Киир

Киир

Хас биирдии быыбардыыр учаастакка температурнай хонтуруол олохтонно, киһи илиитин антисептигынан ыстарар анал миэстэлэрэ бэлэмнэр, социальнай кээмэйи ыйар кэрдиистэр уруһуйданнылар.

«Куоластыыр хостор сотору-сотору дизинфекцияланаллар. Оттон куоластыы кэлбит дьону, авторучка уонна куоластыыр бюллетень туттарарбыт таһынан, босхо мэдиссиинэ мааскатынан уонна биирдэ туттуллар бэрчээккэнэн хааччыйабыт. Итиэннэ, куоластыыр хамыыһыйа чилиэннэрэ бары тус бэйэни көмүскүүр-харыстыыр малларынан хааччылыннылар», - диэн бэлиэтиир Дьокуускайдааҕы быыбардыыр территориятааҕы хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Алла Самойлова.

Санатабыт, Дьокуускай куорат баһылыгын таларга куоластааһын кулун тутар 26 күнүттэн, кулун тутар 28 күнүгэр диэри барыаҕа. Куоластыыр учаастактар бу үс күн тухары, сарсыарда 8:00. чаастан, киэһэ 20:00 чааска диэри ааннара аһаҕас. Ханнык эмит биричиинэнэн куоластыыр учаастакка бэйэлэринэн тиийэр кыахтара суох дьон, дьиэлэрин иһиттэн олорон эрэ куоластыахтарын сөп. Ол туһугар кинилэр, 2020 сыл, кулун тутар 28 күнүгэр, 14:00 чааска диэри бэйэлэрин учаастактааҕы хамыыһыйаларыгар эрийэн тиийэн, ханнык эмҥэ ордук куоластыахха сөбүн билсиэхтэрин син.

Сэҥээриилэр

Luciana
0 Luciana 17.11.2022 09:28
%%

Take a look at my site seo service uk (Http://edolamall.com: http://edolamall.com/bbs/board.php?bo_table=free&wr_id=92)
Ответить
Hector
0 Hector 20.11.2022 23:12
%%

Also visit my page; Search
Engine Optimization Services: https://images.google.sr/url?q=http://greenbankofthenorth.com/__media__/js/netsoltrademark.php?d=pastein.ru%2Fl%2FUgkY
Ответить
Marita
0 Marita 12.01.2023 21:35
%%

Feel free to surf to my blog post: Seo services Uk: http://play.busan.com/bbs/board.php?bo_table=play_board_sugge&wr_id=75
Ответить

Санааҕын суруй