Киир

Киир

Быйылгы кыстыгы биир да ынах сүөһүнү, сылгыны өлөрбөккө, сутаппакка, ырыарбакка туоратарга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 443,88 тыһ. т оттонуохтаах, 30,2 тыһ. сенаж, 12,88 тыһ. сиилэс бэлэмнэниллиэхтээх. Бу отунан 179,15 тыһ. ынах сүөһү, 182,3 тыһ. сылгы кыстаан тахсыахтаахтар. Оттон бүгүн от бэлэмигэр балаһыанньа балай да ыарахан. Атырдьах ыйын 22 күнүн туругунан, 269,1 тыһ. т от оттонон, былаан 61% туолбут, сиилэс 31%, сенаж 14% эрэ бэлэмнэммит.

От Амыртан тиэллиэ суохтаах

Урут от тиийбэтэҕинэ, “харчыбыт элбэх диэбиттии”, туох да кыһалҕата суох Амыртан, атын да эрэгийиэнтэн элбэх үбү кутан, босхо тиэйэн аҕаларбыт. Былырыын ол “оттоох ырай дойдуларбытыгар” Африка чумаатын курдук сүөһү сыстыганнаах ыарыылара туран, оту тиэйиини бобон, моһуогура сылдьыбыппыт. Ону таһынан олох куһаҕан хаачыстыбалаах от кэлэр буолбута. СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы М.В. Никифоров “Кыымҥа” 2021 с. ахсынньытыгар биэрбит интервьютугар: “Элбэх үбү от таһыытыгар көрөбүт. Ол оннугар бэйэбит мобильнай биригээдэлэрбитин өйөөн, тэйиччи сытар сирдэрбитин чөлүгэр түһэрэргэ усулуобуйа тэрийиэхтээхпит дии саныыбын. Эһиилгиттэн “кыстыыр оппутун, туох да буолбутун иһин, бэйэбит сирбитигэр оттуоххайыҥ, бэйэбититтэн булунуохтаахпыт” диэн ТХМ-ҥа уонна улуус баһылыктарын мунньаҕар сорудах быһыытынан тиэрдэн турабын”, — диэн эппитэ.

Ол эрээри, быйыл сайын сорох сиргэ баһаардар, онтон уһун тохтообот ардахтар түһэн, сис уута тахсан, сир-уот Саха сирин үрдүнэн ууга барда. Уу сута кэллэ.

Быйылгы оппут былырыын бу кэмҥэ оттоммут оттон 19 тыһ. т аҕыйах. Уу кыччаабат, барбат, күһүн сир дойду уута тардыбакка тоҥуон сөп. Оттооһун балаһыанньата ордук халааҥҥа барбыт Үөһээ Дьааҥыга, Кэбээйигэ, Горнайга уустук. Оттон Чурапчыга саранча түһэн оттоппото.

Ил Дархан сорудаҕа кытаанах...

От тиийбэт кутталын ТХМ хайдах быһаараары олорор уонна эппит тылбытын умнан эмиэ Амыртан атыылаһа барабыт дуо диэн ыйыталаһа СӨ т/х миниистирин солбуйааччы Н.С. Афанасьевка тиийэбин. “Соцситимнэр” “от суох, сүөһү аҥара сүүскэ бэриллэр буолла” диэн харахтара бүөлэниэр диэри ыксаан, ыһыы-хаһыы буоллахтарына, Николай Степанович холку, ымыттыбатах, тугу гынарын чуолкай билэр көрүҥнээх олорон кэпсээтэ:

— Атырдьах ыйын 23 к. Ил Дархан Айсен Николаев оттооһун туругунан тэрийбит мунньаҕар бырабыыталыстыба, ТХМ иннигэр биир да сүөһүнү, сылгыны көҕүрэппэккэ, сутаппакка кыстатан таһаарыахтааххыт диэн бырабыыталыстыбаҕа, ТХМ, улуустарга сорудахтаата.

Урут сопхуостар кэмнэригэр да, кыстык оту буларга балаҕан ыйа бүтүөр, алтынньы саҥатыгар, хаар аннынан оттооһун баара. Онон сөпкө тэриннэххэ, хаалбыт бириэмэҕэ өссө да элбэҕи оттуохха сөп.

От хаачыстыбата, суорда намыһах буолуо диэн эбии аһы атыылаһар боппуруоһу Ил Дархаҥҥа туруордубут. Айсен Сергеевич эбии корбикорм, зернофураж, гранулалаах оту аҕаларгытыгар тиэйиитин ороскуотун сабарга үптэ көрүнүҥ диэн сорудах биэрдэ. Алтайга 1 кг комбикорм сыаната — 18 солк., айаныгар 10 солк. эбиллэн, 28 солк буолан кэлэр. Ити эбии 10 солк. хайа эрэ чааһын өрөспүүбүлүкэ, төһөтүн эрэ улуус уйунуо. Төһөнөн ыраах да ороскуота үрдүүр.

Билигин Дьааҥыга комбикорм биир куула 1,9-2,5 тыһ. солк. Дьокуускайга 1 куул – 1,1 тыһ. Ол аата икки төгүл кэриҥэ айанын сыаната эбиллэн тиийэр. Ил Дархаҥҥа ити араастаһыытын толуйар туһунан кэпсэтии барда. Бэтэринээрдэр сүөһү буордаах оту сиэн, уо.д.а. аһа мөлтөҕүттэн истэрэ ыалдьар түгэнигэр эмтииргэ эми-тому булунуохтаахтар.

От тиийбэтин, суорда түспүт отунан аһатар хаһаайыстыбаларга эбии аһатарга, барыллаан ааҕыынан, 44,5 тыһ. т гранулированнай от, комбикорм, битэмииннээх минеральнай комплекстар наадалар. Урукку сылларга 20-22 тыһ. т курдук эбии аһылыгы атыылаһан кыыстааччыбыт.

Мобильнай биригээдэлэри тэрийии туһунан

— Мобильнай биригээдэлэр диэн оттоох сиргэ көһөн тиийэн оттуур хаһаайыстыбалары ааттыыбыт. Кинилэр ыраах сирдэргэ 45218 т оту оттуохтаахтар. Ити биригээдэлэри тэрийиигэ т/х бородууксуйатын оҥорооччуларга 45,22 мөл. солк., ол эбэтэр 1 туоннатыгар 1 тыһ. солк. көрүллүбүтэ. Төһө оттоммута күһүн биллиэ.

Сорох улуустар наар мобильнай биригээдэри тэрийэн оттонон олороллор. Холобур, сирдэрэ суох Горнайтан П.П. Данилов б/х, Лөкөчөөнтан А. Харлампьев б/х Өлүөнэ арыытыгар кэлэн оттууллар. Чурапчылар эмиэ өрүс арыытыгар сири уһун болдьоххо ылан оттууллар. Үбү биригээдэлэргэ биэриэххэ диэн боппуруос турбута да, хойутаан тиийиэхтээх. Харчы баар этэ да, мобильнайдар уонна былырыыҥҥы оту атын эрэгийиэнтэн таһыы төлөбүрүн кытта биир ыстатыйаҕа сылдьарынан, суоппардар хамнастарыгар туттулунна. Суоппардар хамнастарын тобоҕо ТХМ бүддьүөтүттэн кырыллан, бу күннэргэ Чурапчыга уонна Уус Алдаҥҥа барда. Онон мобильнайдарга төлөнөр эбии харчыны бүддьүөттэн быйыл күһүҥҥү корректировкаҕа киллэртэрэн төлүөхпүт. Ол иһин улуустарга бэйэҕит төлөөн тэрийэ туруҥ, ТХМ ол сууманы бүддьүөттэн толуйуо диэн сорудах эрдэ барбыта. Ол кэпсэтиинэн мобильнай биригээдэлэр үлэлии сылдьаллар. 18 улуустан мобильнай биригээдэлэри үбүлүүр сайаапка баар, харчыларын ыытыахпыт.

Уу сут

Хаһыы, хадьымал отугар эрэнэбит

— Саха сиригэр оттуур хаһан баҕарар эрэйдээх. Куоракка аспаал устун хаамыы буолбатах. Быйылгы оттооһуҥҥа уустук т2гэн былырыыҥҥы баһаардар содулларыттан таҕыста. Сис уута киирэн, үрэхтэр сааскылыы халааннаатылар. Оттуур ходуһаларга барар суол иис-суоҕа, умайбыт мас охтубута кыһалҕаны эптэ. Аны буоллаҕына, улахан эбэбит уута түспэккэ, арыыларга оттуу тахсыыны атахтаата. Урут кэстэрэн туоруур сирдэригэр уу үрдүгүнэн боруомнаннылар. Араас ньыманы, бэл, буочуканы баайан дагдатан туоруулларын туһунан видео “бассаапка” элбэх сылдьар.

Халаантан улаханнык оҕустарбыт Үөһээ Дьааҥыга 2,5 тыһ. ынах сүөһүнү, 7,5 сылгыны кыстатыахтаахпыт. ССРС саҕана ынахтара 7,5, сылгылара 15 тыһ. төбөҕө тиийэрэ. Ити үлүгэр элбэх сүөһүнү аһаппыт урукку ходуһалар бааллар да, хайаттан хайаҕа диэри ууга бардылар. Быйылгы уу эрдэ от ыйыгар кэллэ, урут атырдьах ыйыгар кэлэн оттоммут от бөҕөтүн сытытара. Дьааҥыга сүрдээх уустук балаһыанньаҕа оттуу сылдьаллар. Уу окко киириэхтэрин иннинэ кэлэн, отторо сороҕо буордаах. Сүгэн, соһон оту үрдүк сиргэ таһааран куурда-куурда оттууллар. Халлааннара билиҥҥэ диэри ардыы турар. Ол кытыыга соспут отторун сүгүн куурдубат. Кыһалҕа үөһэ кыһалҕа. Бүгүн 26,4% эрэ оттоохтор, күһүннэри оттоон оту элбэтиэхпит. Оттон 7,5 тыһ. сылгыны кыстатарга хаһыы ото үчүгэйдик таҕыстаҕына, хастаран кыстыгы туоратыахпыт диэн былаанныыбыт. Дьааҥы кырдьаҕастар уу мотуоктарын кэннэ күөҕүнэн тоҥмут хаһыы ото элбэх тахсааччы, онон сылгыга оттоммут оту элбэҕи сиэппэккэ, хастаран кыстатааччыбыт дииллэр. Эбии аһатарга комбикорм, зернофураж аҕыйаҕы илтибит, билигин өссө ууннан ыытыахтаахпыт. Дьааҥыга Портнягина Е.А. салайар, Верхоянскай куоратын үүт, эт аһынан хааччыйар улахан, 100-тэн тахса ыанар ынахтаах хаһаайыстыбата ото олох аҕыйах. Кинилэргэ көмөҕө оту мантан да илдьиэхпит.

Уопсайынан, өбүгэлэрбит билиҥҥитээҕэр ыарахан суттары тулуйан туорууллара. Кинилэр ууга хаалбыт от күөҕүнэн тоҥмутун муус турбутун кэннэ охсоллоро. Онон өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн муус тоҥмутун кэннэ, өбүгэлэрбит хадьымал (сорохтор ходуул дииллэр) ходуйан оттуур ньымаларын тилиннэрэн, эбии от булунар сорук турар.

ТХМ ууга барбыт Дьааҥы улууһугар хадьымалы охсорго үбүнэн көмөлөһүөҕэ. Онно анаан 22 мөл. солк., кэтэхтэргэ 5-тии, бааһынайдарга, тэрээһиннээхтэргэ 7,5 тыһ. солк. диэн быһыллан барбыта. Улуус бу үбү кимнээххэ түҥэтэн биэрэр бэрээдэги бэйэтэ ылынар.

“Көҥүл хотуур” сир кыһалҕатын быһаарбат

— Сир чааһынайга түҥэтиллэн, “эһэм, аҕам сирэ” диэн сыл аайы оттоммот сир Саха сирин оттонор ходуһатын 20-30% ылара буолуо. Ити үлүгэр сир таах хаалар. Улуус баһылыга “көҥүл хотуур” диэн биллэрбитэ, дьиҥэр, сокуоннайа суох, сүбэ-ыйыы эрэ, толоруулаах күүстээх юридическай докумуон буолбатах. Оннук сирдэргэ айдааннах дьон баар буолар, ол иһин “эрэй эрдэтинэ” диэн, ким да киирэн оттообот, хаалар.

Ол эрээри, холобур, мэҥэлэр ити боппуруоһу улуус таһымыгар хас биирдии киһини кытта үлэлээн, быһаараннар “сирбитин барытын оттуубут” дииллэр. Былырыын-быйыл оннук үлэлээтилэр.

Сир-сир аайы дьон менталитета, үлэҕэ сыһыаннара араас. Билигин улуустары кытта мунньахтаан кэллим. Ленскэй курдук т/х өйөнөр улууһугар сорох нэһилиэк былаанын туолуута кыра. Аттыгар сытар Сунтаар, төһө да элбэх сирэ ууга бардар, былаанын толорбут, өссө атыыга оттоору олорор. Үөһээ бүлүүлэр үүнүү үчүгэй диэн атыыга оттоору бэлэмнэммиттэрэ. Былырыын 1 тыһ. тахса т атыылаабыттара. Быйыл сайын ортото сирдэрэ ууга барда. Бүлүү эмиэ былаанын толорор санаалааҕа да, сир уута, ардах түһэн эмиэ ууга бардылар. Бүлүүлэр от суоҕун да иһин, Чурапчыга “ат да манньаҕа” оттуу барбаттар. Оттон чурапчылар кураан диэтилэр да, көһө үөрүйэхтэр, туран баран хаалаллар. Билигин Уус Майаҕа оттуу сылдьаллар. Ол да буоллар бары сылы туоруур оту булар кыһалҕалаах сылдьабыт.

Көмө суох буолбатах...

Билиҥҥи дьон ортотугар үөскээбит биир куһаҕан майгы туһунан этиэхпин баҕарабын. Уопсайынан, сүөһүнү сатаан көрбөт эрээри иитэ сатыыр дьон баар буоллулар. Холобур оҕолоро сүөһү иитэбин диэн грант харчытын ылар. Онтон төрөппүттэригэр ииттэрэллэр, олор кыайбакка, сүөһүлэрин өлөрө тураллар. Оннук сыыһа. Хас биирдии хотону нэһилиэк баһылыктара, улуус да кыайан көрбөт. Ол туһунан ТХМ биллэрбэтэхтэринэ, сүөһү сутаабытын хантан билиэй. Ону бэтэринээрдэр, улуустарга боломуочуйа бэриллэн т/х исписэлиистэрэ элбэхтэр, ол дьон көрүөхтээхтэр, найыласпакка. Кинилэргэ хамнастарыгар харчыны улуустар бүддьүөттэн ыла олороллор.

Аны кэтэхтэр, тэрээһиннээхтэр да “оппутугар харчы наада” дииллэр дии. Ынаҕы иитэр ороскуоттаах, ото-маһа кыайтарбат, үлэҕэ уматыкка, сапчааска, о.д.а кыһалҕаҕа туттарга харчы чахчы наада. Ону өйдөөн туран, А.С. Николаев ыанар ынахха 35 тыһ. солк. бэрдэрбитэ, сыл аайы барыта 1,2 млрд солк. кэтэхтэргэ барар. Харчыны муус устарга тиэрдибиппит. Ол эбэтэр кэтэхтэр от, эбии аһылык булунар ороскуоттара абаансанан бүддьүөттэн бэриллэн турар. Ону аҥаардастыы тугу да ылбатах курдук, тиийдэххэ “биһиэхэ туох да көмө суох, иэдэйдибит” диэн наар харчы көрдүүр сыыһа. Харчыны, 35 тыһ., ылан туралларын өссө төгүл санатабын.

Түмүк оннугар

Айылҕа күчүмэҕэйдэрэ, халаан, кураан аргыстаһа сылдьаллар. Өбүгэлэрбит судаарыстыба көмөтө суох оннооҕор уустук кэмнэргэ сүөһүлэрин эспэккэ аҕалбыттара. От суох сылыгар сопхуостар кэмнэригэр лабыкта хомуура, дулҕа быһыыта курдук эбии аһатыы ньымалара элбэхтэрэ. Олору сөргүтэр туһаны эрэ аҕалыа.

Николай Степанович этэр муус үрдүнэн хадьымалы охсуу, сылгы хаҥыытыгар эрэниини аныгы дьон үксэ өйдөөбөт. Муус, хаар үрдүнэн сылдьан, төһө оту ылыахха сөбүн ааҕан көрбүт суох. Ол эрээри, чахчы элбэх туонна от кэлэрэ чуолкай. Күһүн оттоммут от хаачыстыбата мөлтөх, онно сүөһүнү ырыарбат, мөлтөппөт туһугар судаарыстыба комбикорм эҥин көмө аҕалары былааннаабыт. Онон хаалбыт кэмҥэ күүскэ туруннахха, Амуртан атыыласпакка, кыстыгы туоруур оту, эбии аһылыгы булунар кыаллар туруктаах. Дьону түмүү, сөпкө көҕүлээн үлэҕэ туруоруута кыаллыан наада.

Владимир Степанов.

Санааҕын суруй