Бүгүн биһиэхэ Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгиттэн, оттуур ходуһата ууга баран, элбэх сүөһүлээх кэтэх хаһаайыстыбатын кыайан кыстаппат турукка киирбит Василий Ноговицын кыыһа суруйда. Тыҥаабыт быһыыны-майгыны бигэргэтэр элбэх хаартыска, видео ыытта. Биһиги бу кыһалҕаны чугастык ылынаммыт, отчуту кытта төлөпүөнүнэн кэпсэттибит.
«Инники дьылларга бэйэбит хаһаайыстыбабытын толору хааччынарбыт таһынан, от атыылаан дьоҥҥо көмөлөһөр эбит буоллахпытына, быйыл улахан кыһалҕаҕа кыһарыйтардыбыт. Сайын саҕаланыыта, Луҥха үрэх угуттаан, Сордоҥноох диэн оттуур ходуһабыт бүтүннүү ууга барбыта. Халаан уута өр туруоҕун билэммин, былырыын от атыылаабыт Мэҥэ Хаҥалас Нуорҕанатын дьонугар аккаастыырга күһэллибитим. Сэрэйбитим курдук, оппутугар от ыйын бүтүүтэ биирдэ киирбиппит. 40 туонна оту оттоон рулоннаабыппытын кэннэ 150 га иэннээх сирбит охсубут оппутун тимирдибитинэн эмиэ ууга барбыта. Халаан уутуттан куоттаран үөһэ таһаарбыт рулоннарбытын сотору кэминэн иккистээн уу ылан сытытта. Кыттыһан оттуур дьонум эмиэ ытыс соттон хааллылар», - диэн Василий Андреевич кыһалҕатын биһигинниин үллэһиннэ.
Аҕыйах хонуктааҕыта отчуттарга улуус дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатыгар управлениетын үлэһиттэрэ тиийэ сылдьыбыттар. Оттуур сир ууга барбытын, төһө хоромньу тахсыбытын хаартыскаҕа түһэрэн, докумуон толорбуттар. Василий Андреевич, көмө көрдөөн, сайабылыанньа суруйбут. Киниэхэ чопчу туох көмө оҥоһуллуоҕун эппэтэхтэр. Оттон Куокуйга ардах төннөн кэлэ-кэлэ түһэ турар.
Онуоха, атырдьах ыйа бүтэн эрэр, халлаан күн-түүн тымныйар. Интэриниэт күнү-дьылы билгэлиир сулууспата балаҕан ыйыгар Кэбээйигэ биир эрэ нэдиэлэ ардаҕа суох халлааны эрэннэрэр. Оттон Ноговицыннар 40-тан тахса ынах сүөһүнү туох-хайдах кыстаталлара күн бүгүн биллибэккэ турар. Кинилэргэ аччаабыта 100 туоннаттан тахса от ирдэнэр. Онон, биһиги Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн хоруй күүтэбит.
Хаартыскаҕа: Ууга барбыт оттуур ходуһа атырдьах ыйын 19 күнүнээҕи туруга.
Күндэли