Атырдьах ыйын 11 күнүгэр «Сиэрдээх Арассыыйа» баартыйа “Сахамедиа” пресс-киинигэр “Хамнас уонна биэнсийэ” диэн тиэмэҕэ анал пресс-кэмпириэнсийэ тэрийдэ. Бу көрсүһүү кыттыылаахтара үлэлиир араҥа дохуотун уонна биэнсийэни үрдэтии туһунан баартыйа этиилэрин тула сиһилии кэпсэттилэр. Онуоха баартыйа туох көҕүлээһиннэри киллэрэн туруорса сылдьарын туһунан Госдума дьокутаата Сөдүөт Тумууһап сырдатта.

Саха сирин “сиэрдээхтэрин” лиидэрэ хамнас төлөбүрүгэр кэккэ улахан кыһалҕалар баалларын бэлиэтээтэ. Ол курдук, кини орто хамнаһы токурутан, эбэн-сабан ааҕыы суотугар дьон дохуотун туһунан кырдьыга суох өйдөбүл үөскүүрүн эттэ. Ити барыта социальнай уонна бүддьүөт бэлиитикэтэ сыыһа оҥоһулларыгар, ол суотугар хамнаска тэҥэ суох буолуу, орто хамнаһы үрдэтэн көрдөрүү уонна намыһах биэнсийэ ааҕылларын бэлиэтээтэ.  

Сөдүөт Тумууһап «Сиэрдээх Арассыыйа» баартыйа Арассыыйа статистикатыгар (Росстат) орто, медианнай уонна модальнай хамнаһы үлэ хайысхаларынан, дуоһунастарынан уонна эрэгийиэннэринэн тус туһунан арааран ааҕалларын туруорсарын туһунан кэпсээтэ. Кини Саха сирин олохтоохторун дьиҥнээхтии илиилэригэр аахсан ылар хамнастара нэһиилэ 65-70 тыһ. солк. тэҥнэһэрин бэлиэтээтэ. Оттон тииһинэн олоруу уонна хамнас төлөбүрүн алын кээмэйдэрэ хайдах да гынан дьон киһилии олороругар кыайан эппиэттэспэттэрин ыйда.

Арассыыйа биэнсийэлээхтэрин дохуоттарын туһунан этэр буоллахха, сылын ахсын оҥоһуллар биэнсийэни  үрдэтии кээмэйэ ОДьХХ тарыыптарын, эмп-томп уонна ас-үөл сыаналара үрдээһинин кыайан сиппэтин эттэ. Онон баартыйа уон үһүс биэнсийэни олохтоон төлөөһүнү, итиэннэ биэнсийэни мунньуу (накопительный) систиэмэттэн аккаастанан, кыттыгас (солидарнай) мунньунууга көһөрүүнү, биэнсийэлээх атыылаһар кыаҕа диэн туспа өйдөбүлү киллэриини уонна онно олоҕуран инфляцияны ааҕыыны, кыбаартал ахсын биэнсийэни үрдэтиини, сиэннэрин көрүүгэ-иитиигэ көмөлөһөр биэнсийэлээхтэргэ эбии төлөбүр ааҕылларын туруорсалларын туһунан сиһилии кэпсээтэ. Манан сиэттэрэн, баартыйа Госдумаҕа фракцията биэнсийэҕэ тахсааччы биэнсийэтин алын кээмэйин үлэлиир кэмигэр ыла сылдьыбыт хамнаһын 40 %-тан кырата суох буолуохтааҕын туһунан сокуон барылын оҥорон киллэрбитин туһунан кэпсээтэ.  

Маны таһынан, Сөдүөт Тумууһап хотугу кэписийиэҥҥэ уонна эбии төлөбүргэ тохтоото. Кини этэринэн, хоту уонна Уһук Илиҥҥэ олох-дьаһах таһыма биллэ намтаан, нэһилиэнньэ сыыйа-баайа көҕүрүүрүн иһитиннэрдэ. Ол сүрүн төрүөтүнэн – хамнас кээмэйэ хоту сиргэ олохсуйууну көҕүлээбэт буолбут. Холобур курдук кини Москуба хамнаһын кэпсээтэ, маннаҕы дьон хамнаһын хас да бүк куоһарарын ыйда.

“Урут хоту олорооччуларга уонна үлэлээччилэргэ сойуус бүддьүөтүттэн анал кэписийиэн уонна эбии төлөбүрдэр көрүллэллэрэ, онон икки төгүл элбэх хамнаһы аахсаллара. Билигин ити барыта үлэ биэрээччилэргэ сүктэрилиннэ, онон сыыппараны эрэ ааҕыыга кубулуйда. Билиҥҥитэ Уһук Илиҥҥэ үлэлиир учуонайдар Москубатааҕы кэллиэгэлэриттэн үс төгүл кыра хамнаһы аахсаллар, оттон сыана 3-5 төгүл оннооҕор үрдүк”, – диэн Сөдүөт Тумууһап бэлиэтээтэ.

Биллэн туран, вахтаҕа сылдьааччылар хамнастара үрдүк, оттон олохтоох нэһилиэнньэ уонна бүддьүөт үлэһиттэрэ баара-суоҕа 60 тыһ. солк. ылаллар. Онон “сиэрдээхтэр” хотугу эбии төлөбүрдэри нолуоктан босхолууру туруорсалларын эттэ. Ол суотугар хотугу сир олохтоохторун дохуота үрдүөхтээх эбит.

“Аны туран, өскөтүн киһи хоту сиргэ 20 сыл олорон, ньиэп, гаас уонна көмүс хостооһунугар үлэлээн баран, холобур, Краснодарскай кыраайга көһөн баран хааллаҕына, хотугу кэписийиэнэ бүүс-бүтүннүү сотуллан хаалар. Ити – олох сиэрэ суох көстүү. Ити кэписийиэн туһугар киһи доруобуйатын уонна эдэр сааһын сүтэрэр. Онон кэписийиэн кини ханна да көһөн барар түгэнигэр бэйэтигэр хаалыахтаах, олоҕун тухары ананыахтаах”, – диэн баартыйа биир сүрүн көҕүлээһинин туһунан Сөдүөт Тумууһап сырдатта.  

Ити курдук, баартыйа үлэтэ-хамнаһа дойдуга букатын атын экэнэмиичэскэй мадьыал оҥоһулларын туһугар ананарын бэлиэтээтэ. Ол түмүгэр социальнай эйгэ үп-харчы тобоҕунан эрэ үбүлээһининэн муҥурдаммакка, экэнэмиичэскэй сайдыы сүрүн тирэҕинэн буолуохтааҕа этилиннэ.  

Маны сэргэ, пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр дьон быраабын көмүскүүр эрэгийиээннээҕи киин үлэтэ-хамнаһа сырдатылынна. Бу кииҥҥэ дьон хамнас кыһалҕаларынан, үлэттэн сокуоннайа суох уурайыы, хаарбах дьиэттэн көһөрүү курдук уустук боппуруостарын кэлэн өйөбүл ылан бараллар эбит.

Бэй. кэр.

Бүтэһик сонуннар