Киир

Киир

Петербурга аан дойдутааҕы экэнэмиичэскэй пуорум  (ПМЭФ) бэс ыйын 14–17 күннэригэр буолан ааста. Пуорум тиһэх күнүгэр Владимир Путин Арассыыйа устуоруйатын сиимбэллэрэ, устуоруйа утумун туоһута буолар үс судаарыстыба: ыраахтааҕылаах Арассыыйа, Сэбиэскэй Сойуус уонна аныгы Арассыыйа былаахтарын көтөҕүүгэ сырытта. Былаахтар биирдиилэрэ 60 м усталаахтар, 40 м туоралаахтар, туонна аҥаара ыйааһыннаахтар, флагштоктарын уһуннара – 179,5 м. Былаахтар С.-Петербург ыраахтан көстөр, элбэх дьон, турист мустар сүдү эбийиэктэрэ буоллулар.

ССРС кыһыл былааҕа ортоку, Балтийскай муора Финскэй хомотугар инники, иһирдьэ киирэн турарынан, Арассыыйа ССРС кэмигэр муҥутуур сайдыбыт ураты кэмэ буолар суолтатын сөпкө бэлиэтээбиттэр диэххэ сөп. Ааспыт сылтан 50 арҕаа дойдулар Арассыыйаны суох оҥоро сатыыр суудайыылара аан дойду дьонун тардар ситимин быспатах. Пуорум үлэтигэр, ол иһигэр он-лайн киирэн, 130 дойдуттан 17 тыһ. киһи киирэн кыттыбыт. Арҕаа дойдулартан дьиксиммэккэ, аан дойду судаарыстыбаларын 150 үрдүкү салайааччылара кэлбиттэрэ Арассыыйаны өйүүр дойду элбэҕин көрдөрөрө саарбаҕа суох. Саамай элбэх киһилээх дэлэгээссийэлэр Араап Эмираттарыттан, Кытайтан, Индияттан, Казахстантан, Мьянматтан, Кубаттан уонна, киһи соһуйуох, АХШ-тан кэлбиттэр. Пуорум үлэтигэр 75 дойдуттан 3 тыһ. тахса араас хампаанньа кытынна. Түөрт күннээх тэрээһини сырдатыыга барыта 4 тыһ. тахса суруналыыс үлэлээбит. Пуорумҥа барыта 3 трл 860 млрд солк. 900 сөбүлэһии, ол иһигэр Италияны, Испанияны кытта, түһэрсиллибит. Пленарнай мунньахха дойду бэрэсидьиэнэ В.Путин анал байыаннай эпэрээссийэ, арҕаа дойдулар Арассыыйаҕа өстөөхтүү бэлиитикэлэрин туһунан дакылааттаата. Кини: “Аан дойдуну хам ылан олорбут неоколониальнай систиэмэ үрэллэн иһэрэ, оттон элбэх кииннээх аан дойду бөҕөргүүрэ көһүннэ”, – диэтэ. Ол курдук, дуоллартан тэйэн, ЕврАзЭС дойдулара эргиэннэрин 90% солкуобайынан, Кытайы кытта Арассыыйа юанынан уонна солкуобайынан аахсалларын бэлиэтээтэ. Ити курдук Арассыыйа чугас ыаллара судаарыстыбалар, БРИКС уонна ШОС дойдулара икки ардыларыгар эргиэннэригэр бэйэлэрин национальнай бөлүүтэлэринэн аахсыылара кэҥээн иһэрин эттэ. Эспиэрдэр ити саҥа үөскээн иһэр аан дойду саҥа бэрээдэгэ уонна экэниэмикэтэ ырыынак бэйэ-бэйэни сиэһэр күрэстэһиитэ буолбакка, дьыалабыай бииргэ үлэлэһии кыаҕын арыйбыттарын бэлиэтээтилэр. Арассыыйа ШОС, БРИКС, ЕАЭС, АСЕАН дойдуларын кытыннаран, аан дойду саҥа бэрээдэгин олохтуур киини тэрийиигэ улахан кылаатын киллэрэ сылдьар. Итини БРИКС диэн биэс дойдулар тэрийбит тэрилтэлэригэр эбии 30 дойду киирээри сылдьара, оччо дойду ШОС киириэн баҕарара бигэргэтэр. Арассыыйаны кытта Африка, араап дойдуларын сибээстэрэ кэҥээтэ. Ити бырассыастар түмүктэригэр Эмиэрикэ аан дойдуну бас бэриннэрэр глобализациятын бэлиитикэтэ эстэн, дойдулар сүбэрэнитиэттэрин бөҕөргөтүүгэ олоҕурбут, бэйэ-бэйэни ытыктаһар бэрээдэк тахсыахтаах.

***

Саха сирэ ПМЭФ-кэ ситиһиилээхтик кытынна. Өрөспүүбүлүкэ салгыы сайдыытыгар олук буолар, барыта 93 млрд солк. 12 сөбүлэһии түһэрсиллибит. Ол курдук, 2030 с. диэри “Якутия” а/х анаан, саҥа 12 Ту-124 сөмөлүөттэри атыылаһыахтаах. Сбербааны кытта, дойдуга бэсиһинэн, "21-с үйэ оскуолата" диэн ИТ-исписэлиистэри бэлэмниир кампус тутуллуохтаах. Индия, Кытай, Казахстан Саха сирин кытта сибээстэрин дириҥэтэр интэриэстээхтэрин биллэрбиттэр. Атын дойдулар инбиэстэрдэрин болҕомтотун тардарга өрөспүүбүлүкэ дойду үрдүнэн ыытыллар инбэстииссийэ национальнай килиимэтин эриэйтинигэр 13-с миэстэҕэ (Уһук Илиҥҥэ 2-с) тахсыбыта улахан оруолу оонньообута саарбаҕа суох. 4 сыллааҕыта биһиги 52-с миэстэҕэ сылдьарбыт. Айсен Николаев “ситиһии төрдө ааспыт сыллар ыарахан тургутууларын кэмигэр (ол иһигэр хамсык икки сылыгар) өрөспүүбүлүкэ үөһэттэн ыйыыны кэтэспэккэ, экэниэмикэтин бөҕөргөтөр, кириисиһи утары миэрэлэри бэйэтэ ылынан, социальнай-экэнэмиичэскэй  туругун мөлтөппөккө, сайыннарбытыгар сытар” диэтэ. Саха сирин ситиһиитин бастыҥ холобурдара федеральнай таһымҥа бэлиэтэнэн, улахан федеральнай бырагыраамаларга киирэн туһанылла сылдьалларын туһунан кэпсээтэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ инбэстииссийэ тардыытыгар үлэлиир хамаандата Саха сирэ бигэ туруктаах сайдарын мэктиэлииргэ дойду национальнай эриэйтинигэр бастакы 10 эрэгийиэн иһигэр киирэргэ дьулуһуохтааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Ити курдук ПМЭФ Арассыыйа эрэгийиэннэрин сайыннарыыга төһүү буолбутун көрдөрдө.

Питергэ курдук, эрэгийиэннэргэ Арассыыйа устуоруйатын үс былааҕын ыйааһын дойдуну сомоҕолооһуҥҥа, норуоту түмүүгэ улахан кылаатын киллэриэ этэ.

Владимир СТЕПАНОВ.

Хаартыска: МК.RU саайтан.