Саҥа сыл бастакы үлэ күнэ соһуччу сонуну аҕалла. Дьокуускай баһылыга Сардаана Авксеньтева доруобуйатын туругунан дуоһунаһыттан аккаастанарын эттэ. Кинини солбуйааччыта Евгений Григорьев быстах кэмҥэ мээр эбээһинэһин толоруоҕа.
Ил Дархан Айсен Николаев Сардаана Владимировна быһаарыныытын өйөөтө уонна кини үлэтин үчүгэйинэн сыаналаата. Куорат баһылыгын быыбара аны саас ыытыллыаҕа. Сардаана Авксентьева кэллиэгэлэригэр уонна куорат олохтоохторугар махталын биллэрдэ.
Санатар буоллахха, бу күһүн Сардаана Владимировна быраастарга сыныйан көрдөрөммүтэ, онно кини сорох анаалыһа мөлтөөбүтүн быһаарбыттара, КТ-га түһэрэн баран эпэрээссийэлэнэрэ ордугун эппиттэрэ. Онон сотору кэминэн Сардаана Владимировна эпэрээссийэлэниэхтээх. Мээр официальнайдык уурайыытын тохсунньу 14 күнүгэр куорат дууматын дьокутааттара бигэргэтиэхтэрэ.