Киир

Киир

Дойду бэрэсидьиэнигэр Владимир Путиҥҥа бэҕэһээҥҥи пресс-кэмпириэнсийэ бириэмэтигэр, биэнсийэни индексациялыыр туһунан ыйытыы киирбитэ. Пензаттан сылдьар суруналыыс аныгыс сылга, былааннаммытынан, биэнсийэ индексацията 5,9 % таһымнаах буолар, ол эрээри, сыана түргэнник улаатар диэн бэлиэтээбитэ.

«Бу араастаһыыны биэнсийэлээхтэргэ толуйуохтара дуо?», - диэн суруналыыс ыйыппыта.  

Владимир Путин, маныаха, маннык хоруйдаабыта: «РФ бырабыыталыстыбата ааспыт сылларга эрэннэрбитин барытын толоруохтаах. Билиҥҥээҥҥэ диэри кинилэр барытын сөпкө толорон кэллилэр, салҕыы даҕаны эрэннэрбиппитин толоруохпут. Маны таһынан, аныгыскы сылга, быраабы араҥаччылыыр уонна силовой структураларга үлэлиир дьон дохуотун тэҥниир соруктаах блокпутун толорор туһугар миэрэлэри ылыахпыт. Бу байыаннай сулууспалар биэнсийэлэрин эмиэ таарыйыа», - диэн судаарыстыбабыт тойоно бэлиэтээбитэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар