Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Саха сирэ уот тарыыбын, хотугу завоз уонна өрөспүүбүлүкэни уматыгынан хааччыйар туһунан туруорбут боппуруостарын өйөөтө. Ол туһунан Ил Дархан ГТРК “Саха” ханаалга кэпсээтэ.
Айсен Николаев эппитинэн, бэрэсидьиэн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр дьыала-куолу хайдах баран иһэрин бэркэ билэ олорор үһү, экэниэмикэҕэ уонна бырамыысыланнаска ситиһиибитин бэлиэтээбит.
Көрсүһүү кэмигэр биир улахан болҕомто анал байыаннай дьайыы боппуруостарыгар ууруллубут. Ил Дархан этэринэн, дойду бэрэсидьиэнэ Саха сирин олохтоохторугар, тэрилтэлэргэ уонна үтүө көмөһүттэргэ байыаннайдарга көмөлөрүн иһин махталын тиэрдибит.
Итини сэргэ В.Путин энэргиэтикэҕэ сыһыаннаах сорудахтары биэртэлээбит. Чуолаан, бэрэсидьиэн аһаҕас эфирин кэмигэр турбут энэргиэтикэ тарыыбын боппуруоһугар сыһыаран.
“Бэрэсидьиэн ол ыйытыыны олус бэркэ өйдүүр эбит, анаан бэлиэтээтэ. Кини соруйбутун кэннэ үлэ эмиэ тэтимирдэ. Барыта наһаа судургу буолбатах эрээри, тиһэҕэр тиэрдиэхпит диэн эрэнэбин”, – диэтэ А.Николаев.
