Саха сирин парламенын бастакы вице-спикерэ Александр Жирков көҕүлээһининэн, норуот дьокутааттара Ил Түмэн 38-c (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар СӨ Бырабыыталыстыбата киллэрбит Сокуонун бырайыагын утардылар. Кинилэр бу Сокуон тыа сирин кыра кэмпилиэктээх оскуолаларын уонна уһуйааннарын интэриэһин күөмчүлүүр диэн быһаардылар.
Александр Жирков СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Үөрэх министиэристибэтин кыра кэмпилиэктээх оскуолаларыгар туһаайыллыбыт дьайыыларын күүскэ кириитикэлээтэ. Кини норуот дьокутааттарын бу Сокуон бырайыагын утарарга уонна бу боппуруоска күһүҥҥээҥҥэ диэри бэйэ барыйаанын оҥорон киллэрэллэригэр ыҥырда.
Саха сирин олохтоохторо уонна уопсастыбаннаһа бу сокуон бырайыага олоххо киириититтэн улаханнык долгуйалларын учуоттааммыт, А.Н. Жирков бэс ыйын 14 күнүнээҕи пленарнай мунньахха тыл этиитин кылгатан таһаарабыт.
«Ытыктабыллаах кэллиэгэлэр! Кыра кэмпилиэктээх оскуола кэнсиэпсийэтин саҥаттан толкуйдуур кыаллара биллибэт. Биһиги федеральнай сокуону таһынан, бэйэбит эмиэ сокуоннаахпыт. Онно кыра кэмпилиэктээх оскуола быһаарыыта уонна статуһа суруллан турар. Быһаччы эттэххэ, кыра кэмпилиэктээх оскуола Арассыыйа да таһымыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Парламеммыт толкуйдаан таһаарбыт өйдөбүлэ буолар.
Чэпчэтиилэри «манньыакка» кубулутар сокуону хайдах киллэрэ сатаабыттарын өйдүүр инигит? Онно биһиги эрэ өрөспүүбүлүкэбит нэһилиэнньэни, ол иһигэр үөрэх тэрилтэлэрин, «манньыатынан» мэҥиэлээн социальнай харысхала суох хааллараары гыммыттарын утаран, федеральнай сокуоннары уруккунан хаалларарга туруорсубута. Экчи ити кэмҥэ «Кыра кэмпилиэктээх оскуола» диэн терминология үөскээбитэ уонна федеральнай сокуоҥҥа туттуллан нуорма уонна быраап аакталарынан хааччыллан барбыта. Онон, биһиги бу хайысхаҕа сокуону оҥорооччулартан биирдэстэрэ буолабыт. Ол да иһин, бу боппуруоһу туруулаһыыга кэннибитинэн чугуруйарбыт сатаммат.
Ааспыт пленарнай мунньахха үөрэх миниистирин мунньахтарга сылдьыбаккын диэн сэмэлээбитим. Онтум бүгүн эмиэ суох. Оттон бу тыҥаан турар боппуруос өрөспүүбүлүкэбит оскуолаларын үс гыммыт бииригэр сыһыаннаах эбээт, ону ааһан, тэйиччи сытар уонна кыһалҕалаах сирдэр оскуолаларыгар. Үөрэх министиэристибэтин көмөтүнэн, саҥа сокуону киллэрэн, кыра кэмпилиэктээх оскуолалар дьылҕаларын быһаараары гыналлар. Ону үөрэх миниистирэ, Бырабыыталыстыба эрийэн дьаһал биэрдэ эрэ кэрэх, толоруох чинчилээх.
Ытыктабыллаах кэллиэгэлэр! Мин бу сокуон бырайыагын утаран, Бырабыыталыстыбаҕа төнүннэриэххэ диэн ыҥырабын. Урут кыра кэмпилиэктээх оскуолалар киритиэрийдэрин Бырабыыталыстыба оҥороро, испииһктэрин бэйэтэ бигэргэтэрэ. Хас биирдии оскуола дьылҕатын Бырабыыталыстыба мунньаҕар куоластаан быһаарыы ылыналлара. Аны ол үлэ «Үөрэх туһунан» федеральнай сокуоҥҥа киирбэтэҕи барытын сотор соруктаах үөрэх министиэристибэтигэр сүктэриллэн эрэр. Бу судаарыстыба таһымнаах быһаарыы буолбатах.
Өссө төгүл сокуон бырайыагын утарыҥ диэн ыҥырабын. Ол кэннэ үчүгэдик толкуйдуур ирдэнэр. Тыа сирин үөрэҕин тэрилтэлэригэр уустук кэм кэллэ. Адьас соторутааҕыта кыра кэмпилиэктээх оскуолалары уонна уһуйааннары холбуу сатаабыттара. Ол түмүгэр туга да өйдөммөт дьикти тэрилтэлэр үөскээбиттэрэ. Оҕолоро аҕыйах буолбут буруйдарыгар. Дьиҥэр, биһиги тыабыт сиригэр аҕыйах нэһилиэнньэлээхпит, нэһилиэктэрбит бэйэ-бэйэлэриттэн арҕам-тарҕам тураллара нэһилиэк да, улуус да, өрөспүүбүлүкэ да буруйа буолбатах. Бу үйэлэр усталарыгар олохсуйбут сирбит уратыта, устуоруйа чахчыта. Онон сокуоннары (өрөспүүбүлүкэ да, федеральнай да таһымнаах) оҥорууга ити хайаан да учуоттаныллыахтаах. Оттон биһиги төттөрүтүн кэннибитинэн чугуруйабыт.
Феодосия Васильевны Габышева кэмитиэтин, бары кэллиэгэлэрбин бу тыын боппуруоһу бэйэбит быһаарыаҕыҥ диэн ыҥырабын. Өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин тэрилтэлэрин кыра кэмпилиэктээх оскуола ахсааныгар киллэрии киритиэрийдэри Ил Түмэн оҥоруохтаах. Ол киритиэрийдэринэн биһиги үөрэх тэрилтэлэрин чопчулуур быраабы, Үөрэх министиэристибэтигэр буолбакка, Бырабыыталыстыбаҕа биэриэхпит уонна барытын хонтуруоллуохпут. Дьэ, онно СӨ Бырабыыталыстыбата биһиги олохтообут киритиэрийбитинэн, ирдэбилбитинэн кыра кэмпилиэктээх оскуолалары быһаарыыга хайдах үлэлиирин көрүөхпүт. Оттон Үөрэх министиэристибэтин соругунан ол оскуолаларга үлэлиир, үөрэнэр усулуобуйаны тэрийии буолуоҕа.
Биһиги кыра кэмпилиэктээх оскуолалар, кыра нэһилиэнньэлээх сирдэр туһунан төһө баҕарар уһуннук, туох да түмүгэ суох кэпсэтиэхпитин сөп. Билигин биири өйдүөхтээхпит. Сокуоммутугар кыра кэмпилиэктээх оскуола сэлиэнньэ социальнай уонна экономическай өттүнэн сайдар сүрүн олуга диэн статустаах. Маны тутуһан, бу тыын боппуруоһу биһиги ханнык эрэ сокуон аннынааҕы быраап аакталарынан быһаартарбакка, эппиэтинэһи бэйэбититтэн куоттарбакка, кыра кэмпилиэктээх оскуолаларбытын көмүскүөхтээхпит. Бу биһиги ытык иэспит, ону тиһэҕэр диэри толоруохтаахпыт».
Александр Жирков кыра кэмпилиэктээх оскуола дьылҕатыгар санаатын Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Ильич Еремеев өйөөтө: «Оскуола – бу нэһилиэк сайдар киинэ. Оскуолаҕа бүддьүөт үлэһиттэригэр үлэ миэстэтэ тэриллэр, уопсай үөрэхтээһин ыытыллар. Ол эбэтэр, нэһилиэк олоҕо сүрүннээн манна эргийэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ кэнники 30 сыл устатыгар оскуолалары хаалларарга уонна сайыннарарга, ону ааһан саҥа оскуолалары тутан нэһилиэктэр сайдыыларын тэтимирдэргэ, улахан үлэни ыытта. Үөрэх боппуруостарыгар өрөспүүбүлүкэ мэлдьи утумнаах бэлиитикэни ыыппыта. Оскуола - ыччаппытын иитэр-үөрэтэр, нэһилиэктэрбитин сайыннарар сүрүн тирэхпит буолар», - диэн кини бэлиэтээтэ.
Ити курдук, куоластааһын түмүгүнэн, норуот дьокутааттара Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата киллэрбит Сокуонун бырайыагын утардылар. Мунньаах тыҥааһыннаахтык ааспытынан көрдөххө, кыра кэмпилиэхтээх оскуола боппуруоһа, Ил Түмэн күһүҥҥү сиэссийэтигэр күүскэ дьүүллэһиллиэх кэриҥнээх.
С. Васильев суруйуутуттан тылбаастанна https://www.sakhaparliament.ru/index.php