Киир

Киир

От ыйын 13 күнүгэр Пенсильвания штатыгар быыбардааччылары кытта көрсүһүүгэ Трампы өлөрө сатаатылар. Тоҕуста ыталлар, Трамп чуут “буулдьаттан аһаран биэрэр”, кулгаахха бааһырар. Оттон миитиҥҥэ кэлбит биир киһи өлөр, 3 киһи бааһырар, иккитэ – ыараханнык.

Туох да диэбит иһин, дьиҥнээх өлөрө сатааһын.

1. Байден Трампы олох өрдөөҕүттэн Эмиэрикэ өстөөҕө диир. От ыйын 8 күнүгэр дебакка Трампка хотторон баран, быыбарын успуонсардарын кытта көрсүһүүгэ "Трампы “яблочкоҕа” туруорар уолдьаста” диэбит. “Яблочко” диэн мишень ортото буоларын, киһи барыта билэр. Итинэн Байдены “Трампы саа уоһугар туруорар бэлиэ охсубуккун”  дииллэр. Байден “ити тылы алҕас туттубуппун, дебакка Трамп эппит сымыйатын кичэйэн көрөн, саралыырга ыҥыран эппитим” диэн куотунан, тумсун дулҕаҕа сотто сатыыр. Фашистар 1936 с. Испанияҕа өрө туралларыгар араадьыйанан “Испания үрдүнэн былыта суох халлаан” диэн бэлиэ биэрбиттэрин курдук. Нэдиэлэ буолан баран Трампы ыталлар.

2. Украина майдаанын “бэчиэнньэлээх ийэтэ” Виктория Нуланд Трампы ытыы икки хонук иннинэ АХШ тэлэбиидэнньэтин биир ханаалынан: “Путин өскөтүн Трамп бэрэсидьиэн буолуо диэн эрэнэр буоллаҕына, куһаҕан сюрприз күүтэр”, – диэн өһүөннээхтик таайтаран эппитэ дьикти.

3. Трампы ыппыт 20 саастаах Томас Мэтью Крукс, сүүһүнэн киһи көрөн турдаҕына, аһаҕастык бинтиэпкэтин сүкпүтүнэн, экс-бэрэсидьиэҥҥэ 120 м чугас турар ангаар үрдүгэр тахсан, холкутук ытарга бэлэмнэнэр. Өссө сарайа иҥнэҕэриттэн, үчүгэйдик кыҥыыр тирэх булаары, миэстэтин сыҕарыҥнатан өгдөҥөлөөбүтэ аҕай. Полицияҕа дьон кинини ыйа-ыйа этэллэр да, ким да кыһаммат. Улахан таһымнаах тэрээһиҥҥэ харабыллар чугастааҕы үрдүк сиргэ барытыгар бэйэлэрэ тахсан туруохтаахтар этэ. Оттон ити ангаарга – суох. Биллибитинэн, көхсүгэр “полиция” диэн суруктаах снайпер Круксу үс мүнүүтэ сыалыгар киллэрэн турбут эбит. Эрдэ “ытыҥ эбэтэр тутуҥ” диэн харабыллар тойонноро тоҕо эрэ хамаанда биэрбэтэх. Крукс ытыалаатын кытта, снайпер өлөрөр.

4. Видеоҕа Трамп харабыллара кыһыл илиилэрин өрө уунан, бэйэлэринэн хаххалаан таһаараллар. Технологичнай Эмиэрикэҕэ Трампы хаххалыыр бронезонтик, иннигэр буулдьа хоппот тааһа көстүбэтэҕэ дьикти.

5. Кэлин СNN телеханаал биллэрбитинэн, АХШ Медиа-криминалистикаҕа национальнай киинэ  ытыалааһын видеоустуутун аудиотын эспэртиисэлээн баран, Трампы үс сиртэн тус-туһунан саанан аҕыста ыппыттар диэн түмүк оҥорбут. Бастакы үс ытыыны Крукс АР-15 бинтиэпкэтинэн, өссө биэс ытыыны  атын саанан, оттон тиһэх саа тыаһын “акустическай импульса”  үһүс баарын этэр диэн сабаҕалаабыттар. Трамп, ытар кэмнэригэр туора турар былакаат туһунан этээри эргиллэн биэрэн, өлөртөн быыһаммыт.

6. Бастаан Крукс ытыыга эрчиллиилээх диэбиттэрэ. Онтон биллибитинэн, үрдүкү кылааска үөрэнэ сылдьан, ытыы сиэксийэтигэр киирэ сатаабытын “мөлтөхтүк ытаҕын” диэн ылбатахтар эбит. Сатаан ыппат ачыкылаах “ботаник” Крукс акаарыны Трампы сөбүлээбэтинэн киирэн кигии, Словакия бэрэсидьиэнэ Роберт Фицону украинка кэргэннээх Юрай Центуланан ыттарыыга майгынныыр. Ол иһин буолуо, Украина оппозиционера  Виктор Медведчук Трампка “эйигин Зеленскэй абааһы көрөр, онон ити саагыбарга Украина суола көстүөҕэ” диэн сурук ыыппыт.

Кеннеди бэрэсидьиэни 1963 с. өлөрүүгэ Ли Освальд эрдэ өлөрүллүбүтүнэн эмиэ буруйдаах диэн буолбута.

7. От ыйын 16 күнүгэр Милуоки штакка республиканецтар сийиэстэригэр дьоруой Трамп баартыйа АХШ бэрэсидьиэнигэр официальнай хандьыдаата буолла. Кини вице-бэрэсидьиэнинэн эдэр, 39 саастаах, бэйэтин курдук харса суох тыллаах-өстөөх Огайо штат сенатора Вэнси талбыт. Вэнс Украинаҕа көмөнү утарар, Украина 1991 с. кыраныыссатын сирин ылара дойҕох, сирин сороҕун Арассыыйаҕа биэриэхтээх диир.

Трампы өлбүтэ буоллар, республиканецтартан иккис миэстэҕэ тахсыбыт Ники Хейли диэн глобалистыҥы санаалаах, Трампы утары, куруук үөҕэр, Украинаны өйүүр дьахтары  эрэ талар кыахтаахтара.  Оччотугар дэмэкирээттэр Байдены уларыталларыгар табыгастаах, чэпчэки усулуобуйа үөскүөхтээҕэ. Үрүҥ дьахтары утары хара Мишель Обамаҕа тиийиэхтэрин сөбө. Ол туһунан элбэхтик кэпсэтэллэрэ. Саагыбардьыттар оччотугар Эмиэрикэ бэрэсидьиэнин быйылгы быыбара дэмэкирээтийэ өрөгөйдөөһүнүнэн түмүктэннэ диэхтэрэ хааллаҕа. 

... Ол эрээри устуоруйа Эмиэрикэни атын суолунан ыытта. Байден хоттороро, дьоруой Трамп  бэрэсидьиэнинэн талыллар чуолкай балаһыанньата үөскээтэ. Ол эрээри Трампы туората сатааһын тохтообото чахчы. Эмиэрикэ арбанар дэмэкирээтийэтин быыбарын систиэмэтэ “кулгаахха таптарбыт” хойобуун куска кубулуйбута чахчы.

Владимир Степанов.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар