Киир

Киир

Быырпаҕынан саптынан “үүт пиибэтин” – итирдэр утаҕы – атыылыллар диэн Ил Түмэн мунньаҕар дьокутааттар эттилэр. Быырпаҕы эспэртиисэҕэ биэрэн чинчийтэрэн көрбүттэрэ, 5% арыгылааҕа биллибит.
 
“Биһиэхэ букатын үүт пиибэтигэр ханыылыы утаҕы атыылыыр буоллулар. Ону биһиги, дьокутааттар, эмиэ толкуйдуохпутун наада. Мин ити туһунан төгүрүк остуолга хайаан даҕаны кыттыаҕым. Чуолаан эдэр дьону уонна нэһилиэнньэни сүһүрдэллэр. Кистэл буолбатах, үгүс быырпах бэйэтэ арыгыга тэҥнээх”, – диэн дьокутаат Захар Никитин эттэ.
 
Онон, быырпах боппуруоһунан Ил Түмэн дьокутааттара анаан-минээн төгүрүк остуол тэрийиэхтэрэ, боппуруоһу быһаарыахтара үһү.
 
Ил Түмэн хаартыската.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар