Польша дьаһалтата Германия былааһыттан Аан дойду иккис сэриитигэр оҥоһуллубут хоромньуну төлөтөргө ирдэһэр.
Польша дьокутаата Аркадиуш Муларчук диэн киһи этэринэн, Дьобуруопа сойууһугар Германия лиидэр дойду быһыытынан киирсиэн иннинэ, сэрии кэмигэр Варшаваҕа туох хормньу таһаарбытын барытын төлөһүөхтээх.
Ол курдук, поляктар 50 эбэтэр 100 сыл тухары 850 миллиард дуоллары төлөөн, экэниэмикэҕэ, инфраструктураҕа, билим эйгэтигэр сайдыытыгар көмөлөһүөхтээхтэр.
Польшаҕа баар “Быраап уонна Сиэрдээх буолуу” баартыйа бэрэстэбиитэллэрэ, сэрии хоромньутун төлүүр боппуруос билиҥҥэ диэри аһаҕас турар диэн суҥхараллар.
1947 сыллааҕы Польша былааһа аахпытынан, Германия Польша дьонугар 48,8 миллиард дуоллар биэриэхтээх, ол билиҥҥи харчынан 850 миллиард дуоллар буолбут.
Онон поляктар туруорсубуттарын ситиһэр туруктаахтар. Муларчук этэринэн, “ньиэмэстэр дьоммутун-сэргэбитин күргүөмүнэн өлөртөөбүттэрэ-кыргыбыттара, демографиябытын мөлтөтөрдүү соруйан үлэлээбиттэрэ, интэлигиэнсийэбитин суох оҥорбуттара. Ол хоромньуну билигин даҕаны чөлүгэр түһэрэргэ олус уустук” диир.