Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев ититии сезонугар хочуолунайдар уонна дьон олорор дьиэлэрэ төһө бэлэмин кэрийэн көрдө. Кинини кытта куорат хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар баһылыгы солбуйааччы Егор Кардашевскай, салайар хампаанньалар үлэһиттэрэ сырыттылар, көрсүһүүгэ элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр олохтоохторо кытыннылар.
Ол курдук, Лермонтов 92/1, Новокарьернай 22/9 уулуссаларга турар хочуолунайдары, дьон олорор дьиэлэрин көрдүлэр. Маны таһынан Сэргэлээх шоссетын 13 килэмиэтирин 1 №-дээх дьиэтин туругун кытта билистилэр.
Көрсүһүү кэмигэр 2015 сыллаахха “Высота” ХЭУо туппут Новокарьернай 22/9 аадырыска баар элбэх кыбартыылаах дьиэ олохтоохторо тутуу хаачыстыбатын, тас сырдатыы туһунан санааларын эттилэр. Саҥа дьиэҕэ пандустары туруорарга, тиэргэн иһигэр турар гараастары бэрээдэктииргэ, суолу өрөмүөннүүргэ уонна чугас оптуобус тохтобулун оҥорорго этиилэри киллэрдилэр.
Олохтоохтор дьиэ маҥнайгы этээһин муостата тымныытын туһунан эппиттэригэр Евгений Григорьев “Туппут тэрилтэ итэҕэһин көннөрөрүгэр кэпсэтиини суут нөҥүө ыытыахха сөп” диэн бэлиэтээтэ.
– Дьиэ таһынааҕы территорияҕа сырдатыы кэмчитэ куорат уопсай кыһалҕата буолар. Бүгүҥҥү туругунан Дьокуускай 65 %-на эрэ сырдатыллан турар. Манна сыһыаннаах үлэлэр былаанынан бара тураллар, салгыы ыытыллыахтара, – диэн баһылык эттэ.
Евгений Григорьев, Егор Кардашевскай салайар хампаанньалар, уокурук салалтатыгар эппиэттээх дьон төһө көдьүүстээхтик үлэлииллэрин бэрэбиэркэлээтилэр. Үлэһиттэр миэстэтигэр барытын хонтуруолуу олоруохтаахтар.
Олох-дьаһах, хомунаалынай хаһаайыстыба эбийиэктэрин, уматык-энэргиэтикэ комплексын эбийиэктэрин бэлэмнээһиҥҥэ тэриллибит ыстаап иһитиннэрбитинэн, атырдьах ыйын 4 күнүн туругунан ититии систиэмэтин хапытаалынайдык өрөмүөннээбитин туһунан 41 МКД дуогабар түһэрсибит. Билиҥҥи туругунан Дьокуускай ититии сезонугар уопсай бэлэмэ 63 %-ҥа тэҥнэһэр.
МКД-га ититии систиэмэлэрин сууйар-ыраастыыр уонна өрөмүөннүүр үлэлэри салгыы ыыталлар.