Киир

Киир

Эмиэрикэ бэрэсидьиэнин быыбарыгар хандьыдааттары талыы саҕаланна. Айова штатын республиканецтара, биһиэхэ ыытыллар праймериз курдук, кокус диэн быыбардарыгар 4 киһи киирбититтэн Трамп 51% ылан, атын хандьыдааттары быдан ырааҕынан хотон таҕыста. Ол кэннэ икки хандьыдаат “салгыы киирсибэппит” диэтилэр.

Байден сэриигэ хотторуон баҕарбат

Айова түмүгүнэн Трамп республиканецтар соҕотох хандьыдааттара буола түстэ. Арай 19,1% ылан үһүс тахсыбыт 52 саастаах Никки Хейли диэн дьахтар “тиһэҕэр диэри киирсэбин” диэбит. Итинник ньыманы “дьоҥҥо көстөн-биллэн хаалыы” дииллэр.  Хейли, АХШ бэрэсидьиэнин аныгыскы быыбарыгар хотон, АХШ устуоруйатыгар бастакы дьахтар бэрэсидьиэнинэн талыллыан баҕарар буолуохтаах. Эбэтэр республиканецтар “Эмиэрикэ дьоно дьахтарга куоластаабат үгэстээхтэр” диэн, Трамп биэтэккэ чаҕылхай кыайыылаах тиийэрин ситиһээри бэлэмнээбит албастара буолуон эмиэ сөп.

Украина сэриитин тэрийэн, Арассыыйаны хотон, Байден салайааччылаах дэмэкирээттэр быйылгы быыбарга республиканецтары өрүттүбэт гына хотордуу суоттаммыттара табыллыбата. Арассыыйа арҕаа дойдулар ыар охсууларын барытын тулуйда. “Сааҥсыйаларынан тууйан, экэниэмикэтин эһэн, аччык дьонунан Путины сууллартарыахпыт” диэн суоттаммыттара сатаммата. Күүстээх араас сэрии сэбин биэрэн, кыргыһыы хонуутугар сынньа сатаан хоппотулар. Украинаны арҕаа сэрии сэбинэн сэбилээн “контрнаступтаабыттарын” Арассыыйа холкутук үлтүрүттэ. Ол түмүгэр “Европа, АХШ улаханнык сүрдэрэ тостон, иирсээн түгэҕэ  көстөн эрэр, Зеленскэйи эйэҕэ күһэйиэхтэрэ” диэн баҕара саныыбыт. Ол эрээри итинник санаа бэйэни албыннаныы буолар.  

“Байден, дэмэкирээттэр Арассыыйаны сөһүргэстэтэн, аан дойдуга АХШ баһылыыр дойду оҥордубут” диэн  кыайыы кынаттанан, быыбарга кыайыахпыт диэбиттэрэ туолбат буолла. Хотторуулаах киирдэхтэринэ, Байден эбэтэр атын дэмэкирээт хандьыдаат АХШ бэрэсидьиэнэ буолбаттара өйдөнөр. Быыбардааччылар элбэх миллиард дуоллар Украинаҕа таах “кумахха кутуллубутун” иһин эппиэттэтэллэрэ чахчы.

Барар сирдэрэ баҕана үүтэ буолбут

Ол иһин ааспыт сыл ахсынньытыттан Байденнаах аны Европа, АХШ дьонун “Украинаны хотон баран, Арассыыйа НАТО-ҕа саба түһүөҕэ, оччоҕо Эмиэрикэ улахан сэриигэ кыттар кутталлаах”  диэн куттуур буоллулар.

Кинилэр хос моонньох оҥостон, Арассыыйаны утары сэриигэ тылларыгар киллэрэн, Европа дойдуларын экэниэмикэлэрин улаханнык мөлтөттүлэр. Европалар кинилэр ускайдааһыннарынан Украинаҕа сэрии сэбин биэрэн, “ыскылааттарбыт кураанахтар, бэйэбит аармыйабыт сэриитин сэбэ суох хаалан эрэр, нуучча саба түстэҕинэ, 3 чааһынан сэрии сэбэ бүтэн, тааһынан тамныырбыт эрэ хаалла” дииллэрин сонуннартан истэҕит.

Экэниэмикэлэрэ мөлтөө-бүтүн түмүгэр Эмиэрикэни утары саҥарар кыахтаах дойду  Европаҕа хаалбата дииллэр. Аҕыйах сыллааҕыта Европа саамай күүстээх экэниэмикэлээх, Евросойуус иитиллэр үбүн үксүн хааччыйа олорбут Германия күүскэ мөлтөөбүт. Дойдуну олохторун таһыма түспүт пиэрмэрдэр, суол үлэһиттэрин уо.д.а. дьон собостуопкалара, “тыраахтардарын марштара” улаханнык аймаата, канцлер Шольц уурайар буолла дииллэр.

Евросойуус НАТО тойотторо Байдены үтүктэн, “аны кэлэр 20 сыл иһигэр Арассыыйаны кытта сэрии буолар буолла, бэлэмнэниэххэ наада” диэн куттуур буоллулар. Ол туһунан НАТО байыаннай кэмитиэтин баһылыга Роб Бауэр, НАТО генсэкирэтээрэ Йенс Столтенберг этэллэр. “Бильд” хаһыат Германия 2025 с. сайын Арассыыйалыын сэриилэһэргэ бэлэмнэнэрин туһунан кистэлэҥ докумуон баар диэн суруйбута. Ити собостуопкалыыр, миитинниир дьону куттаан тохтоторго сананар албастара буолуо диэххэ эмиэ  сөп.

“Көмүс миллиард” дьиксиниитэ

Ол эрээри арҕаалар Арассыыйа кыайарыттан өлөрдүү куттанар биричиинэлэрэ атын. “Ол тугуй?” диэҥ, баччааҥҥа диэри ССРС ыһыллыбытын кэннэ соҕотох АХШ кииннээх аан дойдуну барытын баһылыыр “көмүс миллиард” диэн бэйэлэрин чалбараҥ олохторун оҥостор былааннарын тутан кэллилэр. Аан дойду үгүс судаарыстыбата, итини сөбүлээбэтэр да, утарсар күүстээх көстүбэккэ, бас бэринэн кэллэ диэххэ сөп. Арассыыйаны 90-с сылларга эмиэ “чыып” дэппэт оҥостон испиттэрин билэҕит.

Билигин Арассыыйа “аан дойдуну биир Эмиэрикэ баһылыыра сыыһа, хас да кииннээх буолуохтаах” диэн идиэйэни өрө тутар. Итини атын дойдулар өйүүллэр. БРИКС тэрилтэтигэр киирэр баҕалаах элбээн иһэр. Урут истигэн араап дойдулара Израиль уонна Газа сэриитигэр Эмиэрикэни истибэт туспа бэлиитикэни ыытан эрэллэр. Итинтэн көрдөххө, АХШ, Англия, Европа “Арассыыйа хоттоҕуна, бары хотторобут, оччоҕо  улахан кириисис үөскүө” диэн, улаханнык дьиксинэллэр. Арассыыйа хоттоҕуна, биир кииннээх “көмүс миллиардынан” ыраланыы күппүлүү барар. Элбэх кииннээх саҥа бэрээдэккэ киирэр аан аһыллар. Ол аата, аан дойду атын олоҕу тэрийиигэ киирэр.

НАТО урукку ген-сэкирэтээрэ, Англия лорда Джордж Робинсон аһаҕастык: “Украина хоттордоҕуна, биһиги хотторобут, аан дойду бэрээдэгин кытайдар, нууччалар, ираннар уонна хотугу кэриэйдэр быһаарар буолуохтара. Итинник аан дойдуга мин сиэннэрим олороллоругар баҕарбаппын”, – диэн, эйэ олохтоноругар букатын баҕарбат санаатын этэр. Кини билигин аан дойдуга буола турар балаһыанньа, урут устуоруйаҕа тахсыбыт сабыытыйаларга майгыннаабат, фантазия кинигэлэригэр суруллар альянстар киирсиилэригэр майгынныыр диир. Икки улахан альянс киирсэн, хайалара хоторугар глобальнай Аан Илин дойдулара сыстыахтарын сөп үһү. “Арҕааҥҥы альянс хоттороругар  улахан кутталы былааска Трамп кэлэрэ үөскэтэр” диир. Кини арҕаалары “Арассыыйаны утары үлэни тохтотумаҥ, Украинаны сэргэ Молдоваҕа, Арменияҕа, Казахстаҥҥа иирсээни тэрийэн, Путины мөлтөтөргө” ыҥырар.

Көрөргүт курдук, арҕаа дойдулар баай дьонноро сэрии эйэлэһиинэн түмүктэнэригэр интэриэһэ суохтар. Эмиэри-кэҕэ, арҕаа дойдуларга Украина Арассыыйаны кытта эйэлээх сөбүлэҥ түһэрсэрэ  “Арассыыйа арҕаа дойдулары хотто” диэн өйдөбүллээх. Кинилэргэ маҥан былааҕы көтөҕүү – капитуляцияҕа тэҥнээх. “Бэринэбин” диэн маҥан былаах көтөхпүттэр кэннилэригэр ким да турбат. Бары –  кыайбыкка бараллар. Онон арҕаалар Украинаны кигэн, Арассыыйаны хотуохпут диэн “оонньообуттара бэйэлэригэр оҕус буолар” туруктаах.

Итинтэн  Эмиэрикэ бэрэсидьиэнин быыбарыгар аан дойду олоҕор утарыта көрүүлээх икки күүс киирсэр диэххэ сөп. Онон ити быыбар улахан быһаарыылаах суолталанар туруктаах.

Сэриини куттанан тохтоппот санаалаахтар

Трамптан Байден эрэ куттаммат. НАТО дойдулара, чахчы, Арассыыйатааҕар ордук Трамптан куттаналлара саарбахтаммат. Трамп, бэрэсидьиэннээн олорон, НАТО-ны “Эмиэрикэ харчытыгар иитиллэн олорор туһата суох тэрилтэ, ыһыам” диэн саанара. Билигин кэллэҕинэ, НАТО-ны утары өссө күүскэ ылсыан сөп. Трамп Украина иирсээнин “биир хонугунан тохтотуом” диир былаана НАТО баарын тухары туолбата чахчы. Онон НАТО-ны суох гыныахтааҕа өйдөнөр.

Ол иһин эрдэттэн хайыҥ охсунан, Байденнаах Трамп кыайар түгэнигэр НАТО-ны кыайан ыспат балаһыанньатын оҥоро сылдьаллар. Ааспыт сыл ахсынньытын ортотугар Кэнгириэс Эмиэрикэ хайа да бэрэсидьиэнэ Кэнгириэстэн көҥүлэ суох НАТО-ттан тахсыбат диэн сокуону ылынна. Ол эрээри ити сокуон чуолаан Трамп утары ылыллыбытынан, быыбарга Байден кыайарыгар эрэллэрэ суоҕун, НАТО, чахчы, мөлтөөн турарын көрдөрөр буолбатах дуо?

Онон көрдөххө, арҕаа дойдулар элиитэлэрэ Трамп НАТО-ны ыстаҕына, Украина сэриитигэр хотторон, элбэх кииннээх аан дойду үөскээтэҕинэ, “аан дойдуну баһылаан олорбут былааспыт бүтэр” диэн, уйаларыгар уу киирбит. Кинилэр куттаналларыттан, өйдөрүгэр фантазиялаан оҥорбут фобияларыттан аан дойдуга бара турар кырыктаах иирсээннэр Эмиэрикэ быыбарыгар диэри тохтоомуохтарын сөп.

Аны Аляска күөрэйдэ

Арассыыйа арҕаа дойдулары утары сэриилэһэр санаата суоҕун уруккуттан этэр. 2021 с. арҕаа дойдулартан “Украинаны НАТО-ҕа ылбаппыт, НАТО сэриилэрин Арассыыйа кыраныыссатын таһыгар мунньубаппыт диэн мэктиэ сурукта аҕалыҥ” диэн көрдөспүтүн ылымматахтара. 2022 с. сааһыгар Стамбулга эйэ туһунан кэпсэтии саҕаламмытын Англия, АХШ ыспыттара. Ол кэлин, били Меркеллээх Олланд Минскэй сөбүлэһиилэринэн Арассыыйаны албыннаабыппыт диэбиттэрин курдук билиннэ.

Бу ырытыыга арҕаа элиитэлэр былаастарын сүтэримээри, дойдуларын дьонун Арассыыйа сэриилиэ диэн куттаан, хам тутуохтарын баҕаралларын көрдүбүт.

Итини бигэргэтэрдии, Эмиэрикэ, “Арассыыйа – сэриитимсийэр өстөөх дойду” диэн, бэйэтин дьонун куттуур саҥа “оонньуурданна”. Госдеп бэрэстэбиитэлэ бу күннэргэ “Арассыыйа  XIX үйэҕэ атыыламмыт Алясканы былдьаары гынар, ону биһиги биэриэхпит суоҕа” диэн, чыпчылыйан да көрбөккө, кырдьык курдук эттэ. Биһиэннэрэ Алясканы былдьаһалларын ханна эмэ истибиккит дуо?

Онон бу дьыл Эмиэрикэ быыбара бүтүөр диэри чуумпуруу, сымнааһын тахсыа диэн  уоскутунар табыллыбат. Ыараханнык бааһырбыт сырҕан кыылтан үчүгэйи күүппэккин. 

1945 с. фашист кыылы арҕаҕар суох гыммыттара хатыланар туруктаах.

Хаартыска: Alex Brandon / AP

 Владимир Степанов.

Санааҕын суруй