Итинник санаа РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Ново-Огаревоҕа Украинаҕа анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын ийэлэрин кытары көрсүһүүтүн кэннэ киирдэ.
Билэргит курдук, бэрэсидьиэн бу көрсүһүүгэ биһиги өрөспүүбүлүкэбитин, Ил Дархан Айсен Николаевы күүскэ хайҕаата. Кини итинник ис дууһатыттан сылаас тылынан былаас дьонун уһуннук хайгыырын истэ иликпин. Дойду бэрэсидьиэнэ мээнэ хайҕаабата биллэр. Ити биһиги өрөспүүбүлүкэбит, Ил Дархаммыт Арассыыйа таһымыгар чахчы үрдүк сыанабылга сылдьалларын туоһулуур.
Оттон кимнээх тос маастарын ыллылар диэтэххэ, – ордук соцситимнэргэ тыллаах, этиһиик, дьону кытта тапсыбат кэккэ “табаарыстар” өрөспүүбүлүкэ былааһын, Ил Дарханы баһааҕырдан, үөҕэ да сатаан (дьиҥэ былааһы мөлтөтөөрү), тарбахтарыттан эмэн арааһы “айан” хооһурҕатааччылар. Сорохтор үҥсэ Москубаҕа тиийэ бараллара иһиллээччи.
В.Путин Ил Дархан А.Николаевы хайҕаабытын кэннэ, дьэ, ханна үөҕэ, үҥсүбүтэ буола бараллар? Өрөспүүбүлүкэни ыһа сатааччылар тос маастарын ылбатылар дуо? Аны дьону итэҕэппэттэрэ чахчы.
Билигин байыаннай эпэрээссийэ элбэҕи бэрээдэктээн эрэр. Омуктар Арассыыйа олигархтарын, баай дьонун үүрдүлэр, харчыларын былдьыыллар. Куттала диэн, бу дьон Арассыыйа регионнарын баайыгар, үбүгэр дураһыйаллар. Кинилэр оҕуруктаах угаайыларыгар, номоххо Дыгын кырдьаҕас кэмпиэккэ ымсыыран сохсоҕо баттаппытын курдук, киирэн биэримиэхпитин наада. Угаайыга киирэн биэрдэххэ, 2002 с. кэннэ ый ыһыаҕа буолбут баайбыт хаалбыт тобоҕун тиһэҕэр диэри суйдуохтара.
Онон, эһиил күһүн чахчы сэрэхтээх быыбардар кэлиэхтэрин сөп.
Хаартыска: sakha-pechat.ru
Владимир СТЕПАНОВ.