Бүгүн, бэс ыйын 18 күнүгэр, Саха сиригэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин кэлэр. Кини ханна сылдьыахтааҕын, кими көрсүөхтээҕин туһунан Кириэмил суруйар.
Кириэмил телеграм-ханаала иһитиннэрэринэн, бэрэсидьиэн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр креативнай экэниэмикэ уонна ИТ-салаа ситиһиилэрин, кэскилин, Уһук Илин сайдыытын боппуруостарын билсиэҕэ. Чуолаан “Земский доктор”, “Земский учитель”, “Муравьев-Амурский 2030” судаарыстыба бырагыраамалара олоххо киирилэрин көрүөҕэ. Ити бырагыраамаларга кыттыбыт дьону-сэргэни, Уһук Илиҥҥэ үлэлии кэлбит култуура диэйэтэллэрин кытта көрсүөҕэ.
Ону таһынан, бэрэсидьиэн Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсөн кэпсэтэрэ былааннанар.
Санаттахха, бу иннинэ Владимир Путин Саха сиригэр 2001 сыллаахха ыам ыйыгар Ленскэй куорат халаан уутугар былдьаммытыгар, эмиэ ити сыл алтынньытыгар халаан содулун туоратар үлэ хайдах бара турарын көрө-истэ, 2006 сыл тохсунньутугар өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын билсэ, 2009 сыл атырдьах ыйыгар Мииринэй куоракка "Мир" рудник арыллыытыгар, 2010 сыл атырдьах ыйыгар Тиксиигэ, 2014 сыл балаҕан ыйыгар "Сибиир күүһэ" гаас ситимэ арыллыытыгар кэлэн барбыта.
Бэй.кэр.
Хаартыска: РИА Новости / Сергей Бобылев