Норуот дьокутаата Павел Ксенофонтов-Ойуур Байбал нуучча тылыттан киирии тыллары сахатытыыга күүскэ үлэлэһэр дьонтон биирдэстэрэ. Ол курдук, кини нэдиэлэ күннэрин сахалыы толкуйдаан утумнаахтык тарҕатар.
Онуоха, нэдиэлэ күннэрин сахатытыыга эмиэ ураты этиилээх дьон бааллара билиннэ. Ол курдук, биология билимин дуоктара, бэрэпиэссэр Гавриил Угаров-Эһээ Дьыл уонна тойуксут, оһуокайдьыт, алгысчыт, икки үрдүк үөрэхтээх Павел Алексеев кыттыһан оҥорбут барыйааннарын тарҕатан саҕалаабыттар.
Сахабыт тыла түҥ былыргы, эбиитин нуучча тылын дьайыытыгар күүскэ оҕустаран, умнулла сыспыт тыл буолан, элбэх мөккүөрү таһаарар. Ол да иһин, саҥа тыл күннээҕи олоххо бэрт эрэйинэн, үксүгэр сырдатар-иһитиннэрэр эйгэлэр нөҥүө киирэр.
Онон, нэдиэлэ күннэрин сахатытыыга туһуламмыт икки барыйааны эһиги дьүүлгүтүгэр таһаарабыт. Мантан хайатын ордорбуккутун биллэриҥ.
Нууччаттан киирии |
Эһээ Дьыл барыйаана |
Ойуур Байбал барыйаана |
Бэнидиэнньик |
Аан күн |
Аан күн |
Оптуорунньук |
Хардыы күнэ |
Ханыы күн |
Сэрэдэ |
Омурҕан күн |
Орто күн |
Чэппиэр |
Түөртүүр күн |
Чэбэр күн |
Бээтинсэ |
Биэтэк күн |
Чөл күн |
Субуота |
Сэмсэ күн |
Сүбэ күн |
Баскыһыанньа |
Өрөбүл |
Өрөбүл |
Бэйэ кэр.