Киир

Киир

От ыйын 31 к. Тегераҥҥа Иран саҥа бэрэсидьиэнин Масуд Пезешкиан инаугурациятыгар ыҥырыллан кэлбит ХАМАС салайааччытын Исмаил Ханияны Иран бырабыыталыстыбатын үрдүк сололоох ыалдьыттары түһэрэр дьиэтигэр дэлби тэптэрэн өлөрбүттэрэ.

Ким дэлби тэптэрбитэ билиҥҥэ диэри чуолкай биллэ илик. Израильтан кэлбит ракета буолбатах, ким да миинэ уурбутун билбэтилэр. Иран иһиттэн чугас дьиэттэн дуу, сөмөлүөттэн дуу кыра ракетанан ыппыттар диэбиттэрэ эмиэ дакаастаммата. Ханияны Тегераҥҥа өлөрүү Ираны сирэйгэ биэрии буолара чахчы. “Ханияны Израиль өлөрдө, Иран иэстэһиэ” диэн соцситимнэргэ араас суруйуу, видео тарҕаммыта. Иран духуобунай лиидэрэ Хаменеи “Израилтан иэстэһиҥ” диэн хамаанда биэрбитэ. Ол эрээри, Иран Израильга “сууһарыылаах эппиэтэ” уһаатар уһаан иһэр

Онон аан дойдуга дьон  хайдах иэстэһэрин кэтэһэ сатаан баран,  Ираны “кумааҕы баабыр эбит” диэн кыһытан бардылар. Иран улахан кыбытыкка, кыһалҕаҕа киирдэ. Иэстэһиэхтээх, ол эрээри, ыраах ытар стратегическай аракыаталара эргэлэр, өр бэлэмнэнэн иитиллэллэр эбит. 3 тыһ. аракыаларыттан Израильга аҕыйах тиийэр кыахтаах. Сиринэн сэриилии киириэҕин Израиль 1 тыһ. км ыраах. Израиль “ытыалыаҥ да, ядернай эбийиэктэргин  суох гыныахпыт” диэн куттаабыт. Эмиэрикэ эмиэ Ираны куттаан “Израилы сэриилээтэххинэ, биһиги эйигин сэриилиибит” диэн байыаннай флотун ыыппыт.

Иран инники Ислам өрөбөлүүссүйэтин харабылларын корпуһа диэн анал байыаннайдарын икки салайааччыларын өлөттөрбүтэ да, Израилтан ыарыылаахтык эппиэттэппэтэҕэ. Быһаас ытыалаабыт аракыаталарын күөрэтэн сууллартаабыттара, аҕыйах тиийбитэ да, улахан “исэтэһэр алдьатыы” оҥорботоҕо.

АХШ, Катар, Египет атырдьах ыйын 15 күнүгэр Газа сэриитин тохтотор кэпсэтии мунньаҕын тэрийэллэр. Байден итиннэ биир тылы булан, Израиль Газаны сэриилиирэ тохтоотоҕуна, Иран Израилы утары дьайыылары тохтотуо диэн эрэнэр эбит. Ол эрээри, ХАМАС ити “албын тэрээһиҥҥэ” барбаппыт, Израиль бастаан Газаны сэриилиирин тохтоттун” диир. Палестинецтар Израиль ынырык идэмэрдээҕинэн билэллэр, ХАМАС чөмчөкөлөрүн ити мунньахха биир сиргэ мустаран баран, кыдыйыан сөп курдук.

Онон Иран түргэнник Израилы кэһэппэтэҕинэ, Аан Илиҥҥэ баһылыыр оруолланан испитэ уостуон сөп. Ол оннугар Турция тахсыа, кинилэр бу региоҥҥа былыргыттан, Османскай импиэрийэттэн хаалбыт сабыдыалларын төннөрөр баҕалаахтар.

Иран тиһэҕэр улахан мөлтөх аатыран, саакка-суукка барар кыбытыкка ылларда, иэстэспэтэҕинэ, аата-суола барар, чахчы “кумааҕы тиигир” буолар. Оттон күүскэ иэстэстэҕинэ, Аан Илиҥҥэ улахан сэриини тоҕо тардар, оннугу баҕарбат курдук. Хайа эппиэти, дьэ, биэрэр дииргэ тиийэҕин.

Владимир СТЕПАНОВ.