Киир

Киир

БэлиитикэОлохтоох бэйэни салайыныы туһунан Крашенинников-Клишас киллэрбит сокуоннарын барылын иккис ааҕыыта буолуохтаах. Ол иннинэ Госдуумаҕа, Федерация Сэбиэтигэр, эрэгийиэннэргэ дьүүллэһии буола турар, араас санаа этиллэр.

Эрэгийиэн кэмитиэтин санаата

Госдуума эрэгийиэннээҕи бэлиитикэҕэ уонна олохтоох бэйэни салайыныыга кэмитиэтэ сокуон барылыгар хас да сөптөөх бэлиэтээһини киллэрбитин туһунан Госдуума базатыгар ыйыллар.

Онон, дьокутааттарбыт бары харахтара-кулгаахтара бүөлэммит дьон буолбатахтар, эрэгийиэннэртэн, аллараттан киирэр санаалары истэллэр эбит диэххэ сөп. Кэмитиэт сокуон биир сүрүн алҕаһынан Арассыыйаҕа куорат уонна тыа сирин поселениеларын суох гыныыны ыйар. Эппиппит курдук, онно баар муниципальнай тэриллиилэр оннуларыгар холбоһон “муниципальнай уокурук” буолуохтаахтар.

Кэмитиэт салайааччыта Алексей Диденко “бастакы ааҕыыга сокуон барылыгар элбэх итэҕэс-быһаҕас баара, ситэрии-хоторуу барбыта, кириитикэ иһиллэн, көннөрүү киирэн, сокуон 50 сирэйтэн 17 сирэйгэ тиийэ аччаата”, – диэбит. Кини сокуон биир итэҕэһинэн, историческай-култуурунай үгэстэр кэһиллэллэрин ыйар, ону суурайар табыллыбатын санатар. Ону кытта “муниципальнай уонна куораттааҕы уокуруктары сэргэ муниципальнай тэриллиилэр ыстаатыстарын сайдар кэскиллээх (уонна ол кыахтарын муниципальнай тэриллии ыстаатыһын сүтэрдэхтэринэ, мүччү тутар кутталлаах, ону кытта социальнай, тырааныспар, о.д.а. инфраструктураларын илдьэ сылдьар, олохтоох нэһилиэнньэ боппуруостарын быһаарар кыахтаах) куорат уонна тыа сирин поселениеларыгар хаалларыахха” диэн туруорсар.

Кэмитиэт сөптөөх ыйыыларын, этиилэрин иккис ааҕыыга ылыныахтара дуо? Госдуума баһыйар улахан аҥаара – “Ньыгыл Арассыыйа” бэрэстэбиитэллэрэ.  

Күбүрүнээтэрдэр өйүүллэр

Күбүрүнээтэрдэр үксүлэрэ даҕаны “бу норуоту быыһыах-абырыах сокуон” дииллэр. Холобур, тохсунньу 20 күнүгэр Федерация Сэбиэтигэр буолан ааспыт төгүрүк остуолга Пенза уобалаһын күбүрүнээтэрэ Олег Мельниченко “нэһилиэнньэлээх пууннарга ыстаарысталар ананаллара үчүгэй, бу дьон муниципальнай былааһы кытта кэпсэтэллэригэр сибээһи олохтуохтара” диэн итэҕэйэр. “Аныырга нэһилиэнньэ этиитин истиэхпит, кинилэргэ, бэл, хантараагынан хамнас төлөнүөн сөп. Нэһилиэнньэ ОБС ситэриилээх уорганын кытта ыкса сибээһин олохтуохпут ”, – диэн эрэннэрэр.

Дьон-сэргэ көмүскэлэ суох хаалар

Сокуон барылын утаран, соторутааҕыта ыҥырыы таһаарбыт “Земскэй сийиэс” Бүтүн Арассыыйатааҕы муниципальнай дьокутааттар түмсүүлэрин кыттыылааҕа, бэлиитик Юлия Галямина дьокутаата суох хаалбыт дэриэбинэ көмүскэлэ суох буола түһэр диэн санаалаах.

–Бу сокуон олоххо киирдэҕинэ, дьокутааттар ханна эрэ ыраах, оройуон киинигэр баар буолуохтара, кинилэргэ тахсар уустугуруо, сурук суруйуохха, ону күүтүөххэ наада буолуо. Тыа сирин олоҕо куорат олоҕунааҕар уустук. Дэриэбинэҕэ хаар күрдьүүтэ, суол тутуута, мас тиэллиитэ диэбит курдук күннээҕи кыһалҕалары быһаарыы ханан эрэ ырааҕынан эргийиэ. Дьон кимиэхэ да тахсар кыаҕа суох буолуо, кинилэри ким истиэй? Урут, хайдаҕын да иһин, үчүгэй буоллун, куһаҕан буоллун, баһылык, дьокутааттар бааллара, көмөлөһүөхтэрин сөбө. Билигин ким көмөлөһөр?

Сокуон өссө тугунан кутталлааҕый? Муниципалитеттар суох буоллахтарына, дэриэбинэлэргэ, бөһүөлэктэргэ, кыра куораттарга бас билэр сирдэрэ суох буолуо. Сири ханна эрэ ыраах баар уокурукка дьаһайыахтара. Дьэ, ол сокуону кэһэр тутууларынан, экологияны алдьатыынан кутталлаах буолуоҕа. Билигин Москуба оҥорон таһаарар бөҕүн-саҕын атын эрэгийиэннэргэ тиэйэн илдьэр былааннаах. Онуоха миэстэтигэр олохтоох дьокутааттар Сэбиэттэрэ сөбүлэспэккэ, син утаран кэлбит эбит буоллахтарына, билигин ол суох буолуо.

Бу сокуону олоххо тоҕо киллэрэ сатыылларын туһунан былаастар туох даҕаны киһини итэҕэтэр быһаарыылара суох – “бу дьоҥҥо наадалаах, Арассыыйа сайдыытыгар туһалаах сокуон” диэн. Бастакыттан олохтоох бэйэни салайыныыга кып-кыра боломуочуйаны биэрэн баран, билигин кэлэн “кыайбатылар” диир сөп үһү дуо? Дьыала үбүлээһинигэр да буолбатах – дьыала дьон интэриэһин туруорсар кимэ да суох хааларыгар, көмүскэлэ суох буоларыгар. Биһиги дэриэбинэбит тугу-тугу ааспата, холкуостааһыны, фашистар оккупацияларын – хайдах эрэ син тыыннаах хаалан, баччаҕа диэри тиийэн кэллэ. Билигин кинини бу сокуон көмөтүнэн бүтэһиктээхтик эһээри гыналлар. Олоххо киирдэҕинэ, Арассыыйа дэриэбинэлэригэр сыыйа олох умуллуо.

Бүтэһик ынахпытын былдьыыллар

Рязань уобалаһын, Рязань оройуонун Дубровичи сэлиэнньэ олохтоох дьокутаата Константин Смирнов кыыһыран-абаран блогар суруйбутуттан аҕалабыт:

– Поселениелары сокуоҥҥа “дотационнайдарын иһин суох гынабыт” диэн быһаарбыттар. Дьэ, хайдаҕый?! Мин олорор поселениебар – Дубровичига бүддьүөтэ 18 мөл. солк. Рязань уобалаһыгар бу – өссө улахан бүддьүөт. Дьиҥинэн, манна коттеджтар тутуллаллар, сир ырыынага, карьердар бааллар, бырамыысыланнай зона баар. Ону кытта оройуоҥҥа 5 мөл. эрэ бүддьүөттээх дэриэбинэлэр бааллар. Ол эбэтэр, бастаан биһигини харчыта суох хаалларар нолуок систиэмэтин толкуйдууллар. Онтон “эһиги син биир харчыгыт суох, онон эһигини суох гынабыт” дииллэр. Бу сөп дуо?

Иккис быһаарыыга “поселение болумуочуйатын эрэгийиэҥҥэ биэрии, поселениелар бэйэлэрин боломуочуйаларын оройуон бэйэни салайыныытын уорганнарыгар сөбүлэһии түһэрсэн биэрэр быраактыкалара киэҥник туһаныллар” диэн этиллибит. Ханна баарый ол “киэҥник туттуллар быраактыканы” туоһулуур сыыппара, көрдөрүҥ! Хас поселение бэйэтин боломуочуйатын оннук биэрбитин! Мин санаабар, оннук айылаах улахан буолбатаҕа буолуо. Бу аата – бүтэһик ынаҕы былдьыырга тэҥнээх. Бу дьону утарар, кинилэри ким эрэ истэрин, сири кытта чиэһинэй сыһыаны утарар сокуон.

Ону ылынар сатаммат.

Бөдөҥсүтүү көдьүүстүө дуо?

Роман Петухов, Социология институтун сүрүннүүр үлэһитэ, социология билимин хандьыдаата, сокуону туох да чинчийиилэри ыыппакка, үөрэппэккэ ылыллыбыт диэн ыйбыт.

– Бу боппуруоска чинчийиилэр, дааннайдар олох суохтарын кэриэтэ. Бэйэбит ыыппыт мониториммытыгар олоҕуран, кэнники кэмҥэ муниципальнай былааска итэҕэл түспүтүн көрөбүт. Ол төрүөтэ – уопсай былааска итэҕэл сүтүүтэ. Ити быыбар оннугар анааһыны киллэрииттэн эмиэ сибээстээх. Тоҕо диэтэххэ, дьоҥҥо тоҕо салалтаны талардааҕар, үөһэттэн аныыр ордугун быһаарбатахтара. Ол былааска дьон итэҕэлин түһэрдэ.

Дьиҥинэн, олохтоох бэйэни салайыныы дьоҥҥо саамай чугас эрээри, кыра куораттар, дэриэбинэлэр олохтоохторун 80%-на “былаас ылынар быһаарыытыгар биһиги дьайар кыахпыт суох” диэн билинэллэр. Ол да буоллар дьон 75%-на ОБС Арассыыйаҕа олус наада диэн өйдүүр, онтон аккаастанар санаата суох. Дьон бэлитиикэттэн тэйбитэ (деполитизация), ол көстүү аны “социальнай апатияҕа” кубулуйбута көстөр. Бу олус кутталлаах, тоҕо диэтэххэ, дьон туохха даҕаны кыһаллыбат, тардыспат, барытыгар ээл-дээл буолар. ССРС ыһыллыбытын кэннэ биһиги оннук балаһыанньаҕа олоробут. Дьон олохтоох бэйэни салайыныы олоҕор кыттыан баҕарбат, тус олоҕунан эрэ хааччахтанар. Холобур, оннук наадалаах түгэҥҥэ түмсэр, “мобилизацияланар” кыахпыт, дьулуурбут суоҕа, хамсык кэмигэр көһүннэ.

Бөдөҥсүтүү бардаҕына, дьон элбэх, киэҥ-куоҥ сирдээх-уоттаах муниципальнай уокуруктар экэнэмиичэскэй өттүнэн ордук көдьүүстээх буолуохтара, дохуоттара улаатыа, сайдыахтара дииллэр. Оннук буолбатах. Экэнэмиичэскэй көдьүүс хамаандаҕа таһымнаах, билиилээх экэнэмиистэр, финансистар баалларыттан, ону ситиһэр сыал-сорук туруоруналларыттан тутулуктаах. Хас да кыра дэриэбинэни биир улахан “уокурукка” холбууртан эрэ экэнэмиичэскэй көдьүүс, сайдыы үөскээн тахсыбат.

Аны, биир сэрэхтээх түгэн. Дьон мэлдьи даҕаны араас өҥөттөн чугас буолуон баҕарар: баан, баҥкамаат, нолуок, почта, балыыһа... Ол бииртэн биир дэриэбинэттэн баран истэҕинэ, дьон, биллэн турар, ону сырсан эмиэ көһөргө күһэллиэ. Дьон тоҕо түҥкэтэх сиргэ хаалыай? Оччотугар олохтоох былаас уоргана суох хаалбыт дэриэбинэҕэ хонтуруол диэн эмиэ суох буолуо. Бу быраҕыллыбыт кэриэтэ дэриэбинэ туһунан мантан инньэ ыстатыыстыка отчуотуттан эбэтэр олохтоохтор үҥсүү суруктарыттан эрэ билэр буолуохпут.

Эрэгийиэннэргэ

Алтаай: реформа сүрүн кыһалҕалары быһаарбат

Алтай кыраайын парламеныгар “Сиэрдээх Арассыыйа – Кырдьык туһугар” фракцията ОБС сокуонун утарбыт. Кинилэр: “Биир таһымнаах ОБС киирэрэ поселениелар таһымнарыгар ханнык эмэ былаас омоонун да суох гыныа. Салгыы ол тыа сирэ өлүүтүгэр тиэрдиэ, сотору дойдубут иччитэхсийиэ”, – диэбиттэр. Ол туһунан фракция салайааччыта Александр Молотов: “Билигин хас биирдии сэбиэккэ нэһилиэнньэнэн талыллыбыт уонна кини иннигэр эппиэттиир баһылык уонна дьокутааттар бааллар. Кинилэр оннуларыгар былаастаах дьон кэлиэҕэ. Олохтоохторго ол кыһалҕаны эрэ аҕалыа, кинилэр “цивилизацияттан” өссө тэйитиллиэхтэрэ. Итини кытта муниципалитет баһылыктарын эрэгийиэн баһылыга туох баҕарар иһин эппиэтинэскэ тардар кыахтанарын быыгабар биэрэртэн саҕалаан, астаапкаҕа ыытарын сөбүлээбэппит. Саамай сүрүнэ, бу ыытыллар реформалар ОБС биир даҕаны дьиҥнээх кыһалҕатын быһаарбат – үбүлээһини да эбэтэр каадыр тиийбэтин. Онон бу сокуону утардыбыт”, – диэн быһаарбыт.

Дагестан:
олохпут өссө тупсуо
 

Дагестан дьокутааттара баһыйар үгүс куолаһынан сокуон барылын өйөөбүттэр. “Барыта дьон туһугар, олох өссө тупсуо”, – диэбит Дагестан парламенын сис кэмитиэтин салайааччыта Артур Исрапилов. Оттон Дагестан Баһылыгын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Зикрула Ильясов “РФ 131№-дээх сокуона бүгүҥҥү күҥҥэ эппиэттээбэт. Дойдуга салайыы икки көрүҥэ: судаарыстыбаннай уонна муниципальнай баар буоллаҕына, элбэх өйдөспөт түгэн үөскүүр, ол туһуттан норуот интэриэһэ күөмчүлэнэр” диир. “Баар балаһыанньаҕа бэйэтин эрэ интэриэһин көрүнэр олохтоох бэйэни салайыныы баһылыгын үлэтиттэн ууратар күчүмэҕэй. Онон даҕаны биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ оройуону эбэтэр куораты салайар баһылык, тугу да гыммакка төһө баҕарар олоруон сөп – кинини ууратар олус ыарахан. Манна дьокутааттар хоруупсуйалара да мэһэй буолар. Саҥа сокуон үчүгэйэ – ити кыһалҕаны кэмигэр быһаарарга кыах биэрэр”, – диир.

Ол да буоллар ОБС тэриллиитин боппуруостарын бу сиргэ олорор дьон 1/3 куоластааһына быһаарар диэни кини саарбахтыыр: “Кылааннаһыы күннээн-күөнэхтээн турдаҕына, маннык нуорма да киирэн, боппуруоһу быһаарара саарбах”.

ЯНАО:
ырааҕы – чугаһы, суол суоҕун учуоттаабат сокуон
 

Ямал-Ненец автономнай уокуругун дьокутааттара эмиэ Саха сиригэр курдук, сокуон барыла поселениелар бэйэ-бэйэлэриттэн төһө ыраахтарын учуоттаабатын, кинилэргэ эргиччи сылы быһа тырааныспар сырыыта суоҕун, онон олохтоох чунуобунньуктар сылы быһа сылдьар кыахтара суоҕун ахтыбыттар. Ол да буоллар парламент Госдумаҕа сокуону бастакы ааҕыыга өйүүр сурук ыыппыт, тэхиниичэскэй көрүҥнээх этиилэри киллэрбит.

Ставрополь:
киритиэрийдэри чуолкайдыырга
 

Кыраай дууматыгар сокуон барылыгар баар өйдөбүллэри, тиэрминнэри чуолкайдыырга этии киллэрбиттэр уонна нэһилиэнньэлээх пууннары куорат эбэтэр тыа сирин территориятынан уонна көрүҥүнэн быһаарар киритиэрийдэри чуолкайдыыр наадатын ыйбыттар. Тоҕо диэтэххэ, онтон нэһилиэнньэ чэпчэтии ылара тутулуктаах диэбиттэр.

***

Дьиктитэ диэн, эрэгийиэн дьокутааттара күбүрүнээтэрдэр дойду салайааччытыттан быһаччы тутулуктаах буолалларыгар аахайбаттар. Ол туһунан, арай Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин вице-спикерэ, хомуньуус Виктор Губарев бэлиэтээн тыл эппит. Тюмень, Хабаровскай уобалас өйөөбүттэр. Бэл, Хабаровскай Дууматын спикерэ Сергей Зюбр “бу нэһилиэнньэлээх пууннары сайыннарыыга, хаачыстыбалаах олоҕу тэрийиигэ наадалаах үстүрүмүөн” диэбит.

Федеральнай суолталаах куорат бэрэстэбиитэлэ, «Петербург бэлиитикэтэ» пуонда салайааччыта Михаил Виноградов “бу куорат салайааччыларын балаһыанньаларын өссө намтатыы буолар. Кинилэри холуобунай дьылаҕа түбэһиннэрэр куттал кэнники улаатта, онон да буолуо, билигин мээрдэри көмүскүөх түмсүү да, таһымнаах лобби да суох, оннук тэриллэ охсуо да биллибэт. Оттон муниципалитеттары бөдөҥсүтүү административнай ыһыллыыга, быыбардар кэмигэр үөскүүр кыһалҕаларга, үлэтэ суох элбииригэр тиэрдиэҕэ” диэн сэрэтэр. Сокуон иккис ааҕыытын күүтэбит.

Бэлэмнээтэ Н.Герасимова.