Киир

Киир

Чурапчы улууһугар кыстыгы этэҥҥэ туоруурга 39 тыһыынча туонна от бэлэмнэниллиэхтээх. Оттон бүгүҥҥү туругунан, 18 600 га от охсуллубут, 17 857 туонна от бэлэм. Бу туһунан Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев @sargydaevstepan тг-ханаалыгар иһитиннэрдэ.

«Быйыл уһуннук курааннаан уонна аһыҥа ыһан, 90% ходуһалаах алаастарбытыгар улахан хоромньу таҕыста. Оттооһуҥҥа ыксаллаах быһыы-майгы туран, улуус дьаһалтата 1479 №-х үрдүк бэлэмнээх буолуу режимин дьаһалын биллэрдэ. Бу дьаһал чэрчитинэн, хас нэдиэлэ ахсын улуус сиригэр-уотугар уонна атын оройуоннарга от үлэтин тэрийиигэ миэрэлэри ылар Суһал ыстаап тэрилиннэ», - диэн улуус баһылыга биллэрдэ.

Степан Саргыдаев салгыы: «Бүгүҥҥү туругунан, 18 600 га от охсуллубут, 17 857 туонна от бэлэм, мобильнай биригээдэлэр 2 587 туоннаны оттоотулар. От былаанын толоруу 46% туолла. 71 мобильнай оттуур биригээдэ үлэлиир, мантан 58 биригээдэ улуус сиригэр-уотугар уонна атын улуустарга үлэлиир-хамсыыр», - диэн даҕатан эттэ.

Степан Саргыдаев быһа биэриитин кэмигэр Чурапчы улууһун олохтоохторуттан от былаанын толоруу, сири тупсарыы, хоромньуну толорон атын улуустартан оту тиэйии, атыылаһыы уонна алаастарга аһыҥаны эһии уо.д.а. туһунан үгүс ыйытык киирдэ.

 

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар