Киир

Киир

1951 сыл тохсунньу 10 күнүгэр Сунтаар сиригэр, номоххо киирбит дьикти кэрэ айылҕалаах Чуона үрэх кытылыгар турар, сахалар түөлбэлээн сүөһү-сылгы ииттэн, бултаан-балыктаан нус-хас олорор Туой-Хайа диэн бөһүөлэктэригэр, инникитин саха омугу Аар саарга аатырдыахтаах уол оҕо Аҥхаабыллар аҕаларын ууһугар, уһулуччулаах үлэһит, сорсуннаах булчут Чирээх Ньукулай дьиэ кэргэнигэр төрөөн, дьонун-сэргэтин үөрдүбүтэ. Уолларын Өлөксөөндүр-Өлөөскө диэн ааттаабыттара.

Саша олох кыра эрдэҕиттэн олус сытыы, мэник-тэник, түргэн, чыпчылҕан өйдөөх оҕо буолара биллэн барбыта. Кырдьаҕастар аҕатын туйаҕын хатарар уол төрөөбүт диэн сылыктыыллара үһү. Сахаларга: «Киһи үтүөтэ саадаҕын үстэ курданар», - диэн өс хоһооно бэрт былыргыттан баар. Хайа баҕарар омукка, сахаларга эмиэ, киһи сурукка киирбит сирэй аатын таһынан кини сигилитин, атын дьонтон уратытын арыйан көрдөрөр хос ааттааһын баар. Александр Иванов, киһи киэнэ кылааннааҕа буолан, таптал хос аата олоҕун оҥкулларыгар, ситиитигэр-хотуутугар сөп түбэһиннэрэн үс төгүл уларыйбыта.

Кыра сылдьан Саша, мэнигэ, чаччылҕата бэрт буолан, туох да атах таҥаһын тулуппат уһу. Онуоха ийэтэ ыксаан хаатыҥкатыгар холуоһаны хатыыс кутунан силимнээн кэтэрдэн кэбиспит. Туой Хайа оҕолоро бөһүөлэктэригэр сыста турар хайа сирэйинэн ким хайыһарынан, ким салаасканан хатыыскалаан оонньоон дьоллонор идэлээхтэрэ. Арай Саша тоҥ холуоһалаах хаатыҥкатынан төһө эмэ үрдүк сыыртан охтубакка турбутунан сырылатан түһэр буола үөрэммит. Табаарыстара, ону сөҕөн, «Холуоһа Сааска» диэн аат иҥэрбиттэр. Дьэ, ити курдук бүдүрүйбэт сүһүөхтээх улуу тустуук буолар акылаата төрөөбүт Туой Хайатын үрдүк сыырыгар охсуллубут, чочуллубут эбит.

Сашаны, дьоҕурун таба көрөннөр, Сунтаарга биллиилээх тустуук Анатолий Габышев спортивнай оскуолатыгар ылаллар. Онно уһулуччу талаан кэлбитэ тута биллибит, хайдах да харбаатахтарына мүлтүрүйэн таба туттарбат, сымса, олох охтубат, сымыыт курдук биир кэм эргичиҥнии-кулахачыҥныы сылдьар уратылааҕын таба көрөннөр, уолаттар “Сымыыт Сааска” диэн ааттаабыттар. Ити аата кини тустуук быһыытынан борбуйун уйунар, бэйэтин тустуутун таба тайанар кэмигэр сөп түбэһэр, салгыы сайдарыгар олук уурар аат буолбут.

Александр Николаевич дьылҕатыгар сүдү оруоллаах Улуу тренер Дмитрий Петрович Коркин туһунан элбэх сырдатыы, суруйуу баар буоллаҕа. Ол эрэн кини туһунан сонун соҕус аҕыйах түгэни ахтан ааһыам этэ.

Дмитрий Петрович кэргэнэ Александра Семеновна кэпсээбитинэн, биирдэ күнүс Миитэрэй эбиэттии киирэн аһыы олорон: «Дьэ, Сунтаартан кыыс кыраһыабай уол оҕо кэлбит, кыргыттарбытын аймыыр киһи буолбут…». Бу курдук Александр Иванов, киһи таптыах курдук сэргэх оҕо, Чурапчыга тиийэн кэллэҕэ уонна тутатына учууталын хараҕынан ураты сыанабылы ылбыт.

Улуу педагог сытыы-хотуу, мэник-тэник уол кэлбитин көрөн, хайдах кинини муоһалыырын быһаара охсубут. Ол курдук, оскуола биир бастыҥ үөрэнээччитин, общественнигын, номоҕон бэйэлээх Варя Макарованы ыҥыран ылбыт уонна: "Иванов Сашаны көрөҕүн-истэҕин. Кини оскуоланы булгуччу бүтэриэхтээх!" - диэн лоп курдук этэн кэбиспит. Сашабыт инники дьылҕата бүтүннүүтэ ити биир этиинэн быһаарыллыбыт. Улуу учууталларын  «сорудаҕын» Варвара Афанасьевна-Варя, Александр Иванов кэргэнэ буолан да баран, толоро сылдьар: олоҕун устатын-туоратын тухары өрүү аттыгар, чугаһыгар сылдьан көрөн-истэн, бүөбэйдээн субу күҥҥэ дылы дьоллоохтук олороллор.

Дмитрий Петрович  аҕыйах саҥалааҕынан сурахха киирбит киһи. Иитэр-үөрэтэр да түгэнигэр элбэхтик лабысхалаабакка биир-икки тылынан оҕолор сүрэхтэригэр-быардарыгар умнуллубат гына хатанар өйдөбүллэри, толкуйдары иҥэрэр идэлээх эбит.

Биллиилээх тустуук Таатта уола Валерий Иванов кэпсээн турардаах: "Россия түһүлгэтигэр финалга тахсан сырыттахпына Дмитрий Петрович остуолга олордон кыратык аһатта уонна тобулу көрөн олорон: «Эн кимҥиний?» - диэн ыйытан соһутта. Мин хап-сабар: «Иванов Валерабын», - диэччи буоллум. Киһим саҥата суох батары көрөн олорбохтоон баран: «Суох, эн Иванов Валера буолбатаххын, эн - Саха Сирэҕин!» - диэтэ. Онтон ыла мин мэйиибэр: "Мин Иванов Валера эрэ буолбатахпын, мин Саха Сирэбин!" - диэн өйдөбул хаһан да тахсыбат гына хам хатаммыта". Бу кылгас түгэн элбэххэ да үөрэтэр: норуот иннигэр эппиэтинэстээх буоларга, омук уратытын билинэргэ, ааты-суолу өрө тутан кыайыыга дьулуурдаах, дьаныардаах буоларга.

Ити курдук Саха омук Улуу Учуутала хас биирдии оҕоҕо ураты сыһыаннаах эбит, хас биирдии үөрэнээччитин ураты сигилитин таба көрөн, онтун чочуйан, кыаммат өттүн сайыннаран, уйулҕаларын, ис туруктарын бөҕөргөтөн кыайыы аартыгар атаардаҕа. Ол иһин да этэллэр: оҕо айылҕаттан айдарыылаах  үтүө учууталга түбэһэрэ - ол кини дьоло диэн.

Тустуук быһыытынан ситэн-хотон Александр Иванов Иран курдук тустуу таҥаралаах, улуу тустууктардаах дойдуга тиийэн Норуоттар икки ардыларынааҕы «Шах турнира» диэн Аан дойду биир саамай улахан түһүлгэтигэр уһулуччулаах талаанын, искусство таһымыгар тиийбит үрдүк техникатын толору арыйан 7 утарсааччытын барыларын кумалаан, Иран норуотун сөҕүүтүн-махтайыытын, сүгүрүйүүтүн ылбыта. Иранецтар киниэхэ Сир үрдүгэр тустууктарга иҥэриллэр аат Кылаан Чыпчаалын – Улуу Пехлеван диэн ааты иҥэрбиттэрэ. Дьэ, бу кини саадаҕын үһүс курданыыта этэ, ити аата кини Улуу тустууктар кэккэлэригэр киирбитин туоһута буолбута.

Александр Иванов тустууга ситиһиилэрин, тустар ньымаларын туһунан исписэлиистэр элбэхтик суруйбуттара. Онон бу кылгас ахтыыбар ону хатылаабаппын.  Үгүс тыл сымсах, аҕыйах тыл минньигэс. Ол иһин тустуу эйгэтин биллэр-көстөр сүдү дьонун кини туһунан аҕыйах сыанабылларын ахтан ааһыахпын баҕарабын.

Александр Николаевич, бэйэтин айылҕатынан айар дьоҕурдаах буолан, улуу импровизатор тустуук быһыытынан билиниллэр. Кини турукка киирэн туста сылдьарын көрбүт хайа баҕарар киһи сөҕөр-махтайар. Александр оннук илбиһирэн туста сылдьарын көрөн, соһуйан Аан дойду тустууга федерациятын Президена Милан Эрцеган: «Иванов - это Паганини на ковре!» - диэн саҥа аллайбыттаах. Паганини киһи-аймах историятыгар биир саамай улуу скрипаһынан ааҕыллар дьиҥнээх маэстро буоллаҕа. Кини сценаҕа тахсан скрипкаҕа оонньуу туран илбиһирэн, үлүһүйэн бардаҕына нотатын киэр илгэн баран бэйэтэ саҥа, олох ураты, дьикти музыканы айан оонньуура диэн суруйаллар.

Тустуу туһунан суруйар журналистар, улахан тренердэр Александр Иванов туһунан: «Александр Иванов – борец двадцать первого века», «Высочайшая техника Александра Иванова, к сожалению, уйдет вместе с ним – ни один борец не сможет повторить его...», «Александр Иванов является одним из самых высокотехничных борцов двадцатого столетия» «Александр Иванов очень красивый борец – он эталон!» - диэн эппиттэрэ барыта сурукка-бичиккэ киирэн сурулла сылдьаллар. Ити мин сорох эрэ этиилэри киллэрдим. Александр Иванов тустуук быһыытынан хаачыстыбаларын, таһымын тустуу эйгэтин анал үөрэхтээх дьоно бу курдук үрдүктук сыаналыыллар, итинтэн ордук үрдүк хайҕал ама баара дуу дии саныыгын...

Киһи быһыытынан Александр Николаевич олус судургу, сэмэй, сахалыы киэҥ көҕүстээх, сиэдэрэй дууһалаах дьиҥнээх эр киһи. Биһиги кинини кытта уһуннук алтыспыт дьон кини кимиэхэ эмэ өһүрэ, ону уора-көстө ситиһэ сатыы сылдьарын олох билбэппит. Доҕотторугар олус тулуурдаах, хаһан да, хайдах да балыыҥкалаатахха бэрт холку, өһүргэммэт, хата эбии оонньууга-күлүүгэ кубулутан кэбиһэр идэлээх киһи. Биирдэ баанньыкка Сашаттан хаста тардынар этигиний диэн ыйыппыппар, киһим хап-сабар: “Уон иккитэ”, - диэтэ. Мин: «Пахай, доҕор, туох ааттаах мөлтөх киһигиний уонна хайдах тустубуккунуй, Прокопий Петров 150 тардынар үһү дии, дьэ бу - бухатыыр», - диэн хаадьылааччы буоллум. Онно Сашам тута: «Убаай, мин хайдах эрэ тустууга курэхтэспит курдук өйдүүбүн ээ, турникка тардыныыга буолбатах этэ дии»,  - диэн барыбытын күллэртээтэ.

Үгүс тустууктар курдук кини олус сытыы өйдөөх, тугу да эттэххинэ, ону эрэ кэтэһэ сылдьыбыт курдук сөрү-сөптөөх харданы биэрэринэн сөхтөрөр. Ити уһулуччулаах тустуук доҕотторбутугар барыларыгар баар ураты хаачыстыба. Доҕотторбут Алквиад Иванов, Илларион Федосеев, Василий Гоголев, Петр Юмшанов бары ураты сытыы тыллаахтар, хапсаҕай өйдөөхтөр, киһи сэрэнэн кэпсэтэр дьонноро.

Улуу тренер Георгий Бураков Александр Иванову олох ураты айдарыылаах тустуук быьыытынан сыаналыыр уонна биир түгэни бэлиэтээбит этэ. Саша олох ураты талаан буоларын  бэлиэтии көрөн, оскуоланы бүтэрээтин кытта Киевка киниэхэ дьарыктана кэлэригэр ыҥырбыт. Онуоха Саша: «Доҕотторбун кытта бэһиэбит, барыбытын физкультура институтугар конкурса суох ылар буоллаххытына, барабын», - диэн эппиэттээбит. Бураков ол саҕана кафедра салайааччыта буола илик кэмэ, көннөрү преподаватель эрэ, ол иһин Саша көрдөһүүтүн кыайар кыаҕа суох эбит. Онон Саша Бураковка барбакка, кини ити усулуобуйатын толорбут Алма-Ата институгар киирбит. Доҕотторо бары үрдүк үөрэхтээх специалистар буолбуттара, олохторугар кэккэ ситиһиилээхтэр. Ити кини доҕотторугар хайдах курдук истиҥ сыһыаннааҕын, дууһата сиэдэрэйин көрдөрөр. Ол эрэн диэххэ дуу, Бураков ити ахтыытыгар салгыы этэр: «Саша Киевка дьарыктаммыта буоллар, Олимпиаданы, Аан дойдуну ылыахтаах этэ...» - диэн. Киһи ити этиини итэҕэйэр. Ол саҕана тустуу Украинаҕа Казахстаннааҕар быдан үрдүк таһымҥа турар этэ уонна Саша Алма-Атаҕа үчүгэй тренерэ суоҕа. Манна даҕатан, Олимпийскай чемпион бөлүһүөк өйдөөх Павел Пинигин этиитин өйдөөн кэллим: «Спорт эйгэтигэр, улахан күрэхтэргэ уһулуччу улахан сыалы туруоруммут киһи бэйэмсэх соҕус буолара ирдэнэр эбит, тоҕо диэтэххэ олоххо үөскүүр ол-бу быстах түгэннэргэ аралдьыйбакка Улуу сыалгын эрэ иннигэр көрөн айаннаатаххына, ол сыалгар тиийэҕин», - диэн. Бэйэтин туһугар эмиэ сөптөөх толкуй курдук дии. Бу түгэн киһини олус да толкуйдатар, ону хас биирдии киһи бэйэтэ эрэ анаарар буоллаҕа.

2015 сыллаахха билсибит харачаай омук аксакала Абрек Левшоков маҥнай көрсөөт: «Сахалар кинигэ бэлэхтээтилэр, онно Александр Иванов туһунан ахтыллыбатах, ол тоҕо?» - диэн ыйытан соһутан турар. Туох диэн эппиэттиэхпин билбэккэ мунааран баран: «Билиҥҥи спорт салалтатын кытта уопсай тылы булбат быһыылаах», - диэн ханарытан соҕус хоруйдаатым. Ону киһим тута: «Мин оннук быһыылаах дии санаабытым. Саша олох эдэр эрдэҕиттэн барытыгар бэйэтэ толкуйдаах, туһунан көрүүлэрдээх буолара уонна ол санаатын төлөрүппэт этэ, ол уратытын илдьэ сылдьар эбит буоллаҕа». Ити мындыр өйдөөх Кавказ аксакала олох оҕо, эдэр сылдьан көрсөн ааспыт дьоннорун олус да табатык сыаналыырын, ону сурэҕэр сөҥөрөн илдьэ сылдьарын билиҥҥэ диэри астына саныыбын.

Бу курдук дойдубутуттан тэйиччи ханна да сырыт Александр Ивановы билэр, туоһулаһар дьон үгүс буолар. Кини бу курдук олоҕун устатын-туоратын тухары сахатын норуотун атын омуктар да ортолоругар урдук таһымнаахтык ааттатан кэллэ. Кини курдук тумус дьоммут үрдүк аналлара – норуоппут аата-суола, ситиһиитэ аан дойдуга дуорайарыгар уонна бэйэлэрин тула барыбытын түмүүгэ.

Александр Николаевич тустуу сайдыыта сыыһа хайысханы ылбытын, саха тустуутун оскуолата алдьанан, кэхтэн эрэрин олох эрдэттэн билэн, араас таһымҥа туруулаһа, мөккүһэ сатаабыта кэмигэр өйдөнүллүбэтэҕэ. Түмүгэр ол туруулаһыыта бэйэтигэр охсуулаах буолбутун бары билэ-көрө сылдьабыт. Кинини батыгаһа суох, айдааннаах, туһата суох мөккүөрдэри тэрийэр киһи курдук өйдөбүлү, хомойуох иһин, үөскэтэллэр, тренер быһыытынан тугу да көрдөрбөтө диэн санааны олоҕо суох соҥнууллар.

Ол эрэн Александр Николаевич баар алҕастары уот харахха ыйар, ону туоратар суоллары тобулар, ол кырдьыгын туһугар кэннинэн кэхтибэккэ туруулаһар. Ити кини ураты хорсун санаалааҕын, күннээҕинэн, бэйэтигэр эрэ барыыстааҕынан көрөн олорботун туоһута. Ол иһин дьиҥнээх тустууну таптааччылар Александр Николаевиһы ытыктыыллар, истиҥник таптыыллар, норуот геройунан билинэллэр, сүгүрүйэллэр. Дьиҥэр, Александр Николаевич курдук сүдү, тумус дьоммутун хааһахха илдьэ сылдьан сүбэһит оҥостон сайдыы суолунан чиҥ үктэллээх барыах тустаахпыт.

Александр Иванов уһулуччулаах тустуук эрэ буолбатах, кини элбэх ситиһиилээх үрдүк таһымнаах тренер. Үлэтин түмүктэрин иитэн-такайан таһаарбыт тустууктара, кинилэр ситиһиилэрэ туоһулууллар. Ол курдук, кини 10-ча международнай кылаастаах маастардары ииттэ, үөрэнээччилэрэ Валерий Керемясов, Николай Яковлев Россия чемпионнара буолбуттара, Михаил Протопопов Аан дойду кубогын боруонса призера, кинилэр үһүөн ССРС сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар киирэ сылдьыбыттара. Петр Малардыров Александр Николаевич салалтатынан дьарыктанан Россияҕа иккитэ бастаабыта, үөрэнээччитэ Ньургун Иванов Ярыгин турнирын кыайбыта, Андрей Яковлев кини бэлэмнээһининэн Ярыгин турнирыгар иккис буолбута, ССРС сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэ сылдьыбыта. Онон, Александр Николаевич туох да мөккүөрэ суох сахаларга биир саамай үрдүк ситиһиилээх тренер быһыытынан билиниллэр.

Александр Николаевич үрдүк маастарыстыбатын, тустууну билэр таһыма үрдүгүн, тренер быһыытынан опытын барытын учуоттаан Тустуу федерациятын саҥа салалтата, тустууну тэрийээччилэр кинини Саха Республикатын көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандатын консультант-тренеринэн анаабыттара тустууну таптааччылары олус үөрдүбүтэ, астыннарбыта. Кини бу үлэтигэр саҥа анаммыт тренер-консультант олимпийскай чемпион Гаджимурад Гацаловы кыта сүбэлэрин холбоон тустуубут инники сайдыытыгар элбэх туһаны аҕалыахтара диэн эрэл санаа баар.

Александр Николаевич олоҕун бу дьоһуннаах кэрдиис кэмин дьоллоохтук-соргулаахтык олорон кэллэ. Олус элбэх ситиһиилэрдээх,  сахатын норуота кинини дириҥник ытыктыыр, онтун киниэхэ истиҥ сыһыанынан биллэрэр. Тапталлаах кэргэнин Варвара Афанасьевнаны кытта оскуола саҕаттан бастакы тапталларын бүөбэйдээн билиҥҥэ диэри илдьэ кэллилэр, үс оҕо ийэтэ-аҕата, элбэх сиэн эһэтэ-эбэтэ буолар дьолу толору билэн олороллор.

vYONfVauXB

Убаастыыр доҕорбун Александр Николаевиһы, ытык-мааны кэргэнин Варвара Афанасьевнаны, оҕолорун-сиэннэрин ыал Аҕа Баһылыгын төрөөбүт күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин, дьолу-соргуну, алгыстаах олоҕу баҕарабын!

                                                                                                                                 Игорь Игнатьевич Николаев