Киир

Киир

Олунньу 14 күнүгэр Ил Дархан “О дополнительных мерах, направленных на поддержку рождаемости в Республике Саха (Якутия)” диэн уурааҕа таҕыста.

Саха сиригэр демография балаһыанньатын тупсарыыга туһуламмыт уураахха быйыл (2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн) оҕоломмут дьиэ кэргэни өйүүр эбии миэрэлэр ылыныллылар:

  • Бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ (эбэтэр итэ ыллахха) дьиэ кэргэн оҕо тииһинэн олоруу алын кээмэйин икки төгүлүнэн элбэх харчыны биирдэ ылар кыахтаныа. Оттон иккис оҕоҕо (эбэтэр иитэ ыллахха) – эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалын кээмэйиттэн 30% бэриллиэҕэ.
  • Оттон үһүс оҕо (эбэтэр онтон элбэх) төрөөтөҕүнэ (эбэтэр иитэ ыллахха), кинилэр үс саастарын туолуохтарыгар дылы оҕо тииһинэн олоруу алын кээмэйин саҕа ыйдааҕы төлөбүрү ылар буолуохтара (өскөтүн дьиэ кэргэн нэһилиэнньэ орто дохуотуттан кыра дохуоттаах буоллаҕына).

Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ этринэн, күн-бүгүн оҕо тииһинэн олоруутун кээмэйэ 16 460 солк. тэҥ. Саҥа уурааҕы толорорго эбии үбү, итиэннэ хайдах бэрээдэгинэн биэриэхтэрин кэлэр икки нэдиэлэ иһигэр бырабыыталыстыба быһаарыаҕа.

Санааҕын суруй