Киир

Киир

“Роснефть” аахсыйатын 19,5%-ын Англия “BP” (Бритиш петролеум) хампаанньата бас билэр. “BP” Украинаҕа ыытыллар анал эпэрээссийэни утаран, Арассыыйа утары санкцияларга кыттыһан, “Роснефтэн” тахсабын, аахсыйабын атыылыыбын диэбит. “ВР” Саха сиригэр үлэлиир “Таас Юрях нефтегаздобыча” диэн хампаанньабыт 20%-ын бас билэр. Онон, баҕайыны ыт сиэтин, бара турдун диибит буоллаҕа. Инникитин санкция уһаан, омук хапыталыыстара Сибиир ньиэбэр, гааһар киирбэтэллэр, дьиҥэр, үөрүө этибит буолбатах дуо?

Кэлин сылларга ньиэби, гааһы көрдөөн, Сунтаарга, Бүлүү бөлөх улуустарыгар, бэл, Илин Эҥээргэ тиийэ ойуурбутун, сирбит аннын сүргэйии бөҕөтө. Улахан баахта бөһүөлэктэрин туталлар. Арбаҕастаах да быыһаабат иэдээнэ буолаары сылдьыбыппыт, хата ону ити Арассыыйаны муомахтаары бэйэлэрин санкциялара тохтотолуох курдук.

Омук хапыталыыстара гааспытын, ньиэппитин супту уулаабат буоллахтарына, аан ийэ күөх сирэм айылҕабыт барахсан тыытыллыбакка төһөлөөх абыраныа этэй? Кэрэкээн бэйэтинэн хаалан, харахпытын үөрдэ туруо этэ буолбатах дуо? Онон Англия хапыталыыстара барбыттарын аһыйбат инибит?

Санкция иккис үтүөтэ олигархтары уодьуганныа. Сахалар быыбардар аайы Сечин, Миллер уо.д.а. олигархтар хамнастара сиэрэ суоҕун утаран, кинилэри өйүүр “биир ньгыллары” төкүнүтэбит. Бэл, бэрэсидьиэн “кинилэр хамнастара омук менеджердэрин саҕа буолуохтаах” диэн этэн турар. Онтон кыра буоллаҕына, омук хапыталыыстара күлүү гыналлар үһү. Санкция кэннэ, омуктара бардахтарына, олигархтарбытын сиэрдээх хамнаска олордуохпут. Хомуньуус дьокутааппыт Бүөтүр Аммосов “судаарыстыбаннай хампаанньалар тойотторун хамнастарын кыччатары туруорсууй, чэ, кытаатыый!

***

Англия хапыталыыстара Саха сиригэр Таас үрэх ньиэбигэр баар буолбатахтар. Итиннээҕэр улахан кыахтаах, элбэх хампаанньалаах EastSib холдинг диэн Кипрга регистрациялаах хампаанньа Саха сирин арҕаа өттүгэр “бөө” диэн ордуулана сытар. Бу хампаанньа салайааччытынан Англия баайа, лорд, сэр Фредерик Мэттью Томас Понсонби диэн киһи буолар. Бу холдинг туһунан “Кыым” хаста да суруйбута. EastSibкэ сэттэ: АО “РНГ”, “СюльдюкарНефтеГаз”, “ТКН Геологоразведка” «Монулах Геологоразведка», “Истсибгеологоразведка”, Мурбайгеологоразведка, “ВЧМ Геологоразведка” диэн тэрилтэлэр киирэллэр. Бары Саха сиригэр баар элбэх ньиэптээх-гаастаах сирдэри бас билэр лицензиялаахтар. Мииринэйгэ, Ленскэйгэ үлэлии сылдьаллар. Оттон “ВЧМ Геологоразведка” Өлүөхүмэни уонна Горнайы ылбыт. Биһиги дойдубут баайын Кипрынан эргитэн-урбатан ылбыт киитэрэй сэр Понбонсига биһиги бэйэбит санкция биллэрэн, Саха сириттэн Англиятыгар икки атаҕынан куоттарбаппыт дуо?

Итинник Саха сиригэр сирин баайын хостуур хампаанньаларга кыттыгастаах, биһиэхэ санкция биллэрбит дойдулар хапыталыыстарын “муус ураҕаһынан” кыйдаталыахха баара. Биһиги тоҕо кинилэргэ күөх суугун айылҕабыт барахсаны тэбистэрэ сылдьыахтаахпытый?

Суруйуум памфлет курдук таҕыста да, дааннайдара барыта чахчы.

 Владимир Степанов