» кафелар. Маны сэргэ, 16 анал специализированнай маҕаһыыннар – алкомаркеттар бааллар.
Бу көрсүһүү түмүгүнэн, Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын нөҥүө сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии туһунан этиини ылынарга быһаарыныы киирдэ.
Дьокуускай куорат дьаһалтатын Пресс-сулууспата