Киир

Киир

Саха автономията олохтоммут 1921-22 сыллар быһылааннарын, 1937-38 сылларга буолан ааспыт кырыктаах репрессиялары, 1990-1992 сылларга иккис өрөспүүбүлүкэ үөскээһинин тустарынан биһиги син балайда ону-маны билэр буоллубут.

Ити тосту уларыйыылардаах сыллартан ураты кэмнэргэ олохпут этэҥҥэ, үүт-тураан турбута дуо? Бу бүтэһик сүүрбэттэн тахса сылларга өрөспүүбүлүкэ олоҕор туох-туох буолан ааспытын биһиги төһө билэбитий? Бу сыллар тухары өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх уонна бэрэстэбиитэллээх былаастара, дьон бассаапка суруйарыныы уонна куукунаҕа кэпсэтэринии, сирэйэ-хараҕа суох уоран, сиэн-аһаан эрэ таҕыстылар дуо? Бу соторутааҕыта Ил Түмэн саайтыгар баар биир ыстатыйаны түбэһэ түһэн ааҕан баран санаам лаппа уларыйда: ситэри-хотору истибэккэ-билбэккэ хааларбыт үгүс быһыылаах. Бу суруйуубун ааҕан баран бэйэҕит да толкуйдаан көрүҥ: биһиги, нэһилиэнньэ, төһө элбэҕи билэр, өйдүүр эбиппитий?

2016 сыллаахха бэс ыйын 20 күнүгэр Дьокуускайга «Арассыыйа федерализмын актуальнай боппуруостара» диэн Госдуума федеративнай тутулга кэмитиэтин көһө сылдьар улахан мунньаҕа буолан ааспыт. Мунньахха Госдуума кэмитиэтин салайааччыта Виктор Кидяев, Федерация Сэбиэтин кэмитиэтин салайааччыта Дмитрий Азаров, субъектар бэрэстэбиитэллэрэ, дьокутааттар, миниистирдэр кыттыыны ылбыттара. Омос көрдөххө, атын мунньахтартан уратыта суох мунньах буолан ааспыт.

Мунньах саҕаланыан иннинэ түмүккэ ылыныллыахтаах рекомендация бырайыага тарҕатыллыбыт. 38 сирэйдээх докумуоҥҥа араас боппуруос быыһыгар асимметричнай (симметричнайа суох) федерацияттан устунан симметричнай федерацияҕа көһүү туһунан этии киирэ сылдьара. Мунньаҕы ыытааччы Виктор Кидяев киирии тылыгар бу мунньах түмүктүүр докумуону хайаан да ылыныахтааҕын кичэйэн эппит.

Дьэ, бу асимметричнай федерация туһунан хантан төрөөн тахсар боппуруоһуй? Арассыыйаҕа өрөспүүбүлүкэ, уобалас, кыраай, автономнай уокурук курдук тэҥэ суох субъектар баалларын иһин Арассыыйа Федерациятын ассиметричнай диэн ааттыыллар. Ол аата «симметричнай федерацияҕа» киирии диэн өрөспүүбүлүкэлэри уонна уобаластары тэҥнии сатааһын буолбатах дуо? Өскөтүн бу мунньах итинник ис хоһоонноох рекомендацияны ылыннаҕына, «өрөспүүбүлүкэ» диэн өйдөбүлү симэлитиигэ быһаарыылаах хардыы оҥоһуллар буолбатах дуо?

Күннээҕи өйдөбүлбүтүнэн «бу түгэҥҥэ Саха сирин тойотторо кириэһилэлэрин харыстаан ньимиликээн олорбуттара чахчы» дии эрэ саныыбыт. Ол гынан баран ыстатыйа атыны туоһулуур.

В. Кидяев кэнниттэн эҕэрдэ тылы дьиэлээх хаһаайын Александр Жирков ылар. Ыстатыйаттан көстөрүнэн, А. Жирков Госдуума кэмитиэтин тойонун утарарын ааһан, мунньах сүрүн боппуруоһун - симметричнай федерацияҕа көһүүнү туруорсууну - ыһар ис хоһоонноох этиини оҥорбут. Кини бэйэтин этиитигэр «федерализм инники дьылҕата быһаарыллар уустук боппуруоһугар ханнык даҕаны түмүктүүр докумуон ылыныллыа суохтаах» диэбит. Мунньах иннинэ тарҕатыллыбыт рекомендация 32-с сирэйигэр «дьиҥнээх федерализмы» сөргүтүү туһунан этиллэрин, ол аата боппуруос РФ Конституциятынан бигэргэтиллэ сылдьар федерализмы уларытыы туһунан буоларын, оттон ол докумуоҥҥа ыйыллыбатах диэн кытаанах бэлиэтээһини оҥорбут. Мантан сиэттэрэн асимметричнай федерацияттан симметричнайга көһүү боппуруоһа суолтата, логичнайа суох диэн мас-таас курдук этэн кэбиспит. Александр Николаевич: “Федерализм төрүттэрин уларыта сатааһын Арассыыйа судаарыстыбаннай тутулун олоҕун айгыратыы эрэ быһыытынан сыаналаныах кэриҥнээх” диэн этиитэ мунньах сүрүн тезиһинэн буолбут.

Бу ыстатыйаны булан ааҕан баран, ити мунньахха сылдьыбыт, билигин эппиэттээх дуоһунаска үлэлии сылдьар киһиттэн ыйыталастым. Кини туоһулуурунан, Александр Жирков кэнниттэн трибунаҕа Саха сирин «ыарахан артиллериялара» Зоя Корнилова, Егор Ларионов «ыҥырыылаах ыалдьыт» быһыытынан тахсан силлиэ-буурҕа түһэрбиттэр. Уопуттаах бэлиитиктэр, уһулуччулаах араатардар мунньах рекомендациятын бырайыага Арассыыйа төрүт тутулун айгыратар кутталлааҕын туһунан ыарахан тылларынан балталаан барбыттарыгар Арассыыйа араас муннуктарыттан кэлбит Госдуума депутаттара, араас таһымнаах федеральнай чиновниктар мэктиэтигэр ньыкыһан хаалбыт курдук буолбуттар.

Александр Жирков этиитин Федерация Сэбиэтин комитетын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Азаров өйөөбүт: «А.Н. Жирков эҕэрдэ тыла  киэҥ ис хоһоонноох, чуолкай этиилэрдээх дакылаат буолан таҕыста. Мин кини этиитин элбэх өрүттэрин кытта сөбүлэһэбин». Ол гынан баран сытыы муннуктаах боппуруоһу сымнатар курдук ньылҕаарытан эппит: «Түмүк докумуону уонна рекомендациялары ылынарга олус аккуратнай буолуохха наада». Түмүккэ, кырдьык, туох да докумуон ылыныллыбатаҕа, рекомендация өйөнүллүбэтэҕэ.

Буолан ааспыт мунньах туһунан киһи хараҕа ханан да иҥнибэт эҥкилэ суох тиэкистээх ыстатыйалар Саха сирин официальнай бэчээтигэр, ол иһигэр “Ил Түмэн” хаһыакка, тахсыбыт этилэр. Ханна да “куттал суоһуу сырытта, ону биһиги Ил Түмэммит тохтотто” диэн таайтарар да ис хоһоонноох сурук-бичик тахсыбатах. Официальнай бэчээт, бука, итинник боппуруостарга чыып да диирэ сатаммата буолуо.

Оттон арыый да тутулуга суох бэлиитиктэрбит, бэлиитикэни анаарааччыларбыт, суруналыыстарбыт букатын суохтар дуу? “Ил Түмэн дьокутааттара уоруйахтар, коррупционердар, тугу да туһалаабаттар” эрэ диир “тутулуга суох” таһымнаахпыт дуу?

 Алексей Борисов, ХИФУ устудьуона