АХШ бэрэсидьиэнэ Дональд Трамп талыллыбыта иккис сылыгар анаан Эмиэрикэ эспиэрдэрэ, эриэйтинин билээри, чинчийии ыыппыттар.
Ол курдук, учуонайдар 25 дойдуга (Дьобуруопа, Азия, Латинскай Эмиэрикэ, Арассыыйа, Израиль) ханнык бэлиитиги ордук итэҕэйэллэрин туһунан 26,1 тыһ. киһиэхэ ыйытык ыыппыттар. Чинчийии түмүгүнэн, Дональд Трамп салайар бэлиитикэтэ Владимир Путинтан уонна Си Цзиньпинтэн мөлтөх диэн быһаарбыттар. Холобур, Барак Обама кириэһилэҕэ олорор кэмигэр ньиэмэстэр 57%-ра АХШка син аматык сыһыаннаһаллара үһү, билигин ол түмүктэрэ биллэ намтаабыт – 30%-ҥа тиийэ түспүт. Оттон Трампы Германияттан 10% киһи итэҕэйэр эбит. Уопсайынан, АХШ имиджэ Филиппиннэргэ, Соҕуруу Кэриэйэҕэ, Израильга эрэ үрдүк эбит.
Бу ыйытыкка кыттыбыт дьон улахан аҥаара Германия Федеративнай Өрөспүүбүлүкэтин салайааччыта Ангела Меркели итэҕэйэллэрэ быһаарыллыбыт. Ол кэннэ Франция бэрэсэдьиэнэ Эммануэль Макроҥҥа элбэх киһи куоластаабыт. Оттон Кытай, Арассыыйа уонна АХШ лиидэрдэригэр дьон-сэргэ итэҕэлэ намыһаҕа тахсан кэлбит. Оттон эһиги кимиэхэ ордук куоласкытын биэриэ этигитий?