Киир

Киир

Бу күннэргэ “Путин эмискэ Хакасияҕа көтөн кэллэ” диэн СМИлэргэ балай эмэ соһуйбут-өмүрбүт ыстатыйалар тарҕаммыттара. Бары бэрэсидьиэн тоҕо кэлбитин, туох сыаллааҕын, ханна сылдьарын билиэхтэрин баҕараллар. Кэлиҥҥи сонун биллэрэринэн, Дмитрий Песков “Хакасияҕа аҕыйах күҥҥэ сынньанан кэллэ” диэн бэрт кылгастык, чопчутук быһаарбыт. Кини этэринэн, Путин Душанбеҕа СНГ лиидэрдэрин кытары көрсүһүү кэнниттэн кэлэн иһэн, Хакасияҕа тохтоон, сынньанан ааспыт үһү. Ол кэннэ аны Сочига айаннаан, “Формула-1” диэн 16-с төгүлүн ыытыллар чөмпүйэнээт тэрээһинигэр кыттыбыт.

 

путин хакасия

Бэрэсидьиэммит бу курдук сынньанара аҕыйах буолбатах. Санатар буоллахха, бу дьыл атырдьах ыйыгар Туваҕа ФСБ тойоно Александр Бортниковы уонна оборуона миниистирэ Сергей Шойгуну кытары сынньаммыттара. Онно Путин хайдах курдук икки чааһы быһа сордоҥу тутаары эккирэтиспитин бэркэ омуннаахтык сырдаппыттара. Ол кэмҥэ өссө Тува уонна Хакасия баһылыктара эмиэ тэҥҥэ сылдьыспыттара. Сынньалаҥ кэнниттэн Тува баһылыга Шолбан Кара-оол “Путин Туваҕа олус үгүстүк сылдьар, ол аата тувалары таптыыра, оттон тувалар кинини таптыыллара көстөр буоллаҕа” диэн астынан-дуоһуйан туран бэлиэтээбиттээх.

Дьэ, Туваҕа дөрүн-дөрүн экология айгыраабытын, кытай инвестордара, олохтоохтор сыһыаннарын, айдаан, иирсээн туһунан сонуннары аахтахха, Путин кинилэри ол курдук “иһирэхтик таптыыра” көстүбэт курдук...