Киир

Киир

Бүгүн олоҥхоһуттарга, оһуохай тылын этээччилэргэ, тимир уустарыгар, норуот маастардарыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын истипиэндьийэтэ ананарын туһунан туоһу суругу туттарыы өрөгөйдөөх сиэрэ-туома буолла.

Тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков, култуураҕа уонна киэҥ информация сириэстибэлэригэр СӨ Ил Түмэнин сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Виктор Губарев, Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарын боппуруостарыгар уонна Арктика дьыалаларыгар СӨ Ил Түмэнин сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева кыттыыны ыллылар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев олоҥхоһуттары, оһуохайдьыттары, уустары, норуот маастардарын Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэлээн туран истипиэндьийэ ананарын туһунан туоһу суруктары туттартаата.

Ол курдук, Ил Дархан истипиэндьийэтин туоһу суруктарын Сунтаартан Владимир Данилов, Чурапчыттан Сусанна Лазарева, Дьокуускайтан Любовь Платонова, Мэҥэ Хаҥаластан Гаврил Спиридонов, Дьааҥыттан Мария Стручкова, Тааттаттан Людмила Цой туттулар.

Россия үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, оһуохайдьыт Александра Артемьева Ил Дархан Айсен Николаевка өйөбүлүн иһин, Ил Түмэн бастакы вице-испиикэрэ Александр Жирковка олоҥхо үлэтин салайан илдьэ сылдьарын иһин махталын тиэртэ.

Бу күҥҥэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Александр Жирков олоҥхо уонна ыһыах быстыспат ситимнээхтэрин бэлиэтээн эттэ. «Сахалар элбэхтик көччүйбэтэх, көрү-нары эккирэппэтэх, олох туһугар тардыспыт омукпут. Бу дьалхааннаах кэмҥэ ыһыахпытын утарыах курдук саҥартыыр, көр-күлүү курдук өйдөөччүлэр көстүтэлииллэр. Ыһыах төрүт сүнньэ – олоххо тардыһыы, ол туһугар үрдүкү Айыылартан көрдөһүү сиэрин-туомун тутуһуу. Онон төһөнөн олох ыарыыр да, соччонон төттөрүтүн саха көмүскэнээри, арчыланаары, ыһыах ыһар үгэстээх».

Ил Түмэн пресс-сулууспата

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар