Киир

Киир

Атырдьах ыйын 6 күнүгэр Украина 10-тан тахса тыһыынча саллааттаах, элбэх тиэхиньикэлээх сэриитэ Курскай уобаласка тоҕо ааҥнаан киирдэ. Бу 1941 с. кэннэ омук судаарыстыбата Арассыыйа төрүт сиригэр аан маҥнай саба түһүүтэ.

Бу саба түһүүнү АХШ былааннаан ыыттарбытын Пентагон урукку аналитига, астаапкаҕа олорор полковник Дуглас Макгрегор интервьютугар: “Эмиэрикэҕэ куосумастан кэтэбил күүстээх, Арассыыйа үрдүн уонна фронт лииньийэтин үчүгэйдик көрөбүт. Украинецтарга “Арассыыйа кыраныыссатын саамай мөлтөх сэбилэниилээх сирэ манан баар, полиция эрэ баар” диэн ыйбыттар. “Арассыыйаҕа саба түһэн, эһиги тыыннааххытын көрдөрүөххүт. Онно олоҕуран, эбии харчы ылар кыахтаныаххыт” диэн сүбэлээбиттэр”, – диэн кэпсиир.

Кырдьык, Курскайга саба түһүү арҕаалар харчыларын ыларга иллюзияны тэрийии буолуон сөп. Украина элитнэй чаастарын Донбаска Арассыыйа кимэн киириитин утары буолбакка, Курскайга тоҕо бырахпытын элбэх омук дойдуларыгар өйдөөбөттөр. “Арассыыйа күүһүн мунньан, ити чаастары Курскайга үлтүрүттэҕинэ, Украина утарылаһар күүһэ бүтэр” дииллэр. Аны туран, Украина ылбыт сирдэрин өр тутар, Арассыыйаны сантаастаан сирдэрин төннөрөр кыаҕа суох диэн, НАТО-ҕа баар сойууһунньуктара аһаҕастык этэллэр. Зеленскэй бу эпэрээссийэтин байыаннай сыалын НАТО да билбэт эбит.

“Таймс” хаһыат Курскайга саба түһээттэрин кытта: “Украина кириисиһэ тиһэх фазатыгар сылдьар, онон Зеленскэй барытын “салкайдаан” баран “ва-банк” барарга быһаарбыт. Былаана тоҕуннаҕына, Украина бүгүҥҥү кыраныыссатын тутан хаалбат”, – диэбит. Black Bird Grour аналитиктара атырдьах ыйын 11 күнүгэр Арассыыйа күүстэрэ Украина сэриилэрин тохтоттулар диэбитэ, Таймс суруйбутун бигэргэтэр. Атырдьах ыйын 12 к. бэрэсидьиэн Путиҥҥа буолбут мунньахха Курскай уобалас күбүрүнээтэрэ 24 нэһилиэнньэлээх пууну ылбыттар диэбитэ, онтон салгыы тугу да ыла иликтэр.

Биһиги байыаннайдарбыт 2022 с. Балаклеяҕа, Херсоҥҥа курдук уолуйбатылар, Украина чаастарын тохтоттулар. Ити киирбит чаастары биһиэннэрэ төгүрүйэн ыллахтарына, Украина, чахчы, күнэ хараарар.

Макгрегор полковник Украина туһунан Эмиэрикэҕэ туох дии саныылларын: “Кинилэр судаарыстыбалара 40 сыл да буола илик, дьиҥнээх аармыйалара суох, сөмөлүөттэр макыаттарын көрдөрөн киһиргииллэр. Украина сөҕүмэр улахан “Потемкин дэриэбинэтигэр” кубулуйда. Курскайга фасадын кырааскалаан тупсараары саба түстэ. Ити фасад кэннигэр эрэйи-муҥу көрөр нэһилиэнньэ сытар. Былаас “Зеленскэйи бары өйүүллэр” диэн сымыйа ыйытыктары оҥорор. Нэһилиэнньэ сылайда, сэриини олох тохтотуон баҕарар. Оттон АХШ салалтата Украина судаарыстыбатын буолбакка, Зеленскэй ойуулаабыт фасадын эрэ өйөөн, ойоҕо ыарахан сыаналаах “Бугаттинан” айанныырыгар. харчы бөҕөнү биэрэр”, – диэн эппитэ интэриэһинэй.

Ити харыыта суох хонтуруолламмат харчыны акаары арҕаалартан ылан, Украина тойотторо уоруйахтаан, түргэнник куотар уйаларын оҥостуммуттар. Макгрегор “куотуохтара, ол уустук буолбатах” диир уонна АХШ Афганистантан суһаллык куоппутун, Ирак генераллара Саддамнарын быраҕан, чымадаанынан харчылаах Кувейка, Иорданияҕа куоппуттарын холобурдуур. 

Макгрегор Зеленскэй ойоҕунуу быйыл Италияҕа Тосканаҕа бэртээхэй бинэгирээт арыгытын оҥорор уһаайбаны, вилланы Англия ырыаһыта Стингтэн 75 мөл. дуолларга атыыласпыттарын санатта. Чахчы, саас интэриниэккэ San Tommaso S.R.L. диэн Елена Зеленская интэриэһин көрөр хампаанньа атыыласпыта баар. Италия докумуоннарыгар уһаайба хаһаайына бэс ыйын 28 күнүгэр уларыйбыт. Зеленскэй ити кэмҥэ Италияҕа G7 саммитыгар сылдьан илии баттаатаҕа.

Ол иннинэ муус устарга The London Crier диэн Англия хаһыата “Владимир Зеленскэй Великобританиия хоруола Карл III Highgrove House диэн 44 сыл олорбут резиденциятын 20 мөл. Англия фунтатыгар (2,3 млрд солк.) атыыласпыт” диэн иһитиннэрбитэ. Атыы докумуонугар Зеленскэй олунньу 29 күнүгэр Англияҕа бара сырыттаҕына түһэрсибиттэр диэбиттэр. Ол кэннэ резиденция докумуоннара барыта судаарыстыба кистэлэҥэ ыстаатыстаммыттар.

Арассыыйа сонуннарыгар этиллэринэн, Зеленскэй 2023 с. нолуокка декларациятынан  дьиэ кэргэнин дохуота 316 тыһ. эрэ дуоллар эбит.

WhatsApp Image 2024 08 15 at 13.51.09

Бу түгэҥҥэ Сэбиэскэй Сойууһу сууллараары арҕаа дойдулар “сабыдыал ааҕыннара” диэн Чубайсы, Ельцин эргимтэтин, урукку ССРС салалтатын аһатан-сиэтэн, дьиэ-уот, харчы бэлэхтээн, сыалларын сиппиттэрин санаан кэлэҕин. Ол курдук, арҕаалар кинилэр кигиилэринэн “бүтэһик украинецка” диэри сэриилэһэргэ сөбүлэспит “сабыдыал ааҕына” оҥостубут Зеленскэйдэрин куоттаран эрдэхтэрэ. Зеленскэй ыам ыйыттан сокуоннай бэрэсидьиэн буолан бүтэн, куотуор диэри диктатор оруолун толоро сылдьар.

Владимир СТЕПАНОВ.