Киир

Киир

Белоруссия Гомельскай уобалаһыгар Арассыыйа уонна Украина дэлэгээссийэлэрэ көрсөн кэпсэттилэр. Кэпсэтии 5 чаас устатын тухары буолла.

Кэпсэтиигэ Арассыыйа дэлэгээссийэтин бас киһинэн Владимир Мединскай буолбута. Дэлэгээссийэ састаабыгар МИД баһылыгын солбуйааччы Андрей Руденко, Белоруссияҕа Арассыыйа босуола Борис Грызлов уонна Судаарыстыбаннай Дуума норуоттар икки ардыларынааҕы дьыалаҕа кэмитиэтин салайааччыта Леонид Слуцкий бааллара.

переговоры 2

Оттон Украина дэлэгээссийэтигэр Михаил Подоляк господинтан ураты, оборуона миниистирэ Алексей Резников, МИД баһылыгын солбуйааччыта Николай Точицкай, Украина Үс өрүттээх контактаах бөлөҕүн дэлэгээссийэтин баһылыгын бастакы солбуйааччыта Андрей Костин, дьокутааттар Давид Арахамия уонна Рустем Умеров бааллара.

украиналар

Көрсүһүүгэ Украина бэрэстэбиитэллэрэ бөртөлүөтүнэн көтөн кэлбиттэрэ. Оттон кэпсэтии Москуба бириэмэтинэн 13:50 ч. саҕаламмыта. Буолуон иннинэ, Белоруссия тас дойдуларга дьыалаларын миниистирэ Владимир Макей киирии тылы эппитэ. Кини, икки дойду бэйэ-бэйэлэрин кытта өйдөһүөхтэрэ диэн эрэл санаалааҕын биллэрбитэ.

Кэпсэтии буолуон иннинэ Украина бэрэсидьиэнин офиһа кэпсэтии позициятын маннык быһаарбыт этэ: демилитаризация уонна денацификация эпэрээссийэлэрин тохтотуу уонна Арассыыйа сэбилэниилээх сэриитин тэйитэн илдьии.

Көрсүһүү саҕаланаатын кытта, офис баһылыгын сүбэһитэ Арестович бэбиэскэҕэ Кырыымы, Донбаһы миллиардынай репарацияны «босхолооһун» туһунан пууннары эппитэ.

Украина бэрэсидьиэнин офиһын баһылыгын сүбэһитэ Михаил Подоляк этэринэн, бүгүҥҥү кэпсэтии темата – Украинаҕа уоту тохтотуу. Кини дойду бэрэстэбиитэллэрэ "тустаах быһаарыылары бэлиэтээтилэр" диэ эттэ. Билигин дэлэгээссийэ бэрэстэбиитэллэрэ дойдуларын куораттарыгар консултаассыйа ыла барыахтара, ол кэнниттэн кэпсэтии иккис түһүмэҕэ буолуо диэн «РИА Новости» иһитиннэрэр.

Арассыыйа бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ Владимир Мединскай этэринэн, кэпсэтии саҥа кэрдииһэ Польша уонна Белоруссия кыраныыссатыгар сотору кэминэн буолуохтаах. Кини бэлиэтииринэн, бүгүҥҥү күннээххэ «уопсай позициялары сабаҕалыыр туочукалар» булуллубуттар. Подоляк буоллаҕына «таарыллыбыт тиэмэлэр чопчу сайдыы быраактыкатын ылыахтара» диэн эппит.

Онон, кэпсэтии түмүгэ туох даҕаны улахан чопчулааһыны аҕалбатах.

переговоры 4

переговоры

пеерговоры 3

хаартыска rg.ru саайтан ылылынна