Киир

Киир

Бэрэсидьиэн 2022 с. тохсунньу 1 күнүттэн дойду салалтата инфляция күүскэ үрдээбитинэн, тииһинэн олоруу уонна хамнас алын кээмэйдэрин былааннаммыттааҕар 8,6 % ордук үрдэтэр быһаарыы ылбытын иһитиннэрдэ. Саҥа дьылтан тииһинэн олоруу алын кээмэйэ биир тыһыынчанан эбиллэн 12 654 солк., оттон хамнас алын кээмэйэ үрдээн, 13 890 солк. тэҥнэһиэҕэ. Итиннэ барыта бырабыыталыстыба 30 млрд. солк. көрбүт. Ити көрдөрүүлэргэ тирэҕирэн, биэнсийэ уонна социальнай төлөбүрдэр суоттаналлар. Онон, биэнсийэни кытта атын социальнай төлөбүрдэр, кыратык да буоллар, эмиэ эбиллиэхтэрэ.

Арассыыйаҕа сыана 2021 сыл быһа үрдээн кэллэ. Инфляция билгэлээһининэн, 4 % көрүллүбүт буоллаҕына, билигин икки төгүл улаатан, 8% тиийдэ. Алтынньы ый түмүгүнэн ордук ас сыаната ыараабыт - 11 % үрдээбит.

Эспиэрдэр бырабыыталыстыба социальнай төлөбүрдэри олус кыратык үрдэттэ дииллэр. Дьиҥэр, ньиэп-гаас атыытын харчыта элбэх киирбит, баар эбит. Ол эрээри, быһыыта, бырабыыталыстыба соцтөлөбүрдэри элбэтэн, инфляцияны өссө күүһүрдүөхпүт диэн дьиксинэн, кыратык эппит диэн сабаҕалыыллар.

Санааҕын суруй